
1911 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха Сээс Ипирдиэнин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, хайа үөрэҕин техникумугар Алдаҥҥа үөрэнэр.
1942 с. соҕуруу үлэлии сылдьан Серовскай оройуон байыаннай комиссариатыттан сэриигэ ыҥырыллар. Гвардия младшай сержанынан 45-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа 50-с огиптд (отдельнай гвардейскай истребительнай противотанковай дивизион) кэккэтигэр сэриилэһэр.
1943 с. тохсунньу 16 күнүгэр “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн (ЦАМО ф. 33, о. 682526, д. 482), 1943 с. бэс ыйын 1 күнүгэр
“Ленинград көмүскэлин иһин” мэтээлинэн (ЦАМО ф.1148, о. 2, д. 132) наҕараадаламмыт.
1943 с. от ыйын 25 күнүгэр өлбүт, Бастаан Ленинградскай уобалас, квадрат 3690 көмүллүбүт, кэлин Всеволожскай оройуон Дубровка бөһүөлэгэр баар «Часовня» братскай могилаҕа көһөрбүттэр.

Хорсун саллаат
Кардашевскай Филипп Спиридонович 1911 с. Балаҕаннаахха төрөөбүтэ. Сэттис кылааһы Үөһээ Бүлүүгэ бүтэрбитэ. 1930 с. Алданҥа көмүс үлэтигэр икки сыл шахтаҕа үлэлээбитэ. 1935 с. Алданнааҕы хайа техникумугар үөрэҕин салҕаабыта. Үөрэҕэр үчүгэй буолан Сталинскай стипендияны ылбыта. 1937 с. үөрэҕин бүтэрэн, специалист быһыытынан Алдаҥҥа икки сыл салгыы үлэлээбитэ. 1939 с. Челябинскай куоракка үлэтин салгыыр. 1942 с. Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта, Ленинград куораты өстөөх төгүрүктээһиниттэн босхолуур кыргыһыыларга противотанковай пушканан сэриилэспитэ. 1943 с. тохсунньу 12-19 күннэригэр буолбут кырыктаах кыргыһыыларга героизмын иһин «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ф. С. Кардашевскай хорсун саллаат. Ийэ дойдутугар бэриниилээх патриот быһыытынан өһүөннээх өстөөҕү утары охсуһа сылдьан 1943 с. от ыйын 25 күнүгэр өлбүтэ, Ленинград куоракка көмүллүбүтэ.
Е. Е. Попова-Харабынова
«Балаҕаннаах-төрүт сирбит» кинигэтиттэн
«Ленинград көмүскэлин иһин» мэтээл наградной лииһэ (ЦАМО ф.1148, о. 2, д. 132)
Дорооболоруҥ уб. убайдарым Хаппытыан, Ньомньоо, Бочо!!!
Өлүөрбүн. Ленин куоратыттан 8 биэрэстэлээх дэриэбинэҕэ баарбын. Тохсунньу ый 12 күнүгэр сэриигэ учаастыйа ылбытым. Таанканы утары тэргэн саанан ытыалаабыппыт ньиэмэстэри. Тохсунньу 12 күн 19 күнүгэр дылы Ленин куоратын ньиэмэс төгүрүйэн сыппыт тиэрбэһин быспыппыт. Бу сэриигэ миигин наҕараадалаабыттара «За боевые заслуги» диэн мэдээлинэн. Билигин сынньалаҥҥа сылдьабыт. Ас кыһалҕата суох сэрии быһыытынан холоотоххо. Бары атын боруоннарга биһи Кыһыл аармыйабыт модуннук иннин диэки барда ньиэмэһи хотон үүрэн эрэр. Сотору биһиги Ленин куоратын ньиэмэс өлүүнэн ыраастыахпыт, оччоҕо биһиэхэ кэлиэ эмиэ урукку дьолллоох олохпут. Мин хаста да суруйбутум; мин сурукпун ылаҕыт дуу суох дуу билбэппин? Тоҕо суруйбаккытый? Өлбүтэ буолуо диигит дуу? Өлүөхпүн баҕара иликпин, өлүөм да суоҕа бу сэриигэ. Сурукпун ылларгыт эрэ суруйуҥ хайдах олороргутун тугу үлэлииргитин. Сэрии бүттэҕинэ дойдубар бара сылдьыам.
Мин аадырыһым: 121 полевая почта часть 807 Кардашевскому Филиппу Спиридоновичу.
Хааллым Хардасыабыскай.
Тохсунньу ый 29 күнэ 1943 сыла.
Сурук балаҕан ыйын 21 күнүгэр 1943 с. туппуттар.

