Кардашевский Илья Ильич-Хатырыктаах

1914 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха Баһыкка Ылдьаата дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ Анна Ивановна Кардашевская. «Кыһыл үлэһит» холкуоска бухгалтерынан үлэлээбитэ.

1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Соҕуруулуу-Арҕааҥы фронт (ЮЗф) 21-с Армия  226 стрелковай дивизия 985-с стрелковай полкатыгар сэриилэһэ сылдьан, 1942 с. олунньу 14 күнүгэр өлбүт.

Донесение о потерях. (ЦАМО ф. 58, о. 818883, д. 367)

Курскай (билигин Белгородскай) уобалас, Сажненскай (билиҥҥитэ Яковлевскай) оройуонун Сабынино селение кылабыыһатыгар көмүллүбүт.   

Кардашевскай И.И. көмүллүбүт братскай могилата

         Уоллара Ылдьаа өлбүтүн туһунан хара суругу туппут Кардашевскайдар, аны иккис уолларын атаарар ыарахан күннэрэ үүммүтэ.  Ийэ сүрэҕэ барахсан, уолун бу бүтэһиктээҕин көрөрүн сэрэйэн, борохуокка киирэн эрэр Наһаарын кэнниттэн, эбэ уутун тобугар дылы кэһэн киирэн туран икки хараҕын уутунан суунан, ытаан-соҥоон атаарбытын биир дойдулаахтара билэллэр. Тыһыынчаннан килэмиэтир ыраах Ылдьаа сытар уҥуоҕар, уолун сэриигэ атаара турар ийэлээх уол ойууламмыта, ордук дириҥ ис хоһооннонон киһи сүрэҕин таарыйар.