Аянитов Александр Алексеевич

1895 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт. «Кыһыл үлэһит» холкуос үлэһитэ.
1944 с. тохсунньу ыйга штрафной батальоҥҥа сэриигэ барбыт. 134-с штрафной ротаҕа сэриилэспит.
1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит.
1975 с. ыалдьан өлбүт.

             Өлөр өлүүнү утары – кыһыл илиинэн

Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕын олохтооҕо, “Кыһыл үлэһит” холкуос чилиэнэ Александр Алексеевич Аянитов сэрии инниттэн холкуос сүөһүтүн үүрэн эккэ туттараары элбэхтик айаннаабыта. Алдан, Дьокуускай, Өлүөхүмэ суолларын уллуҥаҕынан мээрэйдээбитэ. Оннооҕор Охотскайга тиийэ сылдьыбыта. Ол сылдьан холкуос харчытын итэтэн сууттанан хаайыыга түбэһэр. Ити 1943 сылга этэ. Арҕаа сэрии уота күүдэпчилэнэрэ.

Өлөксөөн Айанньыытап сэрии кэминээҕи кытаанах сокуон кыһарыйыытынан арҕаа ыстарааптаммыттар батальоннарыгар 134-с ротаҕа түбэһэн сэриилэһэр. Маршал Рокоссовскай армиятын састаабыгар.

Айанньыытап уоттаах сэриигэ түөрт эрэ күн сылдьар. Ити күннэргэ уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрөн өстөөх икки танкатын уматар. Ыстарааптаммыттары танканы утары миинэни сүктэрэн баран инники кирбиигэ үүрэн киллэрэллэр эбит. Пулемет, автомат буулдьатын, снаряд үлтүркэйин быыһынан таптарбакка инники сыыллан киирэн миинэлэринэн өстөөх таанкатын үлтү тэптэрэр. Төрдүс күнүгэр үөрүйэҕинэн иккис таанкатын уматар. Бу тиһэх кыргыһыытыгар Өлөксөөн сыа тилэҕэр оскуолка түһэн кыайан хаампат буолар.

Өлөксөөн дойдутугар 1945 сыл саас кыайан дугуммат, баттык тайахтаах эргиллэр. Хаайыыга утаарыллыбыт, өссө ыстарааптаммыттар батальоннарыгар түбэспит, эргиллибэт буолбут дэммит киһи бойобуой уордьаннаах, мэтээллээх дойдутун буорун булар. Кэргэнэ Евдокия, кыыһа Мария онно үөрбүттэриэн! Аччыктааһын, хоргуйуу сорун-муҥун көрбүт дьоҥҥо былыт быыһынан күн тыкпыта.

Өлөксөөн сэрии кэнниттэн Нам нэһилиэгэр олохсуйар. Атаҕын бааһа оһор. Иккиһин кэргэннэнэр. “Чолбон” холкуоска (кэлин Исидор Барахов аатын ылбыта) сүөһү көрөөччүнэн, бостуугунан үтүө суобастаахтык үлэлиир. Өлөр өлүү дьаардаах айаҕыттан төлө көтөн тахсан дойдуга эргиллэн үлэлии-хамсыы, дьон ортотугар сылдьыы киниэхэ дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сэрии кыттыылаахтара бары даҕаны эйэлээх олоҕу наһаа күндүтүк саныыр уонна сыаналыыр дьон этилэр. Ол да иһин кинилэр ханнык үлэ түбэһэринэн, күүстэрэ кыайарынан үөрэ-көтө үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара, айбыттара-туппуттара.

Өлөксөөн Айанньыытап оҕонньор багдаллыбыт улахан уҥуохтаах, модьу-таҕа, нууччалыы кыһыл дьүһүннээх киһи этэ. Хайдах эрэ аатырбыт антифашист-суруйааччы Эрнест Хемингуэйгэ майгынныыра. Куолаһа олус хатана. Сүөһүнү үүрэн иһэн хаһыырдаҕына эһэ часкыйарыттан туох да атына суох буолааччы.

1965 с. Улуу Кыайыы 20 сылыгар Өлөксөөн дьону кытта хаартыскаҕа түсүһэ сылдьарын өйдүүбүн. Оччолорго сэрии ветераннара элбэхтэр этэ. Өлөксөөнү биирдэ даҕаны ветеран быһыытынан чиэстээн эрэллэрин көрбөтөҕүм. Кини ханна, хайдах сэриилэспитин хантан да булан ааҕар кыах суох. Бу киһи холобура суох хорсун быһыытын  – аҕыйах күн иһигэр немец аатырбыт, туох да кыайбат дэммит “Тигр” икки танкатын умаппыт чахчытын  үүнэр көлүөнэ ыччат билиэх уонна сөпкө сыаналыах тустаах диэн бу ахтыыны суруйабын.

1975 сыл кыһын 80-тан тахса саастаах Өлөксөөн Айанньыытап сирдээҕи олоҕун түмүктээбитэ, кини  олоҕун билигин сиэннэрэ салгыыллар.

Виталий Попов, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 05.05.2006 с