Аянитов Игнатий Александрович

1923 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт.
1943 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт.
1 Беларусскай фронт 49-с стрелковай дивизия 212-с стрелковай полкатыгар сэриилэспит.
1944 с. муус устар 8 күнүгэр “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
1944 с. сэрииттэн эргиллибит.
1997 с. өлбүт.
Наградной документ (ЦАМО ф. 33, о. 690155, д. 1909)

Аянитов Игнатий Александрович ахтыыта

Мин 1943 сыл бэс ыйыгар 18 сааспар сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэни туппутум. Маҥнай Тас Монголияҕа сулууспалыы тиийбитим. Сахалар хас да этибит. Агитация кыайан уонча уолу, ол иһигэр миигин, пулеметнай ротаҕа ыллыллар, «акка тиэллэ» сылдьыаххыт дииллэр. Спиридонов Петр Петровиһы (Бэллэкэ Бүөтүрү) сибээскэ ыллылар. Сибээс хамандыыра саха эбит. Халкин-Гол күөл кыргыһыытыгар сылдьыбыт офицер. Биһиги тачанкаҕа сылдьыахпыт диэбиппит баара, 50-ча киилэни, 8-9 дискэни санныбытыгар сүгэ сырыттыбыт. Сүгэн баран истиэп устун барабыт. Лээмкэтэ улахан баҕайы. Бастакы наводчик нүөмэрин ыллым. Чайваншаҥҥа мунньахха сырыттыбыт, хайгыыллар эҥин быһыылаах.

Өктөөп бырааһынньыгар үчүгэйдик бырааһынньыктаттылар, аһаттылар. Ол кэннэ «Союзка бараҕыт» диэтилэр. Үөһээ Бүлүүттэн Михайлов Еремей, Петров Лэгэнтэй, Далыртан Акимов Ньукулай, Ороһуттан Татаринов Игнатий, барыта 40-ча киһи Союзка киирдибит. Улан-Удэҕэ тимир суолга киллэрэн ыыттылар. Улахан куораттарга аара эбиэттэтэллэр. Табаарынай вагонунан айанныыбыт. Ивановскай уобаласка тиийэн сүөккээтилэр, онно офицердар тоһуйдулар. Сержаннары бэлэмниир оскуолаҕа үөрэнэр буоллубут. Миигин кытта Ильин Семен Поликарпович, Николай Акимов үөрэнэллэр, ол сылдьан дьиссипилиинэни кэһэн үүрүлүннүм. ПТР-га бардыбыт. Остолобуойга мас тастараллар, хатыҥы сүгэн аҕалан. Аны маассабай ротаҕа барар буоллугут диэтилэр. Баанньыктаттылар, сабыс-саҥа таҥаһы: тэлигириэйкэ, бэргэһэ, хаатынка биэрдилэр. Духо- вой оркестрынан атаарыллан арҕаа айаннаатыбыт.

Айаннаан иһэн көрдөхпүтүнэ, Вязьма куоракка турбалар эрэ хороһон көстөллөр. Фронт чугаһаатаҕын аайы поезпыт түүн эрэ айанныыр, күнүс турар. Оннук айаннаан иһэн аара биһигини поеһы тохтоппокко эрэ сиргэ ыстаннардылар. Поезпыт салгыы бара турда. Биһигини түһээппитин кытта офицердар бөҕө тоһуйан ыллылар, хантан кэлбиттэрэ буолла? Миигин, Татариновы, Акимовы хабыс-хараҥаҕа илтилэр, биир сиргэ землянкаҕа тириэртилэр. «Манна сытыҥ», — диэтилэр. Харыйа тэллэх, икки өттө аһаҕас, ортотугар тимир оһохтоох. «Эһиги хараххыт сытыы, разведчиктар буолаҕыт», — диэн буолла. Акимовы штабка ыҥырдылар. Киэһэ үөрэхтэн кэлбиппит киһибит суох мөһөөччүгэ эмиэ суох. Куухунаҕа бардаҕа диэн көрдөөтүбүт да булбатыбыт. Нөҥүө күнүгэр аны Татариновы ыҥырдылар, эмиэ Акимов курдук буолуо диэн быраһаайдастыбыт. Соҕотоҕун хаалан хааллым…

Өстөөх самолета бөҕө көтөр, орудие тыаһа иһиллэр. «Инники кирбиигэ ыыт», — диэн көрдөстүм, тэһийбэтим. Саппаас ис таҥаспын хортуоппуйга мэнэйдэстим, онтум иһин гауптвахтаҕа уктулар. Онтон аҕыйах чаас буолан баран: «Инники кирбиигэ киирэҕин», — диэтилэр. От-мас кумалламмыта сүрдээх, атын дойдуга айаннаан иһэр быһыылаахпын. Күнүс харыйа быыһыгар хорҕойобут, түүн эрэ сыҕарыйабыт. Арай биирдэ түүн 2 биэрэстэлээх сиргэ тиийэҕит диэн буолла. Онно тиийэн траншеяҕа киллэрдилэр, алын өттө бадарааннаах быһыылаах. Ити курдук, 1944 с. Кыһыл Армия күнүгэр инники кирбиигэ киирдим. Тууна бааммыт дьон түүн кэлэллэр, автомат туттардылар, уонна иитиҥ диэн буолла.  Иккилии чаас буола-буола уларыталлар, онно ытыалас да ытыалас буолаҕын. Сарсыарда аһылыгы термоһынан таһаллар. Термостарын дьөлө ытан кэбиһэллэр. Нууччалар табаахсыттара сүрдээх, көрдөөтөхтөрүнэ табахпын биэрэбин. Миэхэ туттараллар, табах хаһаайына буоллум. Күнүс даҕаны, түүн даҕаны өстөөх ытара ханна барыай, автоматынан, пулеметунан ыталлар.

Рота командира ыйытта: «Ханна үөрэммиккиний?» – диэн. Мин: «Монголияҕа», – диэтим. «Станковай пулеметунан үлэлээ, огонь по одиночной!» – диэн хамаандалаата. Ыппытым кэннэ «1 наводчиккын быһыылаах», – диэтэ. Ол кэнниттэн, хата, станкист гымматылар. Биир сарсыарда командир ыҥыран киллэрдэ: «Дьэ саллаат, нуормаҕын ис, инники кирбиигэ киирэҕин», – диир. Инники кирбиигэ 3-4 күн сырытыннаран баран сынньаттылар. Онно да сүгүн сырытыннарбаттар, үөрэтэллэр, баанньыктаталлар. Инники кирбиигэ сынньалаҥҥа түүн тревогалаан атын сиргэ илдьэллэр. Бааһырбыттар эҥин бөҕө бааллар.

Кулун тутар 2-3 күннэригэр Чаус диэн куорат (оройуон киинэ быһыылаах) аттыгар кэллибит. «Сарсыарда Чауһу ылаҕыт», – диэн бирикээһи туттубут. Биһиги дьоммут артиллериянан сим да сим. Икки күн кыайан ылбатыбыт. Үһүс күнүгэр саҥа чааһы аҕаллылар. 1-гы траншеяны ылсан баран, 2-с траншеяҕа араанньы буолан таҕыстым. Өстөөх уҥа флангаттан атаакаҕа таҕыста диэн буолла. Икки илиибин курдаттыы таптардым, нөҥүө илиим тостубут. Биир оҕонньор бэрэбээскилээтэ, күнү быһа эрийдэ. Кини да сынньаныан наада, «арыый сэллии түстүн» диир. Онуоха биир кырдьаҕас саллаат эттэ: «Араанньы буолан иһэр буолбат дуо?! Хобуураҕын тимэхтэн эбэтэр бэйэҕин ытан кэбиһиэм!» – диир. Аттыбытыгар немец өлөн умса түһэн сытар. Оҕонньор ол немец саатын ылан сүктэрдэ. Окуопа иһигэр санчааска кэллим да ол саабын бырахтардылар. «Хаамар кыахтааххын дуо? Сатыы санчааска таҕыс», – диэтилэр. Онно бэрэбээскилээн баран полевой госпиталга Ярославль куоракка илиим уҥуоҕун хам баайан өр сытыардылар. Челябинскайга Троицкай куоракка эмтэнэн, хаан куттаран 1944 с. балаҕан ыйыгар дойдубун буллум. Алта ыйга уоппускаҕа ыыттылар.

Миитэрэй Наумов “Кинилэр дьоллоох саллааттар этэ”, 2015 с. кинигэттэн.