Дмитриев Максим Васильевич

1915 с. Нам нэһилиэгэр Такырыйа Баһылайа дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ Николаева Акулина Константиновна.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. Байыаннай пересыльнай пуун докумуонуттан: 1942 с. олунньу 24 күнүгэр Забайкальскай фронт 4-с запасной стрелковай дивизия 67-с запасной стрелковай полкатыттан 551-с стрелковай полкаҕа ананан барбыт. 551 стрелковай полкаҕа  сылдьан  ыам ыйын 1 күнүгэр Череповецка 1825 № госпитальга киирбит, бэс ыйын 8 күнүгэр кыайан өрүттүбэккэ өлбүт.
Вологодскай уобалас Череповец куорат Городской питомник уулуссатын 1№ кылабыыһатыгар көмүллүбүт (Филиал ЦАМО (военно-медицинских документов).
(ЦАМО ф. 8351, о. 0118513, д.18)