Докторов Иннокентий Егорович-Көҥкөө

1918 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт. Кыра оҕо эрдэҕинэ төрөппүттэрэ өлөннөр, аймахтарыгар иитиллибит. Боотулууга арыы собуотугар маастарынан үлэлии сылдьан 1943 с. бэс ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Киниттэн икки кыыс оҕо хаалбыт.
19-с гвардейскай стрелковай дивизия, 56-с гвардейскай стрелковай полкаҕа сэриилэспитэ. 1944 с. олунньу 4 күнүгэр кыргыһыыга өлбүт, Белоруссияҕа Витебскай уобалас Барышино сэлиэнньэттэн 200 м. илин диэки көмүллүбүт.
Донесение о потерях. (ЦАМО ф. 58, о. 18002, д. 286)
56 гв.сп боевой журналыттан. (сайт pamyat-naroda.ru)