1908 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт. «Кыһыл үлэһит» холкуос чилиэнэ. Сэриигэ барарыгар кэргэнэ Христина икки уол, икки кыыс оҕолоох хаалбыттар.
1943 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Өйдөбүнньүк кинигэҕэ Константинович диэн суруллубут, онтон Бүлүүтээҕи призывной списокка аҕатын аата Игнатьевич, 1908 с.төрүөх диэн суруллубут.
1945 с. тохсунньу 4 күнүгэр Забайкальскай фроҥҥа сулууспалыы сылдьан, землянка умайыытыгар түбэһэн өлбүт. Монголияҕа көмүллүбүт.