
1913 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүтэ. 1933-1934 сс. Дьокуускайдааҕы национальнай-байыаннай оскуола курсана. 1938 с. ОСОАВИАХИМ киин оскуолатыгар Москваҕа үөрэнэр. 1941 с. Кэбээйиттэн армияҕа ыҥырыллыбыта. Мл. лейтенант, взвод хамандыыра Хотугулуу-Арҕааҥы фронт (СЗф) I гвардейскай корпус 542 биригээдэтигэр сэриилэспитэ. 1942 с. кулун тутар 17 күнүгэр 4-с Армия 44-с стрелковай дивизия 305 кавалерийскай стрелковай полкатын састаабыгар сылдьан Ленинградскай уобалас, Киришскай оройуон, Андреево дэриэбинэ аттыгар кыргыһыыга улаханнык бааһыран өлбуттэр испииһэктэригэр кытта киирбитэ. Бу манна ылбыт ыарахан бааһырыытыттан госпиталларга өр эмтэнэн, иккис группалаах инбэлиит буолан, 1943 с. дойдутугар кэлбитэ. 09.05.1945 с. ыам ыйын 9 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, 1966 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр «Кыһыл сулус» уордьанынан, 1985 с. муус устар 6 күнүгэр “Аҕа дойду сэриитэ” I истиэпэннээх уордьанынан наҕараадалламмыта. 2007 с. өлбүтэ.
Олоҕун олуктара
«1913 с. муус устар 15 күнүгэр Балаҕаннаахха олорор Докторов Игнатий Ивановичка төрдүс оҕо – уол төрөөбүтэ. Бу оҕону тоҕус хоммутун кэннэ, Игнатий Иванович убайа Константин Иванович илдьэ барбыт уонна Докторов Никита Константинович диэн ааттаабыт. Никита оҕо сааһа Саллыгынай алааска ааспыта.1922 с. бастакы кылааска Үөһээ Бүлүүтээҕи оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. 1929 с. сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, Балаҕаннаахха холкуос биригэдьиирэ буолар. Манна сылдьан 1930 с. комсомуол кэккэтигэр киирэр, араас культурнай үлэлэргэ кыттар: хотону дьиэттэн араарыы, дьону сурукка-бичиккэ үөрэтии түбүгэ, таҥараны, абааһыны утары үлэлэр киниэхэ эмиэ тиксэллэр. 1933-34 с. Дьокуускайдааҕы национальнай-байыаннай оскуола курсана, 1934 с. сайыныгар, үөрэнэ сылдьан, татаардар сабантуйдарыгар Аргылла бухатыыры курдаһан тустууга охторор. 1934 с. сэтинньигэ саха национальнай оскуолатын бүтэрэр уонна Бүлүү куоратыгар кэлэр. Манна 1938 с. диэри үлэлиир. Москваҕа ОСОАВИАХИМ киин оскуолатыгар үөрэнэр. Үөрэнэр кэмнэригэр Никита Константинович күүс өттүнэн иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. Онно үөрэнэн младшай лейтенант званиелаах офицер буолар уонна снайпер удостоверениетын ылар. Дойдутугар кэлэн баран, Никита Константинович сэрии буолуор диэри, Кэбээйигэ ОСОАВИАХИМ председателинэн үлэлиир. Сэрии саҕаламмытыгар, тылланан туран, от ыйыгар 1941 с. фроҥҥа барар. 1-кы Гвардейскай корпус 52 биригээдэтигэр лейтенант званиелаах стрелковай взвод командирынан сэриини көрсөр. 1942 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Никита Докторов Старая Русса куорат таһыгар сэриигэ ыараханнык бааһырар уонна хас да госпиталларга эмтэнэн, иккис группалаах сэрии инбэлиитэ буолан дойдутугар 1943 сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлэр. Бастаан Кэбээйигэ райкомҥа пропаганда отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Онтон 1944-45 үөрэх дьылыгар Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар военруктуур. Ол сырыттаҕына партия обкома Эдьигээн райсоветын председателин солбуйааччынан аныыр. Манна уһуннук үлэлээбэт, 1945-46 с. ОСОАВИАХИМ киин сэбиэтин солбуйааччы председателинэн Дьокуускайдыыр. Онтон, бэйэтэ тылланан Усуйаанаҕа тиийэр, бастаан Уйаандыга, онтон Тумакка Ленин аатынан холкуоска председателлиир. Манна элбэх үлэни ыытар, колхоһа бөдөҥүүр, кэлин миллионер холкуос буолар. Электричествоны киллэттэрэр, оскуола, балыыһа дьиэлэрин кэҥэттэрэр, бастакы тракторы, катеры аҕалан үлэлэтэр. Кини туһунан билигин Усуйаана олохтоохторо улаханнык ытыктаан, аламай тылынан ахталлар. 1959 с. дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ көһөн кэлэр. Кини манна, бастаан, Исидор Барахов аатынан холкуоска солбуйааччы председателинэн, онтон оройуон киинигэр коммунальнай хонтуора начальнигынан, оройуоннааҕы совет гражданскай оборонаҕа штабын начальнигынан үлэлиир. 1968 с. пенсияҕа тахсан баран, революционнай боевой Албан аат кулуубун председателинэн босхо уонча сыл үлэлиир. Ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, спорт көрүҥнэрэ сайдалларыгар сыратын биэрэр, ыччат ытык сүбэһитэ буолар.»
Николай Федорович Иванов, С. Ө. үтүөлээх учуутала, 02.12.2018


Хорсун холобур туһунан
Аҕа дойду сэриитигэр норуоттар доҕордоһууларын туһунан Никита Константинович Докторов биир хорсун холобуру кэпсээн турардаах: «Биһигини, түөрт араас омук офицердарын оһуобай сорудахха ыыппыттара. Онно бааллара казах, украинец, нуучча, саха офицердара: Ростовтан сылдьар нуучча уолун Николаевы уруккуттан билэр, убаастыыр этибит. Түүн хайыһарынан сорудахпытын толоро бардыбыт. Тииттэри таарыйар таарыйбат самолет ааһар, от аата өстөөх лаппа чугаһын сэрэйбиппит. Ырааһыйаҕа киирээппитин кытта автоматтар тыастара таһыгырыы түстүлэр. Ойуур иһэ бараҥнас дьон. Гранаталарбытын быраҕаат, хаарга умса түстүбүт. «Хенде хох» диэн саҥа иһиллэрэ. Мин хайыһарым аҥаара тостон, аҥаар атаҕым хаарга батары түстэ. Атахпын хостоору хамсаатахпына буулдьалар сиритэ-хайыта ааһаллар. Биһигини тыыннаахтыы тутаары гыналларын сэрэйэн, ордук ыксаабыппыт. Онно Николаев «Түргэнник барыҥ. Ким да тыннаахтыы түбэспэтин, хас биирдии сөкүүндэ күндү» – диэт гранататын немецтэр диэки кыыраппыта. Ити түгэҥҥэ түбэһиннэрэн тыаҕа түстүбүт. Автомат тыаһа өргө диэри сүппэтэҕэ, ол аата биһиги хорсун хотойбут тыыннаахтыы бэриммэккэ билигин да ытыалаһа сытара. Биһиги этэҥҥэ тиийэн, бакыаты чааспытыгар туттарбыппыт, ону кытта тревога оҥорон, Николаевка көмөҕө барбыттара да, сырдык тыынын баттаспатахтара. Сарсыарданан немеһи билиэн тутан кэлбиттэрэ. Биһиги бойобуой доҕорбут өстөөх тоһууруттан бэйэтин толук ууран туран биһигини уонна чаастарын быыһаабыта. Ити немец десаннара самолетунан быраҕыллан, биһиэхэ уоран саба түһээри гыммыттара табыллыбатаҕа. Төһө да өлбүтүн иһин, биһиги истиҥ доҕорбут, гвардия старшай лейтенана Николаев сырдык тыына хаһан да биһиги сүрэхпититтэн сүппэт».