
Байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар 1943 с. тохсунньу 1 күнүттэн – 1943 с. муус устар 3 күнүгэр 54 уч. снайперскай (саперскай ?) полк 8 уч. бригада диэн байыаннай чаас испииһэгэр суруллубут. (ЦАМО ф. 8641, о. 76974, д. 6). 51-с сапернай бригадаҕа сылдьан, сэллигинэн ыалдьан УМЭП 101 госпитальга 1944 с. ыам ыйын 7 күнүгэр киирэн баран, 1944 с. ыам ыйын 12 күнүгэр өлбүт. (Филиал ЦАМО (военно-медицинских документов) ф. 292, о. 47642, д. 3). Грузия Адыгейскай оройуон, Абастумани к. көмүллүбүт.
