
Сталинград кыргыһыытыгар 252 стрелковай дивизияҕа 932-с стрелковай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан, 1942 с. сэтинньи ыйыгар госпитальга киирэн баран өлбүт. Көмүс уҥуоҕа Волгоградскай уобалас Камышино куорат соҕуруулуу-илин өттүгэр 2№-дээх бырааттыы кылабыыһаҕа көмүллүбүт.
Сэрии иэдээнэ
Аҕа дойду атааннаах-мөккүөннээх, Улуу сэриитэ, хас биирдии киһи сүрэҕэр-быарыгар үйэлэргэ умнуллубат ыар баттык буолбута. Күөгэйэр күннэригэр сылдьар, төһөлөөх элбэх эдэркээн ыччат сырдык тыыннарын толук уурбуттара буолуой? Төһөлөөх ийэ-аҕа, оҕо-уруу харахтарын уута тохтубута буолуой? Төһөлөөх элбэх төрүөх төннүбүтэ, ыраас ыра санаалар сарбыллыбыттара буолуой? Сор-муҥ иэгэйэр икки атахтааҕы эриэн үөннүү эрийбитэ. Сэрии хас биирдии киһи сүрэҕэр оспот дириҥ баас буолан хаалбыта.
Бу алдьархайдаах сэрии иэдээнэ биһиги дьиэ кэргэни тумнан ааспатаҕа. Мин хос эһэм Гаврильев Василий Федорович Балаҕаннаах арыытыгар Хара Элгээн диэн сиргэ олорбут. Маҥнай «Кыһыл үлэһит», онтон «Чолбон» холкуоска үлэлээбитэ. Кэргэнэ эрдэ өлөн үс оҕотун кытта соҕотох хаалбыта. Оҕолорун иитэн аһатан киһи гынар кыһалҕатыгар сырыттаҕына сэрии буолбута. Эһэм колхоһугар биригэдьииринэн үлэлии сылдьан 1942 с. бэс ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Аҕа дойду иннигэр ытык иэһин толоро үс тулаайаҕы сир икки, халлаан икки ыккардыгар хаалларан сэриигэ аттанар.
Билигин биһиги ыраҥалаан көрдөхпүтүнэ аҕа киһиэхэ оҕолору хааллартаан барара хайдахтаах курдук ыарахан буолуой? Бараары туран остуолугар маннык ис хоһоонноох сурук суруйар: «Мин Советскай Союз Кыһыл Армиятын кэккэтигэр бэьиэскэ ыллым. Барарга хааппыла хааммын хамсаппаппын. Арай үс оҕом эрэйгэ халлылар, ол эрэ куһаҕана уонна басыыһы кыргарга бары да барыаҕыҥ. Мин кэриэһим бүтэр. Хабырыылыйап. 16.06.42 c.».
Билигин остуолун сирэйэ Нам нэһилиэгин музейыгар сыаналаах экспонат быһыытынан турар. Ити курдук мин эһэм ыччаттарын инник саныыр, хорсун санаалаах Аҕа дойдутугар бэриниилээх киһи эбит.
Немецкэй талабырдьыттары утары сэриилэһэ сылдьан кыргыһыы хонуутугар охтубута. Сталинградскай уобалас Кузьмичи диэн дэриэбинэ таһыгар кыргыһыыга ылбыт бааһыттан өлбүт. Улахан кыыһа Елизавета Васильевна үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, ыал буолаат алта ый буолан баран 1957 с. ыалдьан өлбүт. Онтон соҕотох уола, Прокопий – мин эһэм Анна Николаевна Егоровалыын ыал буолан 10 оҕону төрөтөн билигин 18 сиэн, 4 хос сиэн эһэтэ, эбэтэ буолар дьолу биллилэр. Эһэм Прокопий Васильевич 1996 с. ыалдьан өлбүтэ.
Биһиги эһэлэрбит, абаҕаларбыт, таайдарбыт бэйэлэрин сырдык тыыннарын сиэртибэлээн туран биһиги чуумпу эйэлээх олохпутун ситиспиттэрэ. Кинилэр ааттара, хорсун быһыылара үйэлэргэ умнуллубатын!
Гаврильева Варя, Нам орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Нам нэһилиэгэ, 2000 с.
«Албан аат эһиэхэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!» брошюраттан
«Сэрии тулаайаҕа»
«Күннэтэ саҥа оҕолору аҕалаллара. Бары эмиэ мин курдук сүрдээх ырыган, дьүдэх буолаллара. Барыларын баттахтарын кыргаллара, сууннараллара, саҥа таҥаһы таҥыннараллара. Биир киэһэ ыҥыыр атыгар үс оҕолоруттан кыратын көтөхпүт, икки обургуларын мэҥэстибит, арбаҕар баттахтаах киһи кэлбитигэр оҕолуун улаханныын үмүөрүһэ түспүппүт. Уола миигиттэн лаппа улахана, биир кыыһа мин эрэ саҕата, оттон кырата иккилээх этэ. Аттан түһээттэрин кытта икки арбы-сарбы буолбут дьахталлар кэлэн кыра кыыһы ылбыттара. Икки кырата ытаһаллара, ордук кырата олус ытаан уонна сирэйин кумаар сиэн хараҕа да көстүбэт буолбут этэ.
Аҕалара оҕолорун барыларын сүр иҥсэлээхтик сыллаталаабыта. Онтон кыра кыыһын: «Бу чыычаахпын бука эн көрөн эрдэҕиҥ. Саас ийэтэ өлүөҕүттэн өрүттүбэккэ дэлби дьүдэйдэ», — диэн баран соноччу дьахтарга туттарбыта, кууһан турар уоллаах кыыһын күүһүнэн араарбыта уонна хараҕын уутун сотто-сотто кэтэһэн турар байыаннай киһини батыһа турбута.
— Дьэ тугу да аахсыбат иэдээннээх кэм. Үс сии-кырбас оҕолоох аҥардас киһини ити бэйэлээхтэриттэн арааран сэриигэ ыыттахтара сүрүн. Ийэлэрэ быйыл саас өлөөхтөөбүт үһү. Кырата эрэйдээх киһи да буолуо суох быһыылаах. Тыынара да куһаҕана бэрт, — диэн баран хараҕын уута кэлбитин соттоот, оҕолор бары Надя «маамабыт» диир этиргэн маҥан дьахталлара куукунаҕа ааспыта.
Ол киэһэ бары да аймаммыппыт. Уолу Проня, кыыһы Лиза диэн ыҥыраллара. Икки дьахтартан хатыҥыра Лизаны араастаан ытаама диэн ааттаһара да биирэ истибэккэ ытаан нухаай буолбутун кыргыттар хосторугар киллэрэн тапчаан ороҥҥо сытыарбыттара. Сарсыарда аҕалара эрэйдээх кэлэн кыл түгэнэ быраһаайдаһан өссө айматалаабыта.
Күнүс барыбытын стройдатан биэрэккэ киллэрбиттэрэ. Онно армияҕа барааччылары илдьэр үс мэндиэмэннээх көрүөхтэн кэрэ «Киров» диэн маҥан борохуот кэлэн, тиксэн сыыгыныы-күүгүнүү турара. Биэрэк муҥунан дьон бөҕө, ордук хото оҕо, дьахтар, кырдьаҕастар мустубут этилэр. Сотору сэриигэ барааччылары стройдатан, хамаанда үлүгэрэ буолан кэлбиттэрэ. Кинилэр тула сылдьар оҕолор, ийэлэр ытаһыыларын-соҥоһууларын санаатахпына, билигин да хараастан кэлэбин…
…Ол күн элбэх оҕо аймаммыта. Тыалартан киирэ сылдьар дьонтон ытаабыт-соҥообут элбэх киһи детдомҥа сылдьыбыттара. Ол аайы оҕолор сорох үөрэрэ, сорох ытыыра. Ордук Лиза уонна Проня Гаврильевтар ити күн иэдэйбиттэрэ. Аҕалара эрэйдээх боболлорун үрдүнэн, борохуоттан төттөрү тахса-тахса оҕолорун хараҕын уутунан сууна сылдьан элбэхтик да сыллаталаабыта. Аҕыйах хонон баран Лизалаах Проня эдьиийдэрэ кэлэн: «Балтыгыт куһаҕан буолла», — диэн дьиэтигэр илдьитэлээбитэ. Онтон сылтаан кырачаан, иинэҕэс, олус ис киирбэх Лиза барахсан өр да өр ыалдьыбыта. Онтон кыһыары саас аҕалара өлбүтүн туһунан иһитиннэрии кэлэн, балыстыы убайдыы Гаврильевтар алдьархайдарыгар биһиги эмиэ холбоһон, кинилэри өрүү аһына-харыһыйа көрөрбүт.
Кэлин билбитим Лизалаах Проня аҕалара «Чолбон» холкуос хонуутун биригэдьиирэ Василий Федорович Гаврильев армияҕа ыҥырыллар бэбиэскэтин тутан баран, аһыыр остуолун сирэйин тиэрэ быраҕан алын өттүгэр: «Мин Советскай Союз Кыһыл Армиятыгар сулууспалыырга ыҥырылынным. Барарга бэбиэскэлэммиппиттэн хааммын хамнаппаппын. Арай үс оҕолорум эрэйгэ хааллахтара. Ол эрээри сидьиҥ фашиһы түргэнник үлтүрүттэххэ, кэрэ олох кэлэригэр бигэтик эрэнэбин. Мин кэриэһим итинник. В. Ф. Гаврильев. 1942 сыл, бэс ыйын 16 күнэ» диэн суруйан хаалларбыт этэ.
– Аҕам ити суругу, биһигини үс оҕону дьиэбититтэн таһаартаан, түннүктэрин хаптаһынынан туора саайталыы сылдьан, төннөн киирэн суруйа турара, — диэн кэпсиир билигин 10 оҕо аҕата, 20-чэ оҕолор эһэлэрэ Прокопий Васильевич. Балта Лиза СГУ-ну бүтэрэн, Мэҥэ-Хаҥаласка кэргэннэнэн баран эмискэ ыалдьан өлбүтэ үһү. Билигин Борокуопайдаахха үкчү ол балтын курдук тырымнаабыт Лиза диэн икки оҕолоох эмчит идэлээх кыыстаахтар.»
Егор Афанасьев «Сэрии тулаайаҕа», 1994 с. кинигэтиттэн.