
1942 с. сэриигэ тылланан барбыт. 19-с хайыһар биригээдэтин 2-с батальонугар отделение командира буолбута диэн бииргэ сэриилэспит доҕоро Горнай улууһуттан Заровняев Евдоким Лазаревич бигэргэппит.
Байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар: 1943 с. тохсунньу 23 күнүгэр 175-с запасной стрелковай полкаттан 29-с гвардейскай стрелковай дивизия 87-с гвардейскай стрелковай полкатыгар ыыппыттар. (ЦАМО ф. 6370, о. 342038с, д. 11)
1944 с. олунньу ыйга сураҕа суох сүппүт.
Лазарев Гаврил Васильевич
1915 с. кулун тутар 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Нам оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан 15 саастааҕар 1930 с. комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Кини Нам оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүүтээҕи ыччат коммунистическай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ити сыллардааҕы күүрээннээх олоҕун, общественнай үлэтин, үөрэҕин туоһулууллар оскуола директора И. И. Седалищев биэрбит характеристиката, ЫБСЛКС Бүлүүтээҕи райкомун, оҕо тэрилтэлэрин махталлара, Бочуотунай грамоталара уонна да атын наҕараада суруктар. Оскуола комсомольскай ячейкатын бюротун чилиэнинэн, пионерскай этэрээт баһаатайын, истиэнэ хаһыатын редакторын быһыытынан үгүс өрүттээх үлэни ыытара. Кини итини таһынан оскуола бастын үөрэнээччитин, бары үлэлэргэ хамаҕаттык кыттар активнай общественнигын, оройуоннааҕы уонна уобаластааҕы хаһыаттарга мэлдьи суруйар корреспондент быһыытынан үгүс үөлээннээхтэригэр холобур буолара. Сайыҥҥы каникулун кэмигэр Далырга уонна Намҥа тэриллэтэлээбит пионерскай лааҕырдарга баһаатайынан үлэлээн ылбыт махтал суруктара туоһулууллар. ШКМы бүтэрээт Ганя Лазарев Бүлүутээҕи педтехникумҥа үөрэххэ киирэр. Кини манна да бастыҥ комсомольскай салайааччы, агитатор быһыытынан киэҥник биллибитэ, үөрэҕэр ударник этэ. Сайыҥҥы каникулун кэмигэр 1937 сыл от ыйын 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүга аан бастаан учууталлар идэлэрин үрдэтии куурсун салайааччынан анаммыт. Манна 20 учууталы хабан үөрэтии ньыматыгар уһуйбуттар. Училищеҕа үөрэнэ сылдьан литературнай куруһуок активнай чилиэнэ. Кулаковскай айымньыларын умсугуйан туран ааҕар, ытыктыыр суруйааччытын аатын үтүгүннэрэн бэйэтигэр «Кумаховскай» диэн псевдоним бэринэр. Кинини кытта бииргэ үөрэммит доҕотторо, биир дойдулаахтара Петр Николаевич Тобуроков – улуу поэт буолбута, Георгий Кардашевскай – СГУ преподавателэ, филологическай наука кандидата. 1938 с. үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар Үөһээ Бүлүүтээҕи ситэтэ суох оскуолаҕа үлэлии сылдьан ЫБСЛКС райкомун пионерскай отделыгар сэоиэдиссэйинэн быыбарданар уонна пионердар, үөрэнэр ыччат ортотугар үгүс өрүттээх үлэни ыытар. 1940 с. ССВД райкомун штатнай пропагандиһынан өрө таһаарыллар. Ити курдук тыа сиригэр социализмы туругурдууга өлүмнэһэн үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, фашистскай халабырдьыттар Ийэ дойдубутугар сэриинэн саба түспүттэрэ. Г.В. Лазарев райком пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын заведующайынан үлэлии сылдьан төһө да бронялааҕын иһин хаһыс да көрдөһүүтүн кэннэ, 1942 сыл сайын фроҥҥа барар буолбута. Ол кэмҥэ кэргэнэ Давыдова Елена Евсеевна маҥнайгы оҕотун оҕолоноору сылдьара. 1942 сыл атырдьах ыйыттан Молотовскай уобаласка 19-с хайыһар биригээдэтигэр сулууспалаабыта. Онно сахалар элбэх этилэр. Г. Лазарев уонна табаарыстара туйгун бойобуой бэлэмнээхтэрин туһунан «Социалистическая Якутия» хаһыакка суруйбуттара. Бүтэһик 1943с. тохсунньу 2 к. суруйбут суруга эрэ баар. Кэргэнэ хаста да ыйытан көрбүтэ да, эппиэт кэлбэтэҕэ.
Суруйда кыыһа Анисия Гаврильевна ЛАЗАРЕВА
Алтынньы 24 күнэ, 2013с.«Доҕорбор…», 2013 с. кинигэттэн