
1942 с. тохсунньу 14 күнүнээҕи байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар “Мохтуяков Алексей Дмитрович” 58-с байыаннай чаастан 160-с стрелковай дивизияҕа ананан барбытын туһунан информация баар. (ЦАМО ф. 8371, о. 64317, д. 1). 160-с стрелковай дивизияҕа бастакы ыҥырыылартан Петров Илья Иванович, Софронов Прокопий Афанасьевич сэриилэспиттэрэ биллэр. Смоленскай уобалас сиригэр сэриилэһэ сылдьарын туһунан суруга кэлэр эбит.
1942 с. ахсынньы ыйга өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт
Смоленскай туһаайыытынан бааллара
Биһиги аҕабыт урукку сурукка аҕабыт сүрэхтээһининэн Николаев Иван Николаевич диэн киһи этэ. Кини ааспыт үйэҕэ тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕаттан Бодойбо кыһыл көмүһүгэр үлэлии баран иһэн уруккута «Мохтуйа», билиҥҥитэ «Ленскай» сатыы тиийэн хоно сыттаҕына биир баай киһи: «Бу үчүгэй соҕус киһи сылдьаҕын ээ, хамнаскын баттыам суоҕа, Бодойболоомо» – диэн көрдөһөн үлэлэтэ хаалларар, инньэ гынан 3 сыл хамнаска үлэлээн дьэ бу дойдутун булар. Оччотооҕу дьон Мохтуйаттан кэлбит диэннэр Мохтуйа Уйбаан диэн ааттаабыттар . Аҕабытыттан 5 этибит, 3 уол 2 кыыс. Алексей 3-с оҕо этэ, миигиттэн 4 сыл балыс. Кини оҕо эрдэҕинэ бэйэтин саастыылааҕар үчүгэй оҕоннон биллэрэ, биһигиттэн үөрэхтээхпит кини этэ, оччотооҕута 7-с кылааһы бүтэрбитэ, комсомолга киирбитэ . Кэргэннэммэтэҕэ, онон аатын ааттатар ыччат суох. «Кыһыл улэһит» холкуос орто салайар кадрынан үлэлии сылдьан 1941 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Кинилиин бүтэһик көрсүүм Мальтаҕа Иркутскай уобалас 1942 с. көҥүл ылан кэлэн көрсөн барбыта, пулеметчигынан сылдьабын диэбитэ. Быраатым Алексей 26 фашиһы суох оҥорбута биллэр. Петров Илья Иванович 28 фашиһы суох оҥорбут, онтон Чуорунай уола 26 фашиһы суох оҥорбут. Ити дьону кытта 1942 сыл боевой чааска сырыттахпына «Боевой лист» ааҕан иһитиннэрбитэ. Төһө саллаат охтубутун эппиттэрэ, онно биһиги дьоммут ааттара баара . тМин билэрбинэн кинилэр Смоленскай туһаайыытынан бааллара. Передовой линияҕа сыттахтарына өстөөх күүстээх бомбалааһыныгар түбэһэн өлбүттэр этэ.
Сэрии бэтэрээнэ Мохтуяхов Никифор Иванович