
1942 с. сэриигэ барбыта. Арҕааҥы фроҥҥа 63 стрелковай полкаҕа, 36 атп (автортанспортнай полкаҕа) сулууспалаабыта.
1944 с. дойдутугар эргиллибитэ.
1978 с. өлбүтэ.
Мегежекскэй Н. А. ахтыыта
” Үөһээ Бүлүүттэн 27.06.42 c. биир барыыга 700 киһи буолан барбыппыт. Сразу Молотов уобалаһыгар Юг диэн станцияҕа тиийбиппит. Бу сиргэ 35 сааһыттан алын саастаахтары хайыһар биригээдэтигэр хаалларан баран, биһигини Присягын куоракка илдьэн үөрэтэн баран күһүн балаҕан ыйыгар 1942 с. бииргэ сылдьар дьоммун фроҥҥа илдьибиттэрэ. Миигин аҕыйах ахсааннаах дьону кытта эмиэ бу уобалас сиригэр Билетяева диэн байыаннай чааска ыыппыттара. Бу сиртэн 1943 с. тохсунньу 10 к. фроҥҥа барбыппыт. Московскай уобалас Можайскай куоратын таһыгар тиийбиппит кэннэ, миигин сэриигэ киллэрбэккэ сэриилэһэр армия аһылыгын батыһыннарар армияҕа атынан, массыынаннан үлэҕэ анаабыттара. Күн тура-тура батыс да батыс буолан Московскай уобалаһы ааһан, Смоленскай куоратынан Витебскэйгэ тиийбиппит. Онтон 1944 с. олунньу ыйга Смоленскайга төннөн кэлэн харабынай сулууспатыгар үлэлээбитим. Ити үлэҕэ сылдьан быччаххай ыарыыга ылларан Смоленскайга лесгоспитальга сытан баран 1944 с. муус устар ыйга дойдубар кэлбитим.
Дьэ бу сылдьыбытым былаһын тухары немецтэр түүн аайы бомбалаан сүгүннээбэт этилэр уонна миинэ куттала бэрт этэ. Биһиги армиябытыттан миинэҕэ, буомбаҕа түбэһэр элбэх этэ. Мин баччаҕа тиийэн кэлбит киһи ити алдьархайтан мүччү түспүппүттэн дьоллооҕунан ааҕынабын. Бу сылдьарым устатыгар биир да саха киһитин көрсүбэтэҕим. 1943 с. сайын устата биир да бүтүн куораты да, дэриэбинэни да көрбөтөҕүм, бары умайбыт, урусхалламмыт буолар этилэр. Сорох сирдэргэ дьон өлүктэрэ илдьи тэпсиллибитэ, сытыйбыта элбэх буолара. Ону барытын хомуйан дэриэбинэ аайы биир сиргэ көмөн баран «Кыһыл армеецтар памятниктара» диэн суруйан баран мас анньан иһэрбит. Сорох сирдэргэ оҕо, эмээхсин өлүктэрэ сытар буолаллара. Немецтэр олохтоох нэһилиэнньэҕэ, оҕоҕо-дьахтарга дьиикэй кыыллыы быһыыларын киһи киһиэхэ кэпсиэн да бэккиһиэх курдуга”.

Кини аатынан киэн туттабыт
Биһиги аҕабыт Мегежекскай Николай Аркадьевич ыаллыы олорор Ньурба улууһуттан, Хатыы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кыра оҕо сырыттаҕына 1921 с. аҕалара Аҕанньа бултуу тахсан баран оһолломмут. Онон соҕотох ийэҕэ 5 уолаттар иитиллэллэрэ ыарахан буолан арыый улааппыт оҕолор бэйэлэрин олохторун оҥостуна атах балай барбыттар. Биһиги аҕабыт 14 саастаах уол Ньурбаҕа киирэн: «Үөһээ Бүлүүгэ бурдук үүнэр сирэ, киһи өлбөт сирэ» диэн истэн болуокка устан сүүрүк устун устан Үөһээ Бүлүү биэрэгэр тиксибит. Маҥнай утаа сэниэ ыалларга илии-атах буола сылдьыбыт. Онтон 1930 c. Нам нэһилиэгэр «Чолбон» холкуос тэриллэн чилиэнинэн киирбитэ. Онтон ыла олоҕо саҥа олох үлэтигэр, күүрээнигэр киирэн маҥнайгы комсомолеһынан, тэрийээччиннэн үлэлээн «Чолбон» холкуос сайдарыгар улахан акылааты түһэрсибитэ. Аҕабыт үөрэҕэ суоҕа. Баара суоҕа 1 ый ликбезка үөрэнэн латынныы ааҕар-суруйар этэ, кэнники бэйэтэ дьаныһан хаһыаты, сахалыы сурунаалы ааҕан, үөрэтэн холкутук суруйар-ааҕар буолбута. Кини кыра оҕо эрдэҕинэ улахан кэлэҕэй үһү. Ыалга сорукка ыыттахтарына, ааҥҥа туран атаҕар тэпсэҥнээн-тэпсэҥнээн кыайан саҥарбакка турар үһү. Куруутун хантан кэлбитин туоһуластахтарына, этэн истэҕинэ, быһа түһэн «Мэгэдьэк» диэн иһэллэр. Онон сурукка киллэрэн куруутун «Мэгэдьэк» диэн ааттаан испиттэр. Аҕабыт аата Семеновтар. Билигин Ньурба иһигэр да, Хатыыга, Ньурбачааҥҥа Семеновтар халыҥ аймахтаан олороллор. Аҕабыт сэрии иннинэ ыал буолан Бороскуо диэн кэргэнинээн түөрт оҕону төрөтөн олоруох курдук буолан истэхтэринэ оҕолоро ыалдьан, кыра саастарыгар, биирдиилээн өлөн барбыттар, онтон кэргэнэ өлбүт. Сэрии саҕаланыытыгар чороҥ соҕотох хаалбыт.

Бииргэ үлэлээбит дьоннорун сэриигэ бэбиэскэнэн ыҥыран барбыттар. Кини тылланан, улаханнык көрдөһөн 1942 с. бэс ыйын 27 к. сэриигэ барбыт. Аҕабыт кыра эрдэҕинэ сиһин сиэтэн улахан доҕолоҥ этэ, ол иһин армияҕа ылбакка буола сатаабыттар. Ол саҕана оҕолоро, кэргэнэ өлөн, киниэхэ ханна да сылдьар биир этэ. Барарыгар Намҥа Хордоҕойго сыыр үрдүгэр ампаар дьиэтэ уонна ыта Казбек хаалбыт. Казбега дьиэтин харабынайдаан хаалаахтаабыт. Уоттаах сэрии айаннаан тиийбиттэрэ улахан мүччүргэннээх уоттаах сэрии буола турар кэмигэр, доҕолоҥнуур киһини итэҕэйбэккэ хаамтаран, сорох кэмҥэ сорун сордууллара бэрдин иһин, хайа муҥун этэ ыалдьан убайдарын тылларын үтүктэн саҥаран баран, сиһин сиэппитин көрдөрөр үһү. Оччоҕуна үөхсэ түһэн баран сибилигин уоттаах сэриигэ барар дьонтон арааран, хаалларан атын үлэҕэ хамнаска ыыталлара диирэ. 63-с стрелковай полкаҕа, онтон 36 транспортнай отделениеҕа сулууспалаабыт, 1944 с. кулун тутар 13 к. диэри. Биһиги аҕабыт Нам нэһилиэгин дойду оҥостон, таптаан сэриигэ сылдьан дойдутун ахтан сурук суруйара үһү. Дьиэтин-уотун көрөн хаалбыт соҕотох Казбегар анаан-минээн сурук суруйарын Марфа Никифоровна Чорбохова-Романова ытамньыйа-ытамньыйа ааҕарбыт диэн кэпсиир. Ол курдук Казбегын харыстаан көрө-харайа сырыттаҕына кэлэрин саҕана биир киһи өлөрөн кэбиспит. Икки сылы быһа сындалҕаннаах сэрии хонуутугар сылдьыбытын хаһан да кэпсээн оҥостубат этэ. Улаханнык хараастара.
Сэрии кэнниттэн ветеринар үөрэҕэр биир ыйдаах курска үөрэнэн, айылҕаттан мындыр, сытыы, иҥнигэһэ-толлугаһа суох буолан «Чолбон» холкуоска, Намынан, Балҕаннааҕынан кэрийэ сылдьан ферма сүөһүлэрин элбэхтик эмтээбитэ, быыһаабыта. Билигин санаатахха элбэх да үлэни соҕотох киһи үлэлии сылдьыбыт диэн сөҕөҕүн. Холкуос чилиэнэ, коммунист, агитатор, ветеринар, 8 оҕо тапталлаах аҕата. Кинилэри барыларын улаатыннарыахха, үөрэттэриэххэ диэтэххэ элбэх түбүк этэ. Этэҥҥэ Анна Николаевна Махардыровалыын 1946 с. дьоллорун холбоон 8 оҕону төрөтөн, маҥнайгы сиэннэрин көрөр дьолломмуттара. Өссө да олоруохтара эбитэ буолуо да, ыарыы илдьэ бараахтаабыта. Орто дойдуга 68 сыл олорон олох аһыытын-абатын, үөрүүтүн-хомолтотун барытын билэн барбыта. 1930 c. бастакы комсомолец, 1939 с. коммунист киһини: «Олох, үлэ үөһүгэр сылдьан дьонун-сэргэтин түһэн биэрбэтэҕэ», – диэн үөлээннээхтэрэ кэпсииллэрин ыччаттара киэн туттабыт.
Кыыһа Светлана Мегежекская

Саллаат дневнигэ
Мегежекский Николай Аркадьевич дневнигыттан: «Байыаннайга ыҥырыллан Үөһээ Бүлүүттэн 27/VI-42 с. бардым. …борокуотка олорон Дьокускай куоракка кэлэн 1,5 суукка буолан баран Өлүөнэ өрүскэ Москуба борокуокка Даркылаах биэрэгиттэн олорон бардыбыт. Онно өрүс устатыгар эҥин араас сирдэри көрдүбүт Өлүөхүмэ, Дьураан, Битиим … куораттары ааһан Өлүөнэ өрүс баһыгар Уркуус (Иркутск) диэн сиргэ тиийэн сыалай күн буоллубут. Хайа тэллэҕэр олохтоох эргэ мас дьиэлэрдээх таһаҕас араас табаарынай мал таһыллар сирэ эбит. Онтон 25 көстөөх Зайарыскай (Заярскай) диэн ыстаансыйаҕа диэри массыынаҕа олорон биир суукканнан айаннаан Ангара өрүскэ Зайарыскайга тиийдибит. Өрүс үрдүгэр саҥа улахан куорат үөскээбит сиригэр икки хоннубут, онтон Ангара өрүскэ Маркс борокуокка олорон Уркускайга (Иркутскайга) 20/VII 42 с. күн тиийдибит. I II Уркускайга улахан собуоттардаах улахан куорат эбит. II Уркускайга 8 хоннубут. Онтон тимир суолга буойаска 28/VII 42 с. күн олорон элэкэдьитибит суолга Кырасадарыскай (Красноярскай) кыраайы, Нуомасибирискэй (Новосибирскай), Уомускай (Омскай) Сибидилибискай (Свердловскай) уобаластары. Уобалаһын сыантырдарыгар эбиитин атылы атылар. Дьулурутан түргэнник айан буолла. Ураал эбэ хотун … … устун күөх тыалар таҥнары сыыйыллан көҕөрө долгуйан көстөллөр. Муолатап уобалаһыгар биир сарсыарда Урюк диэн ыстансыйаҕа тиийэн тохтоон буойастан түһэн күөх оттоох, … дьиэлэрдээх сиргэ олордубут бородуукта ыллыбыт онно. Онтон соҕуруу өттүгэр 3 биэрэстэлээх сиргэ устуруойдаан баран барабан охсон сирдиин ньиргийэн бардыбыт. Улахан сүүрүктээх үрэх үрдүгэр устата 8 биэрэстэ туората 1. Байыннай лааҕырга тиийдибит. Үөрэх уонна бэбиэркэ (проверка) бөҕө буолла. 8 хонугу мэлдьи онно буолкабай баартынай (партийнай) мунньахха сырыттым. Үөрэх, сэрии туһунан боппуруоһу сүбэлэстибит. Куормалаах (формалаах) байыаннай эҥин араас хамандыырдар, хамыһаардар мунньуллубуттар. Мунньах барыта нууччалыы тылынан барда. Мин Додуохапка бөрөбүөттэтэн иһиттим. Юука (юг) дьиэ үксэ сэмэлээҥки (землянка). Онтон 35 сааһыттан алын саастаахтар барытын хайыһардьыт бу сиргэ хаалаҕыт, онтон үөһэ саастаахтары барыбытын илдьэр. Биһи буоллаҕа ханна барарбытын билбэппит. Юука киллэрэн буойаска олорон бардыбыт. Арҕаа үс суукка айан кэнниттэн Муолатап (Молотов) уоб. Бирииссэгин оройуоҥҥа түстүбүт. Куорат хоту өттүгэр хонууга олордубут. Тус туһунан лааҕырга үллэрии буолла. Икки аҥы хайытан устуруойдааһын буолла, биһиги бөлөҕү бу оройуон хоту өттүгэр 6 биэрэстэлээх Бөсөнөскай сэлсэбиэккэ (сельсовет) илдьэ бардылар. Киэһэлик үчүгэй киллэм хонуулаах, сүүрүктээх үрэхтээх, үрэҕэр бурдук тардар миэлиҥсэлээх үс таҥара дьиэлээх холкуос баар сирэ эбит. Биһиги биир таҥара дьиэтигэр олордубут. Бу сиргэ балаҕан ыйын 8 күн 1942 сыл диэри үөрэннибит. Онтон түүн ортото хамаанда бөҕө буолла. Миигин ыарыһахтарга оруота хамандыыра илдьэн холбоон кээстэ. Дьоммуттан араардылар. 1942 сыл балаҕан ыйын 8 күнэ дьонум бары сэриигэ боруоҥҥа (фронт) бардылар. Мин эмиэ Муолатап уоб. Кункуур (Кунгур) оройуона улахан куорат Билэтэйэбэ(?) диэн байыаннай лааҕырга буойаһынан үс хонукка айаннаан кэллим. Бу сиргэ улахан үрэх үрдэ харыйа ойуур иһэ улахан буолка (полк). Балаҕан ыйын 12 күнүгэр кэллим бу буолкаҕа. Норуот ыам кумаарын курдук элбэх сирэ, үөрэх, үлэ барар сирэ эбит. Бу сиргэ дойдум дьонун Сэмиэнэп Соппуруон, Лааһарап Уйбаан, Лааһарап Хабырыыл, Сүөдэрэп (Сүөкэп?) Ыстапаан уо.д.а. көрүстүм. Хокуйабы (Хонкуев?), Нотооһобу (Ноттосов), … Миигин бу сиргэ оруота боруоҥҥа бардаҕын аайы атын оруотаҕа хаалларан иһэллэр. Лоп курдук 8 оруотаҕа уларыйдым. Онтон оруотам эмиэ бараары таҥас таҥнан бардылар, мин сүрдээхтик абардым да оруота хамандыырыгар миигин боруоҥҥа ыл диэтим. Онуоха одуулаан турбахтаан баран миигин ыытарга тэрийдэ. Дьэ 30/XII 42 күн сыалай ботолойуон (батальон) боруоҥҥа бардыбыт бойоска олорон 4 cуукка айаннаан. Баран иһэн Хаһаныскай (Казанскай?) уобаласка остолобуойга Ородьуонап Ньукулайы көрүстүм. Оробуочай ботолойуоҥҥа иһэр этэ. Дьэ онтон 5/ I 43 күн Москуба арҕаа өттүгэр Малайыскай (?) оройуоҥҥа сэриилэһэр тыастара иһиллэр сиргэ тиийдибит. Харыйа ойуурга муустаах сэмэлээҥкигэ сыталлар эбит. Миигин атаҕыҥ суох диэн … харантыыҥҥа түбэһиннэрдилэр. Сэриилэһэр аармыйаттан туспа туттулар. Онтон атынан үлэлиир оруотаҕа тылланан бардым. 8/I 43 күн бу дойдуга түүн аайы ньиэмэс сөмөлүөтэ кэлэн буомбалыыр идэлээх сирэ эбит. Сэрэхтээх куталаах дойду эбит буолла. Аны түүн сэрии тыаһыгар киһи уута кэлэн утуйбат сирэ буолла. Уоннуу киһи буолан биирдии биригээдэ … … ас, ботуруон, сэнэрээт таһыытыгар сэрии кэнниттэн батыһан үлэлээтибит. Онтон 2/IV 43 күн мин ыалдьан куоспуталга куоракка киирдим. Онтон 20/V 43 күн тахсан Москуба Сөмөлүөнүскэй (Смоленскай) уобалас 6 кыладабысынай (кладбищенскай) буолкаҕа бардым. Онтон 24/V 43 күнтэн тыраахтырынан, массыынаннан үлэлиир оруотаҕа сэрии кэнниттэн 30-20-10-5-3 биэрэстэлээх сиринэн батыһан, сорох сиргэ 3-4-5-10 хоно хоно батыһан иһэбит. Мин тырахтырга массыынаҕа таһаҕаска харабыл үлэтин толорон сырыттым. Бу … түүн аайы ньиэмэс сөмөлүөтэ кэлэн буомбалыыр идэлээх. Кургуом … бириэмэтэ буолан биһиэхэ ытыалаһыы суох Бу Сөмөлүөнскэй уобалас батыһан батыһан 1-2/X 43 күннээххэ Сөмөлүөнүскэй уоб. ысталысынай (столица) куоратыгар тиийдибит. Бу уобалас былаһыгар биир да бүтүн дьиэ суох буолбут сирэ. Дэҥ эриэккэ баара. Бу куорат олордьу таас уонна кирпииччэ дьиэлээх. Куорат ортотунан улахан үрэх хайа сүүрэр. Бу үрэх сүнньүнэн тимир суол ааһар эбит. Бэрт аҕыйах бүтүн дьиэ баар эбит уонна олордьу алдьаммыт дьиэтэ. Бу уобаласка маннык оройуоннарга сырыттым.
1. Дугумускуй
2. Ыксайыскай
3. Сохруонускуй
4. Доргабогун (Дорогобужский)
5. Дердинискэй
6. Наһарыскай
7. Кукудьунускай
8. Судабыаскай.
Бу оройуоннарга оруос бөҕө үүнэн бары хаалбыт бу уобаласка. Харабыл үлэтигэр сырыттым. Онтон 24/XII 29/XII 43 күннэр I Беларуссияҕа биир киһини ыыппыттара, ону 4-5 хоннорон баран төттөрү ыыппыттара бэйэбит чааспытыгар Сөмөлүөнүскэйгэ. Онно кэлэн сөмөлүөт ыскылаатыгар харабылга турдум. Онтон 29/I 44 с. күнтэн ыалдьан куоспуталга инбэлинискэй лиискэ кэллим. Хатыҥ лабы ойуур иһигэр москуруопкаламмыт (маскировкаламмыт) сиргэ. Онтон 17/III 44 күн тахсан 18/III 44 инбэлинискэй … кэлэн буойаска олорон дойдубар кэлэргэ суолга турдум. Уркускайга 27/III 44 кэллим. Байкал күөлүнэн бүрэт моҥкуол (монгол) ысталысынай куоракка Уландэ (Улан удэ) куорат. I II куоратынан ааһан Босуой Ниэмэргэ (Большой Невер) 31/III 44 кэллим. Алда44а Сибиэтилэйгэ 11/IV 44 кэллим. Томмотунан Укуланынан Боҕурубускайынан (Покровск) Дьокускайга 19/IV 44 кэллим. Таатта Ытык Күөлгэ 24/IV 44 кэллим. 12/VIII 25/VIII 44 диэри Дьокускай куоракка олордум. 12/IX 44 Үөһээ Бүлүү Чолбоҥҥо кэллим Уйбанныын. 21/IX 44 Уйбаан сарсыарда 5ч 15 мүнүүтэ өллө. 01/X 44 мин үлэҕэ киирдим».