Петров Афанасий Прокопьевич-Хоруотаан

1911 с. Нам нэһилиэгэр Бойуочук Борукуоппайа диэн орто ыал кэргэнигэр төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ.

1941 с. балаҕан ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан барбыт. Доруобуйатынан төннөн кэлэн баран холкуоһугар үлэлии сырыттаҕына 1942 с. бэс ыйыгар иккиһин ыҥырыллан барбыт.

1942 сыл Сталинград иһин кырыктаах кыргыһыыга алтынньы 1942 с. 3-20 күнүгэр баас ылан госпиталга киирбитин туһунан биллэрииттэн ураты туох да кэлин биллэрии кэлбэтэх.