Павлов Андрей Васильевич

1924 с. Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүт.
1943 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 282-с стрелковай полкаҕа Японияны утары сэриигэ кыттыбыт.
1947 с. дойдутугар эргиллибит.
1978 с. өлбүт.

Аҕабыт Японскай интервеннэри кыргыспыта

Биһиги аҕабыт Павлов Андрей Васильевич 1924 с. олус киэҥ сиргэ тайаан сытар Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр төрөөбүтэ. Уоттаах сэриигэ 1943 с., 19 саастааҕар, ыҥырыллыбыта. Забайкальскай фронт 282 стрелковай полкатыгар сулууспалаабыта. Япония хас да төгүл биһиги дойдубут обороналанар күүһүн боруобалаан сэриинэн кииртэлии сылдьыбыта. Ол курдук Монголия Хасан күөлүгэр, Халхин Голга сэрии уотун төлө тардыбыта.

Биһиги аҕабыт улахан кыргыһыыга, Гоби кумах куйаарынан сатыы хааман, сэрии сэбин тэрилин санныларыгар соһон, 90-тан тахса көстөөх Нахан Хинган хайатыгар обороналана сытар Японскай интервеннэр байыаннай кииннэрин урусхаллааһыҥҥа кыттыбыта. Бу өлөрсүүлээх киирсиһиигэ стрелковай полка улахан оруолу ылбыта. Кэлин аҕабыт кэпсиир этэ: «Кыргыһыыга киирээри туран өстөөҕү утары кыргыһан, Ийэ дойду көҥүлүн иһин олохторун да биэрэргэ аан дархан андаҕары биэрбиппит. Кумах куйаарынан сатыы хаамарбыт тухары өҥүрүк куйаас сатыылаан турара. Уу олох тиийбэтэ, дьон тулуйбат үлүгэрэ. Оо,тамаҕыҥ хата сырыттаҕына уу саҕа минньигэс туох кэлиэй! Уута суох олох аһаабат эбиккин»,-диэн. Ити суостаах кыргыһыыга кини төрөөбүт дойдутун, норуотун өстөөхтөн көмүскэһэн, ытык иэһин чиэстээхтик толорон, эппит тылга-андаҕарга бэриниилээх буолуу хорсун холобурун ыччатыгар, биьиэхэ хаалларбыта. Ол курдук хорсуннук сэриилэспитин туоһулуур Аҕа дойду сэриитин бойобуой мэтээллэрэ туоһулууллар. Сэриигэ иккитэ улаханнык бааһыран госпитальга  уһун кэмҥэ сыппыта.

Дойдутугар эргиллэн кэлээт үлэҕэ буһан-хатан үлэлээн барбыта, ол курдук мас кэрдиитигэр, холкуоска булчутунан,  тутууга биригэдьииринэн. Ол кэннэ өр сылларга нефтебазаҕа завхоһунан үлэлээбитэ. Ол сырыттаҕына абаҕабыт Спиридонов Иван Васильевич (Лэкэ) аҕабытын сыбаатынан ыал оҥорор. Бастакы сырыыларыгар сылабаар мэһэйдээн уол кыыһы үчүгэйдик көрбөтөх, инньэ гынан төннөн бараллар. Иккис сырыыларыгар дьэ сөбүлүү көрөн, кыыс сөбүлэһэн, биһиги ийэбитин Мендярова Ульяна Пудовнаны кэргэн ылар. Иккиэн сүбэлэрин холбоон 30-тан тахса сыл 9 оҕону төрөтөн, эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Аҕабыт нефтебаза эйгэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Киһи быһыытынан сытыары сымнаҕас майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх, улахан саҥата иҥэтэ суох этэ. Бултаан алтаан дьиэ кэргэнин ииппитэ. Ол эрэн, хомойуох иһин, 1978 с. эдэр сааһыгар орто дойдуттан барбыта.

Кэлин, улахан кыыһа Мария Андреевна, үөрэҕин бүтэрэн нефтебаза тэрилтэтигэр ананан кэлиэҕиттэн пенсияҕа тахсыар дылы бухгалтерынан, кассирынан үлэлээбитэ. Билигин династияны кини кыыһа Ульяна салгыыр. Жатайдааҕы нефтебазаҕа экономиһынан үлэлиир. Сэрии уотугар сылдьыбыт, Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт күндү аҕабытын, хас сыллар тухары киэн тутта, куруук өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Уруй буоллун-уһансыбыкка,

Айхал буоллун-албан ааккар!

Т. Кузьмина

Саха саллаата

Уоттаах сэрии ыар тыына

Ийэ сиргэ тилийэ көппүтэ,

Төрөөбүт ийэ буоруттан арахсан

Эдэркээн уол сэриигэ барбыта.

Ыллык суолун батыһа сайыһа

Ийэлээх аҕата хаалтара алҕааннар,

Оҕобут эргиллээр дуу, кыайыылаах

Күүтүөхпүт эрэнэ, сэгэрбит.

Саха саллаата аатыран

Тэбэр сааны сүгэһэр оҥостон,

Өстөөҕү утары кыргыһан

Олох ыар харгыһын билбитэ…

Түүлүгэр бу баардыы көстөрө

Күөх нэлэмэн төрөөбүт алааһа,

Сылаас тыал сипсийэн ааһара

-Көһүтэр күөх чараҥ, эйигин.

Эйэлээх олох туһугар

Эдэркээн сүрэҕэ дьулуһан,

Төрөппүт эрэлин толорон

Кыайыылаах ийэ буоругар эргиллэр.

Т. Кузьмина

2017 сыл, Үөһээ Бүлүү