
Байыаннай пересыльнай пуун докумуонугар көстөрүнэн 1942 с. тохсунньу 25 күнүгэр 551 байыаннай чаас 2-с батальонуттан 54 киһилээх рота истребителей диэҥҥэ киллэрбиттэр, уонна 183 запасной стрелковай полкаҕа ыыппыттар. 33-с Армия, 113 стрелковай дивизиятыгар сэриилэспит. Онтон 26-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа старшай сержант званиелаах командир взвода буолбут, штабы көмүскүүр кырыктаах кыргыһыыга 1942 с. олунньу ыйыгар Смоленскай уобалас Износковскай оройуон, Пинашино дэриэбинэтигэр өлбүт. 23.03.1942 с. кулун тутар 23 күнүгэр Износковскай оройуон Ивановское дэриэбинэҕэ братскай могилаҕа көмпүттэр.


