
1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт.
180-с стрелковай дивизия 86-с стрелковай полкатыгар сэриилэспит, Керчь куораты ылыы кыттыылааҕа.
1944 с. дойдутугар кэлбит.
1952 с. «Албан аат» III истиэпиэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
Ахтыы
Мин, Бүлүү оройуонугар, Баппаҕаайы нэһилиэгэр 1915 с. дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Дьонум кыаммат буоланнар уонна оччолорго кыахтаах эрэ ыал оҕолоро үөрэнэллэринэн, мин үөрэммэккэ хаалбытым. Дьонум эрдэ өлөннөр, эдьиийбэр иитиллибитим. Күтүөтүм көмүсчүт идэлээҕэ. Тымтайдаахха, Таҥараҕа элбэх сыл көмүстээбитэ. Мин күтүөппүн кытта тэҥҥэ сылдьыһан, көмүсчүт идэтин баһылаабытым. Бүлүүттэн Үрүҥээйэп диэн киһи тахсан, Баппаҕаайыга көмүсчүттэргэ аналлаах маҕаһыын астарбыта уонна дьону сүүмэрдээн Сиинэлэргэ көмүс көрдөтө ыыталаабыта да, Мытаараҕа мунутаан 3-4 грамм көмүһү булар этибит. Ол иһин аккаастаммыппыт. Миигин Степан Лепчиков Үөһээ Бүлүү оройуонугар Даалыгырга баран көмүстүүргэ агитациялаабыта. Онно тиийэн мытаараны баһылаан, көмүстээһиҥнэ төбөбүт оройунан түспүппүт. Урут көмүскэ сылдьыбыт буоламмын, ханна көмүс баар сирин чинчийэн дьоммор ыйан-кэрдэн биэрэр этим, ол иһин миигин салайааччынан талбыттара.
Өргүөккэ 8 сыл олорбутум. Онно олоҕум аргыһын Александра Григорьевнаны көрсүбүтүм. 1942 сыл балаҕан ыйыгар холбоспуппут уонна иккиэн көмүс сууйуутугар үлэлээбиппит. Ол бириэмэлэргэ фашистскай Германия сэриинэн саба түһэн, үлэ-хамнас барыта фронт, барыта кыайыы туһугар босхо бэриллэрэ. 80-ча көмүсчүккэ бронь биэрэн үлэлэппиттэрэ.
1943 сыл үүммүтэ. Биир сарсыарда Өргүөт Советын исполкомун председателэ Абрахов көмүсчүттэргэ кэлэн, сэрии туһунан уоттаах-төлөннөөх тылы эппитэ уонна 80-ча киһиэхэ Кыһыл Армияҕа ыҥырыллалларын туһунан бэбиэскэ туттартаабыта. Ол иһигэр мин эмиэ баар этим. 80 ыҥыырдаах аты илдьэ Армияҕа барааччылары атаарбыттара. 1943 сыл сайын Лермонтов борокуотунан армияҕа барааччылары илдьибиттэрэ. Мальтаҕа тиийэн, ый аҥаарын курдук үөрэтэн баран, Читаҕа биир ый мас кэрдиитигэр үлэлэппиттэрэ. Онтон поеһынан арҕаа сэриилэһэр чааска атаарбыттара. Муораҕа тиийэн катердарга сэрии сэбэ бөҕөнү киэһэ хараҥа буолуор диэри таспыппыт, түүн катердарга олордон силбэһиини туораппыттара уонна салгыы сатыы айаннаабыппыт. Сарсыарданан землянкаҕа тиийбиппит. Манна 14 күнү быһа тохтоло суох сэриилэспиппит. 15-с күммүтүгэр эмиэ кимэн киириигэ 10 буолан уһулуччу баран испиппит. Онтон өстөөхтөргө лаппа чугаһаан иһэн танкаҕа хаххалана сытан өстөөхтөргө утары уоту аспыппыт. Өр өтөр буолбатаҕа, үлүгэрдээх тыас дэлби бараатын кытта, танкабыт сороҕо уонна бииргэ сылдьыбыт дьоннорум үрүө-тараа ыһылла түспүттэрэ, сибилигин аҕай тыыннаах, өстөөхтүүн өнөрүтэ түсүһэргэ бэлэм сыппыт доҕотторум сэймэктэнэн, лабаалара ыһыллан хаалбыттарыттан уйулҕам хамсаабыта уонна өстөөхтүүн хааппыла хаан хаалыар диэри кыдыйсар санааны ылынан сэриилэспитим. Эмискэ хаҥас ойоҕоһум, буутум биирдэ аһый гынан хаалбыта, өйбүн сүтэрбитим. Биирдэ өйдөммүтүм, хараҥаран эрэр эбит, тылым чороччу хатан хаалбыт. Тыас-уус тохтообут. Сор бөҕөнөн өлүөр уҥа өттүкпэр үҥкүрүс гынаммын, сыыллан эрэй бөҕөнөн траншеяҕа тиийбитим, биир бурят уола турара, ону көрөн баран ханна да барбыппын өйдөөбөппүн. Арай биирдэ өйдөммүтүм, 2 санитарка кыыс носилкаҕа ууран илдьэ баран иһэллэр этэ. Улахан сырдык балааккаҕа киллэрэн, бастакы көмөнү онорон баран, нөҥүө күнүгэр силбэһиини хараабылынан туоратан, онтон поеһынан Сочига госпитальга ыыппыттара. Онно икки ойоҕоһум тостубутун, өттүгүм уҥуоҕа алдьаммытын операциялаабыттара, эмтээбиттэрэ. 1944 сыл тохсунньу ыйтан балаҕан ыйыгар дылы госпитальга сыппытым. Онтон Украинаҕа шахтаҕа үлэлээбитим. Мин ити бааһырыым Керчь куораты босхолооһуҥҥа этэ. 227-с Темрюкскай стрелковай дивизия 779-с Севастопольскай полк рядовойунан сылдьыбытым.
Шахтаҕа үлэлии сылдьан сэриигэ ылбыт бааһым көбөн медицинскэй комиссия инбэлиит оҥорбута. Уонна байыаннай эбээһинэстэн босхолоон, дойдубар ыыппыттара. Дойдубар 1945 сыл бүтэһигэр эргиллэн кэлбитим. 1946 с. МТС-ка рабочай быһыытынан үлэҕэ киирбитим. 1950 сылтан 14 сыл устата МТС-ка куонньугунан үлэлээбитим. Онно сырыттахпына, 1952 сылга сэриилээспит чааһым Албан Аат III истиэпэннээх уордьанынан уонна «Германияны кыайыы» иһин мэтээлинэн наҕараадалаабыта. 1964 сылга МТС «Сельхозтехника» буолбутун кэннэ балтаһытынан үлэлээбитим. МТС-ка барыта 27 сыл үлэлээбитим уонна 1973 с. пенсияҕа тахсыбытым. «Сельхозтехника» оройуон киинигэр көспүтэ, ол иһин Исидор Барахов аатынан совхозка рабочайынан киирбитим. Уонна күн бүгүнүгэр дылы ыскылаакка үлэлии сылдьабын.
МТС-ка үлэлии сылдьан, үчүгэйдик, чиэһинэйдик үлэлээбитим иһин «Ударник коммунистического труда» буолбутум уонна элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмытым; 1980 с. нэһилиэк Бочуотунай гражданинын аатын ылбытым. Уонна 5 юбилейнай медалларынан наҕараадалыммытым. 1978 с. «Ветеран труда» мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Кыайыы 40 сылыгар I истиэпэннээх «Участнику Отечественной войны» уордьанынан уонна юбилейнай «40-летие Победы» мэтээлинэн наҕараадаламмытым.
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр 4-пүт. Ийэбит инбэлиит, сааһа 67-тэ. Улахан уолум Павлов Михаил Софронович, куоракка киноуправлениеҕа главнай инженеринэн үлэлиир. Кэргэннээх. Кыра уолум Омукчанов Леонид Петрович тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн кэлэн, манна төрөөбүт совхоһугар Исидор Барахов аатынан совхозка главнай инженер-мелиораторынан үлэлиир. Кэргэннээх. Мин билигин саамай үөрэрим, дьонум-сэргэм, ыччаттарым ытыктабылларын, убаастабылларын ыларбыттан, кинилэр миигин холобур оҥостоллоруттан.
Сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк Бочуотунай гражданина
Павлов Софрон Абрамович
Миитэрэй Наумов «Кинилэп дьоллоох саллааттар этэ», 2015 с. кинигэттэн
Биһиги дьиэ кэргэн уордьана
Биһиги эһэбит аата Павлов Софрон Абрамович. Кини сэриигэ кыттыбыт. Хорсуннук сэриилэспит. «Албан аат» уордьаннаах уонна элбэх медаллардаах. Эһэм сэриигэ бааһырбытын туһунан маннык кэпсээччи:
«Үөрэҕэ суох, нууччалыы да сахалыы да биир да буукубаны билбэт буолан сэриигэ дьону батыһа сылдьар этим. Биирдэ кимэн киирии буолла. Уот ардаҕы ортотунан ытан ньиһийэ-ньиһийэ иннибит диэки харса суох сүүрэбит. Немецтэр танканан ытыалыы-ытыалыы утары атаакалаатылар. Сир ньиргийэн олорор. Сотору соҕус дьоннорбун имири охсон кээстилэр. Үрдүбэр түһээччи үрдүбэр, аттыбар түһээччи аттыбар оҕутта. Сыт-сымар бөҕө буолла. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ немецтэрим бу кэлэн тураллар эбит уонна автоматынан субурута тураллар. Мин дьэ куттанным. Суос соҕотох хааллаҕым, билигин дьэ билиэн ылар, биитэр өлөрөр буоллахтара дии санаатым. Биэс ботуруонум хаалбытын автомаппар анньан кэбистим, икки бэстилиэттээхпин бэлэмнээтим, чугаһаатахтарына сомуокпун тардан кээһиэм диэн бэлэм сыттым. Утаакы буолбата, ойоҕоһум тырым гынна, уотунан аһыйда, онно сахалыы айыкка диэтим быһыылаах, өйбүн сүтэрэн кэбистим. Төһө өр сыппыппын билбэппин, өйдөнөн кэлбитим хараҥаран эрэр. Хааным бөҕө баран тылым чороччу хатан хаалбыт, силбин ыйыста сатыыбын, силим суох, кубус кураанах. Халлааным хабыс хараҥа буолан хаалла. Кэлбит сирим бу диэки баар этэ өй көтөн түстэ. Илиибин хамсатаары гыммытым, аҥаар ойоҕоһум уонна атаҕым хамсаппат. Үчүгэй илиибинэн, атахпынан били үрдүбэр түспүт дьоннорбуттан босхолоннум. Аа-дьуо инним диэки сыҕарыҥнаатым. Кэлбит сирбэр, окопабар тиийдэрбин диэн санаалаахпын. Ол муҥнанан иһэн инчэҕэйгэ илиибинэн тайана түстүм. Дьэ онтон омуртум, тылым дэлби хатан нэһиилэ ыйыһынным уонна дьэ, хараҕым сырдыырга дылы гынна. Салгыы айаннаатым. Өстөөхтөр сотору-сотору ракетницаннан ыталлар. Үөрэппиттэрин курдук, сырдык уот иһэрин көрдүм да хаптайан хаала-хаала өр баҕайы сыылынным. Окопабар тиийдим. Оруобуна биир бурят уола автоматтаах ытардыы бэлэм турар. Ону мин дьэ сахалыы абыраа диэбитинэн туох баар саалары-саадахтары окопаҕа биирдэ куугунаан түстүм. Били уолум бэйэбит киһибит диэн биллэ уонна икки санитар кыргыттары аҕалла. Өстөөх осколката ойоҕоспун имири сотон ааспыт этэ, госпитальга сэттэ ый устата сыттым. Син киһи-хара буоллум. Ол кэннэ Украинаҕа шахтаҕа чох хостооһунугар үлэлээбитим. Онно үлэлии сылдьан крепление алдьанан илиибин өлөрбүтүм, үчүгэй ойоҕоспунан тымныйан өлө сыһан арыычча өрүһүммүтүм кэннэ дьэ дойдубар ыыттылар. Үөрэҕэ суох буолан эрэй бөҕөнү көрөн дойдубун булбутум».
Эһэм бу сайын 85 сааһын туолуохтаах. Билигин куоракка баар. Сайын аайы биһиэхэ Намҥа кэлэр. Эһэм кэлэрин мин куруук күүтэбин. Кэллэҕинэ тэтэрээттэрбин, сыаналарбын көрдөрүөм. Оҕом суруйарга үөрэммит диэн эһэм үөрүө. Улааттахпына эһэм туһунан өссө элбэҕи суруйар баҕалаахпын.
Омукчанов Софрон
Нам орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ, 2000 с.
«Албан аат эһиэхэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!», 2000 с. брошюраттан