
1945 с. Армияҕа ыҥырылллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа Порт-Артур 92-с отдельнай стрелковай полка састаабыгар Японияны утары сэриигэ кыттыбыт.
1947 с. дойдутугар эргиллибит.
Төрөппүттэрбитинэн киэн туттабыт, махтанабыт
Биһиги аҕабыт Павлов Спиридон Степанович 1923 с. “Ураһалаах“ алаас илин баһыгар төрөөбүт. Кини төрөппүттэрэ тумул тыа куулатыгар олорор дьиэлээхтэр эбит, ол дьиэни кэлин Намҥа көһөрөн аҕалбыттар. Ол дьиэ аҕыс оҕо, элбэх сиэн биһиктэрин ыйаабыт, киһи хара буолан үүнэн-сайдан тахсыбыт алаһа дьиэбитинэн буолар.
Ураһалаах илин эҥээригэр Ботуоҥкалар, арҕаа баска Токорууса Уйбааннаах, Болҕотордор, Кирилэ уола Баһылайдаах, Лэспэс Хабырыыллаах уонна Молоолор олорбуттар. Аҕабыт бастаан 1933 с. оскуолаҕа киирэн баран Токоруусаларга олорон үөрэммит. Кини оҕо сааһын табаарыстарынан Токорууса уола Баһылай, балта Өлөксөөндүрэ, Лэспэс уола Кунаах Баһылай, Баһылай убайа Гавриил этилэр. Кинилэри кытта күнү быһа моҕотой, күтэр сырсыытыгар бэл дөлүһүөн хатыылаах угар сыгынньах атахтара хаан оҕуолуор диэри сырсан ыалдьарын да билбэт буолуохтарыгар диэри оонньууллара, илиилэрэ хатыран дэлби хайа барара да оҕо саас умсулҕаннаах оонньуутугар кыһаллыбакка күнү бүтэрэллэрэ. Холхуоска киирэн холбоһуктааһын саҕана арҕаа бастар бары Балаҕаннаахха “Кыһыл үлэһит” холкуоска киирбиттэр, арай аҕабыт дьоно Намҥа “Чолбон” холкуоска киирбиттэр.
Аҕабыт Япония сэриитигэр Порт Артурга 67–с стрелковой полкаҕа сулууспалаабыта. Саллааттар хааччыллыылара олус мөлтөҕө, бэл аһыыр иһиттэрэ суох эбит. Аҕабыт биир дойдулаахтарыгар Адамов уонна Родионов Ньукулайдарга алюминийтан миискэ, курууска, луоску оҥортоон биэрбитин көрөн, рота хамандыыра 600 устуука миискэ, курууска, луоску уонна алюминий ордугар хомуос оҥотторбут. Ол кэннэ аҕабытын кистэлэҥ байыаннай собуокка үлэҕэ ыыппыттар. Аҕабыт онно үлэлии сылдьан 1947 с. ыалдьан төннөн кэлэн оскуолаҕа завхоһунан үлэлээбитэ, онтон Чолбон холкуос солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, тутуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ, оройуоҥҥа райком дьиэтин туттарбыт биригэдьиир буолар. Ийэбитин Григорьева Мария Евсеевнаны (”Материнская Албан аат” II, III степеннаах уордьан кавалера, үлэ ветерана) көрсөн 1950 с. ыал буолан, 8 оҕону төрөтөн-иитэн, атахпытыгар туруортаан, дьиэлээн-уоттаан төрөппүт быһыытынан иэстэрин толору төлөөн барбыттара, кинилэр сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн, итии тапталларыгар угуттанан бары олохпутун булбуппутугар, тапталлаах төрөппүттэрбитигэр махталбыт муҥура суох.
Аҕа. Бу олус аҕыйах буукубаттан суруллар тыл эрээри, хас биирдии төрөппүт оҕоҕо олус күндү уонна улахан суолталаах тыл. Биһиги аҕабыт Спиридон Степанович хас биирдиибит олоҕор улахан миэстэни ылар киһи. Ийэбитин Мария Евсеевнаны кытта оҕо эрдэхпититтэн үлэни таптыырга,тулуурдаах буоларга үөрэппиттэрэ. Кыра сылдьан дьиэҕэ алта уол баар буоллахпытына баҕар наһаа айдааннаах буолуо эбитэ буолуо, ону дьоммут хас биирдиибитигэр тус туспа дьарык булан биэрэн, бары онно аралдьыйан, кыргыттар ийэлэригэр дьиэ үлэтигэр көмөлөһөн, дьиэ иһэ олус чуумпу буолааччы.
Өйдүүбүт, 6-7 кылаастарга үөрэнэ сылдьан бастаан матасыыкыл ыыппыппытын, онтон Аҕабыт ГАЗ-69 массыынатын ыытан бэйэбитин аан бастаан улахан дьон курдук санаммыппытын. Сайынын аҕабыт массыынатынан бары бииргэ оттуу, балыктыы, бултуу, сир астыы барарбыт, кыһын андаатар булдугар сылдьыһарбыт. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бары техническай куруһуоктарга дьарыктаммыппыт, хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэнэн, түүннэри хаартыска бэчээттиирбит. Бу дьарыктарбытын төрөппүттэрбит өйөөн, матырыйаалынан толору хааччыйаллара. Улаатан оскуоланы бүтэрбиппит кэннэ аҕабыт уолаттары батыһыннара сылдьан аны уһанарга үөрэппитэ. Билигин бары даҕаны кыралаан уһанабыт, дьиэбитин-уоппутун бэйэбит оҥостобут, Аҕабытыгар олохпут тухары үөрэппит үөрүйэхтэригэр махтанабыт, маннык болҕомтолоох, уолаттарын эр киһилии ииппитин аны бэйэбит оҕолорбутугар иҥэрэ сатыыбыт. Ол да иһин төрөппүт алта уолаттарыттан икки механик үөрэхтээх Макар Спиридонович, Спиридон Спиридонович, түөрт бастакы кылаастаах суоппардар Степан Спиридонович, Герман Спиридонович, Сергей Спиридонович, Иван Спиридонович иитиллэн тахсыбыппыт, кыргыттартан Варвара Спиридоновна учуутал, Ньургустаана Спиридоновна медсестра идэлээхтэр. Бырааппыт, убайбыт Степан Спиридонович Нам нэһилиэгин баһылыгынан талыллан нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.
Аҕабыт үлэтин таһынан аны саҥаны-бастыҥы айарга, тыа сирин үлэһиттэрин ыарахан үлэлэрин чэпчэтэр туһуттан ис санаатыттан араас кыра техникалары оҥорон улахан сэҥээриини ылбыта, ол үлэлэрэ улууска, республикаҕа Союзка кытта тарҕаммыттара, ордук от кэбиһэр агрегатын макета 1975 с. Москваҕа ВДНХ массыына оҥоһугун сүрүн павильонугар үрдүк биһирэбили ылан боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1969 сылтан барыта аҕыс араас рационализаторскай үлэлэрэ 1 мөл 33 тыһ экономическай барыыһы аҕалбыттара, ити үлэлэрэ бары свидетельстволаахтар. Кэлин өссө МТЗ тракторга состоруллар комбайны 1950-60 сылларга үлэлии сылдьыбыт С-4 бэйэтэ хаамар комбайн дьардьаматыгар оҥорон үлэлэппитэ улахан сэҥээриини ылбыта.
Аҕабыт Павлов Спиридон Степанович 1978 сылтан кадровай булчутунан үлэлээбитэ, андаатарын тиириитэ, сууйуута-сотуута барыта ийэбит Мария Евсеевна көмөтүнэн ситиһиллэрэ. Тыа сирин ыарахан үлэтин ханнык баҕарар салаатыгар: техника буоллун, тутуу буоллун, булт буоллун үлэһит аһын-таҥаһын үчүгэйдик көрдөххө-иһиттэххэ тахсыылаах буолара хас биирдии киһиэхэ өйдөнөр. Маны барытын Ийэбит бэрийэн-тэрийэн аҕабыт үлэтэ тахсыылаах буоларыгар төһүү күүс буолбута мэлдьэҕэ суох. Аҕабыт оннук да сыаналыыра. Ийэбит, эбээбит барахсан ыарахан ыарыыттан эрдэ орто дойду олоҕуттан барбыта.
Олох уларыйан ыһыллыы- тоҕуллуу буолбутугар, аҕабыт барыбытын түмэн “Хампа” бааһынай хаһаайыстыбатын тэрийэн, сиртэн үрдүк үүнүүнү ылыыга үлэлээбиппит. Сайын ахсын оҕолуун-уруулуун бары түмсэн хортуоска, хаппыыста үлэтигэр үлэлээбиппитин билигин сылаастык ахтабыт, бу да көрдөрөр биһиги аҕабыт оҕолорун тустарыгар уҕараабат кыһамньытын.
Аҕабыт, эһэбит сиэннэригэр ураты болҕомтолоох этэ. Хас биирдии сиэнин аатын толору билэрэ, кинилэр ситиһиилэриттэн истиҥник үөрэрэ, сүбэлиирэ, сыал-сорук туруорара.Олоҕун бүтэһик сылларыгар Саҥа дьыл бырааһынньыгар сиэннэригэр стипендия туттарара. Эһэбит 4 кылаас үөрэхтээҕиттэн наһаа хомойоро уонна сиэннэрэ бары үөрэхтээх дьон буолан тахсалларыгар олус баҕарара. Ылар стипендиялара үөрэххэ хайдах сыһыаннарыттан буолара, ол эрэн студент буоллун, үөрэнээччи буоллун сууммата биирэ – бу сиэннэрин үөрэххэ көҕүлүүр биир бастыҥ ньымата этэ. Куораттан кэллэҕинэ хас биирдии оҕотугар эбэтэр ыалынан да буолуон сөп, онтон сиэннэригэр барыларыгар кэһиилээх буолара. Аны сиэннэрин батыһыннартыы сылдьан техникаҕа буоллун, от, оҕуруот үлэтигэр буоллун, бултуурга, балыктыырга бастакы сатабылларын эмиэ Эһэлэрэ үөрэппитэ. Хас биирдии күтүөтү, кийиити бэйэтин оҕолорун курдук тутара, куруук көмөлөһөрө, сүбэлиирэ-амалыыра.
Аҕабыт, Эһэбит Спиридон Степанович үлэтэ улаханнык сыаналаммыта Ленин, Октябрьскай революция уордьаннар кавалердара,”Саха сирин үтүөлээх механизатора”, Саха сирин “Ытык Аҕа” бэлиэ хаһаайына, Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, персональнай суолталаах пенсионер. Кини аатын үйэтитээри сылын ахсын Нам орто оскуолатын үөрэнээччитигэр “Сир хаһаайына” диэн бириэмийэни Оскуола күнүгэр туттарабыт.
Спиридон Степанович Павлов, Мария Евсеевна Григорьева
оҕолоро,сиэннэрэ,хос сиэннэрэ.
2020 с.
