Васильев Николай Матвеевич

1926 с. Нам нэһилиэгэр Батакай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
1944 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фронт 210-с стрелковай дивизия 649-с стрелковай полкатыгар  Японияны кытта сэриигэ кыттыбыт.
1947 с. дойдутугар эргиллибит.
1957 с. өлбүт.

Мин аҕам

   Мин аҕам Васильев Николай Матвеевич (Батакай уола)  1926 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Степанова (Васильева) Христина, аҕата Васильев Матвей Матвеевич биэс оҕолоохторуттан үһүс оҕолоро. 1942 с. 16 сааһыгар Бүлүү оройуонун военкоматынан ыҥырыллан Дьокуускай куоракка баран икки сыл үөрэнэн, тутууга үлэлээбитэ. Сэрии буола турарын иһин дьоно оҕобутун сэриигэ ыллылар диэн ытыы хаалбыттар. 1944 сылга саха оҕолорун Япония сэриитигэр ыыппыттар. 18 саастаах эдэркээн оҕолор барбыттар. Онно сылдьыбытын туһунан кэргэнэ Ноговицына Мария Евсеевна кэпсээбититтэн хаалбыта. “Наһаа итии, өлүк бөҕө уонна хаан сыта ынырык куһаҕан сыттаах”, – диирэ үһү. Уонна биир түгэни өйдүүбүн, оччолорго Японияҕа телевизор баар эбит. Ону аҕабыт этэрэ үһү: “Дьиэбитигэр олорон киинэ көрөр буолуохпут “, – диэн. Ол аата телевизоры кэпсиир эбит. Онто биһиэхэ 1975 с. кэлбитэ. Бастакы сылларыгар ыалга барытыгар баар буотах этэ.

Мин ийэбин кытта 26.01.1951 с. холбоспуттар. 4 оҕолонон баран отой эдэригэр 31 сааһыгар улаханнык ыалдьан бу күн сириттэн барбыт. Ийэбит бэйэтэ соҕотоҕун 4 оҕону улаатыннарбыта. Отой хойут Ноговицына Евгенья Васильевна туруорсан, архыыптан докумуон булан, бииргэ сулууспалаабыт Михайлов Михаил Алексеевичтан туоһу сурук ылан аҕабытын ветеран ВОВ гыннарбыта. Ийэбит «Вдова ветерана ВОВ» буолбута.

Билигин биһиги бары бэйэбит эбээлэрбит уола эһээ буолан олоробут,11 сиэннээх,10 -тан тахса хос сиэннээх.

Япония курдук ыраах сиргэ тиийэн сэриилэһэн, тыыннаах кэлэн, эрдэ ыал буолан, оҕолонор дьолу билэн, олох олорон ааспыта. Кылгастык олох олорбут кэмигэр үлэһитинэн да сирдэрбэтэх. Намҥа сельпоҕо атыыһыттаабыт, счетоводтаабыт. Үчүгэй үлэтин иһин оччотооҕу райпотребсоюз  республикатааҕы профсоюһуттан почетнай грамоталаах этэ уонна сэрииттэн мэтээллээх кэлбитэ. Биһиги кининнэн киэн туттабыт.

 Бииргэ төрөөбүт балтын Васильева Христина Матвеевна ахтыытыттан:

“Нам биир кырдьаҕас олохтооҕо Васильев Матвей Васильевич уонна Васильева Христина Матвеевна биэс оҕолоох этилэр, үс кыыс икки уол. Убайым холкуоска үлэлиирэ. Биирдэ аҕам миигин илдьэ сылдьан сэбиэттэн бэбиэскэ туттарбыттар: “Уолгун сэриигэ ыыталлар диэбиттэр. Аҕам эттэ: “Уолбун сааһын эбэн уон сэттэтин туола илик уолбун сэриигэ ыыттылар”, – диэн. От ыйа 1942 сыл этэ, убайым өрүс уҥуор окко үлэлии сырыттаҕына аҕалбыттара дьиэтигэр. Ийэлээх, аҕам харахтарын уута тохто сылдьан таҥаһын хомуйан биэрбиттэрэ. Аара аһыыр аһылыгын уган атаарбыттара. Убайым миигин сүүспүттэн сыллаан ылбыта уонна эппитэ: “Мин сэриигэ баран эрэбин”, – диэбитэ. Ийэм эппитэ: “Киристиинэ киирэн утуй, сарсын киирэн борохуоту көрүөҥ. Түргэн борохуот дьону Дьокуускайга илдьэр”, -диэбиттэрэ. Убайым Дьокуускайтан сурук ыытар этэ. Икки сыл ааспыта. Биирдэ убайбыттан сурук кэлбит онно эппит: “Япония  диэн дойдуга сэрии буола турар сиригэр аҕаллылар”, – диэн. Японияттан хаартыскалаах сурук кэлбитэ. Автомат диэн сааны тутан турабын диэн.

Онтон 1947 сыл убайым сэрииттэн төннөн иһэбин, Бүлүү куоракка аҕаллылар, кэлэн ылыҥ диэн. Аҕам кыра күтүөтүн Иванов Павеллыын аттаах сыарҕанан Бүлүүгэ барбыттара. Кыһын этэ тымныы баҕайы. Ийэм эт, алаадьы буһарбыта. Оччотооҕуга ыһыырынньык лаампа дьиэни сырдатар этэ. Таһырдьаттан икки киһи дьиэҕэ киирбиттэрэ. Убайым миигин сүүспүттэн сыллаабыта уонна эппитэ: “Киристиинэ улааппыт даҕаны”, – диэбитэ. Эдьиийдэрим ыал буолан олороллор этэ.

Убайым сэрииттэн кэлэн баран наспо диэн тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Убайым кэргэннэммитэ,  биир уол, үс кыыс оҕоломмуттара.1957 с. суох буолбута.

 Бииргэ сулууспалаабыт табаарыһын Максимов Михаил Алексеевич ахтыыта:

“Биһиги Бүлүү 4 оройуонун уолаттара уонна кыргыттара Якутскай куоракка 1942 с. ФЗО диэн үөрэххэ, атыннык эттэххэ араас тутуу үөрэҕэр үөрэнэн баран Якутскай тутуутун тэрилтэтигэр үлэлээбиппит. Онтон 1944 сыл кулун тутар ыйга биһигини армияҕа ылбыттара. Бу барыта   Үөһээ Бүлүүттэн 87 буолан барбыппыт. Биһигини Даурия диэн байыаннай чааска илдьэн карантиҥҥа сытыаран баран, Забайкальскай военнай округ 220 дивизияҕа, 619 строевой полкаҕа 3 батальоҥҥа түбэспиппит. Мин 8 ротаҕа Кардашевскай Василийы кытта, Николай 7 ротаҕа Николаев Гаврил Капитонович, Томскай Терентий Васильевич уонна Пахомов Иннокентий Ньурба олохтооҕо буолан түбэспиттэрэ.

1945 сыл от ыйын саҥатын эргин военнай балаһыанньаҕа туруоран илдьэ барбыттара. Аара үөрэтэ үөрэтэ, Аргун диэн өрүскэ чугаһаабыппыт кэннэ, сэриигэ баран иһэбит диэн, японецтар хайдах кыахтаахтарын, туох сэбинэн үчүгэйдик баһылаабыттарын арааһы бары үөрэтэллэрэ. Атырдьах ыйын 9 түүнүгэр биһигини Аргун өрүс чугаһыгар хайа кэтэҕэр туох да ото маһа суох  сиргэ түүн аҕалтара. Сарсыарда 9 чааска тов. Молотов Япония сэриини биллэрдэҕинэ, оччоҕо биһиги Аргун өрүһү туоруохтаахпыт. Биһиэхэ улахан сэрэтии баар этэ. Япониялар сүгүн границаны туоратыахтара суоҕа диэн. Хата биһиги дьолбутугар биһиги пограничниктарбыт уонна разведчиктарбыт кинилэр заставаларын ылбыттар этэ. Онон бу Васильев Николай  Аргуну туораан, Хинган  хайатын чиэрэстээн, Харбин , Чан-чунь  куоракка тиийэн бэрээдэги олохтооһуҥҥа сулууспаласпыта. Ити кэннэ биһигини онно-манна, урут-хойут  Россияҕа ыытан чааспытын  уларытан испиттэрэ.

Убайым Николай Николаевич  ыыппыт:

Справка центрального архива Министерства обороны РФ

142100 г. Подольск Московской обл.

 В книге учета рядового и сержантского состава 649 стр. полка 210 стр.дивизии за 1944-1945г. значится: “красноармеец  Васильев Николай Матвеевич, 1926г.р., призван 14.03.1944г. Якутским РВК, прибыл  25.06.1944, убыл в отдельный батальон контрразведки “СМЕРШ”  Забфронта  09.09.1945 года”.

Основание: оп 363104 с,д,з л.121  649 стр. полк 210 стр. дивизии с 09.08.1945 г. 03.09.1945 г. входил в состав действующей армии.

основание: пр.5л.99.

Начальник архивохранилища от 31.05.2002 г.