Васильев Потап Герасимович-Батаа

1894 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүтэ. Кэргэнэ Евдокия Захаровна. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, «Кыһыл үлэһит» холкуоска өр кэмҥэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.

1931 с. 16 киһилээх Саха сирин холкуостаахтарын уонна кыһыл партизаннарын делегациятыгар киирэн Москваннан, Уфаннан о д. а. сирдэринэн сылдьан араас заводтары, ГЭС тутуутун, передовой холкуостар улэлэрин билсибиттэр, гражданскай сэрии геройа И.Я. Строду кытта көрсүбүттэр.

Васильев П. Г. делегация састаабыгар аллараа эрээккэ хаҥастан иккис олорор. От ыйа, 1931 с., Москва к.

Намҥа нэһилиэк советын исполкомун председателинэн үлэлии олорон 1944 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Бүлүүтээҕи призывной пункт списогар Васильев Потап Герасимович, 1894 с. төрүөх 1944 с. армияҕа ыҥырыллыбыт диэн сурулла сылдьар.

Байыаннай пересыльнай пуун докумуоннарыгар: 1944 с. алтынньы 9 күнүгэр Тамбовcкай пересыльнай пууҥҥа «негодные к строевой службе» диэн 20 киһини ыыппыттар ахсааннарыгар баар. Төрөөбүт сылын 1895 с. диэбиттэр, семейнай балаһыанньатыгар Евдокия Захаровна диэн суруллубут. (ЦАМО ф. Тамбовскай байыаннай пересыльнай пуун, о. 224417, д. 32)
Дойдутугар эргиллэн кэлбэтэх.