
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1941 с. ахсынньы 26 күнүгэр 22 гвардейскай стрелковай дивизияҕа 62 гвардейскай стрелковай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан, Калининскай уобалас Старицкай оройуонугар буолбут кыргыһыыга сүтүктэр списоктарыгар киирэ сылдьыбыт. 1942 с. сэтинньи 25 күнүгэр 1170 стрелковай полкаҕа сылдьан ыалдьан госпитальга киирбит, диагноһа туберкулез легких, дистрофия III степени (ЦАМО ф.58, о. А-83627, д. 5421). 1943 с. олунньу 7 күнүгэр госпитальга өлбүт. Кировскай уобалас Киров куорат Ленинскай оройуон Потребкооперация уул. Лобановскай кладбищеҕа №289 көмүллүбүт.
