Ефимов Николай Гаврильевич

1915 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха Хабыдьыйалар диэн биэс оҕолоох ыалга бастакы оҕоннон төрөөбүт. Оскуолаҕа үөрэммит. Онтон Ньурбаҕа бухгалтер үөрэҕэр үөрэнэн баран, холкуоска кэлэн үлэлээн иһэн сэриигэ барбыт. Соҕуруулуу-Арҕааҥы фронт (ЮЗф) 226 стрелковай дивизия  985-с стрелковай полкатыгар биир дойдулааҕа Кардашевскай Илья Ильичтыын сэриилэспит.1942 с. кулун тутар 26 күнүгэр Харьковскай уобалас Старо-Салихов диэн сиргэ көмүллүбүт.

226 стрелковай дивизия 985 стрелковай полкатын боевой журналыттан. (сайт pamyat-naroda.ru)
Ефимов Николай хараллыбыт сирэ