Иванов Алексей Иванович

1926 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ. 1944 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фр. Иркутскай уобалас Мальта станцияҕа сулууспалаабыт. 1945 с. дойдутугар төннүбүт. 1985 с. өлбүт.

Аҕабыт албан аата умнуллубатын

Биhиги аҕабыт Иванов Алексей Иванович, 1923 с. Нам нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Үс саастааҕар аччык кэм буолан дьонноро көнньүнэн өлбүт сылгы этин сиэннэр биир күн өлбүттэрэ. Онон ол күн ийэтин, аҕатын, Тып диэн ааттаах эдьиийин уонна биир хоноhо киhини көмпүттэрэ. Аҕабытын өлбүт диэн хоруоп оҥорон, сууйан, тараан, көмөөрү гыммыттара ынчыктаан кэлбитин, куттанан мүччү түhэрэн кэбиспиттэрэ ытаан кэлбит, ону ылан эдьиийин Мотуруона, эмиэ кини курдук ыалдьан сытар киhиэхэ, хоонньугар укпуттар. Онтон ирэн, аhаан, киhи буолан тыыннаах хаалбыт. Эдьиийэ Мотуруона иитэн, улаатыннаран, сэриигэ ыҥырыллан Забайкальскай дорожно-строительнай чааска сулууспалаабыта. Тимир суол тутуутугар, мас-ойуур кэрдиитигэр Иркутскай уобаласка Мальта тимир суолун станциятыгар бииргэ төрөөбүт убайынаан Туручуков Николай Ивановичтыын сылдьыбыттара. Ыарахан үлэттэн толлубакка үлэлии сылдьан брюшной тиф ыарыытыгар ыалдьан госпитальга киирэн эмтэммит, онон убайыныын сүтэрсэн кэбиспиттэр. Госпитальтан тахсан баран атын чааска сулууспалыы сылдьан убайын алҕаска көрсөн ытаан бөҕөтө буолбут, ол кэннэ бииргэ төрөөбүт убайдыы бырааттыыларын билэн биир чааска холбообуттар, онто ыла бииргэ сулууспалаан, сэрии бүппүтүгэр иккиэн тимир суолунан Байкалынан, Улан-Удэнэн уонна Чита куораттарынан айаннаан дойдубутугар төннүбүппүт диэн кэпсиирэ. Байкал эбэ хотун улаханын, киэҥин сөҕөн  санаан ылааччы. Сэрииттэн кэлэн баран «Чолбон» холкуоска тутаах үлэhитинэн үлэлээбитинэн барбыта. Бастаан тутууга, от-мас үлэтигэр, онтон Ньурбаҕа тракторист курсугар үөрэнэн бастакы трактористартан биирдэстэрэ буолбута, онон дьон кыстыыр маhын, отун, мууhун таhар, ыhыы кэмигэр сир оҥоруутугар бокуойа суох үлэлээн барбыта. Салалта этиитинэн саҥа кэлбит водовоз массыынаҕа суоппарынан көспүтэ, онон ыаллары, тэрилтэлэри ууннан хааччыйыыга эппиэтээх үлэhит буолбута. Оччолорго Нам, Балаҕаннаах нэhилиэктэригэр эргийэн уу таhара, биhиги кыра сылдьан массыынатыгар тиэллэ сылдьан утуйан хааллахпытына урууларбытыгар түhэртээн, Балаҕаннаахха хоно хаалбыппыт үгүс буолааччы. Илии үлэтин механизациялааhын кэмигэр совхозка доильнай аппараты киллэриигэ бастакы механигынан буолбута. Кэнники кэмҥэ И. Барахов аатынан совхоз Намнааҕы отделениятыгар механизированнай аҥардаах оттуур звенотун салаайааччытынан үлэлээбитэ. 1972-75 сс. 4 төгүл субуруччу Саха АССР үтүөлээх механизатора Павлов С. С. аатынан куоталаһыы-бириис кыайыылааҕа буолан, оройуон чемпион механизаторын аатын ылбыта, дипломнарынан наҕараадаламмыта. 1973-74 сс. Өлүөхүмэ уонна Ньурба оройуоннарыгар сири хорутааччылар республикатааҕы конкурстарыгар кыттан, бастакы миэстэни ылаттаабыта. Бааһынаны харандааһынан уруһуйдуур курдук көнөтүк түөрдэрэр, дириҥин сантиметыра сантиметырыгар түһэрэр диэн кэпсииллэрэ. Үлэтин таhынан аҕабыт уhанар, тутар дьоҕурдаах буолан Намҥа саҥа дьиэ тутуутугар, акылаат түhэриитигэр элбэх ыалга көмөлөспүтэ, кини тутуспут дьиэлэрэ билигин да тураллар. Аҕабыт 3 саастааҕар өлө сыhан баран, Аҕа дойду Улуу Кыайыытын уhаарсан, тыыннаах эргиллэн кэлэн ыал буолан 8 оҕолонон, сиэннэрин буостуктаhан дьоллоохтук олорбута. 1989 с. ыалдьан өлбүтэ.

«За доблестный труд в Великой Отечественной войне», «За победу над Японией» медаллар кавалердара. 1970 с. В.И.Ленин 100 сааhын юбилейнай мэтээлинэн, 1985 сыллааахха Кыайыы юбилейын мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1973 сыл түмүгүнэн уонна өр сыллаах сыралаах үлэтин сыаналаан Үлэ Кыhыл Знамятын уордьанын туттарбыттара.

Биhиги оҕолоро аҕабытынан Иванов Алексей Ивановиhынан киэн туттабыт уонна оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр холобур оҥостобут. Аҕабыт албан аата Нам нэhилиэгэр мэлдьи ааттана сылдьарыгар баҕарабыт.

Оҕолоро, сиэннэрэ. Ыам ыйын 4 кунэ, 2020 сыл.

Алексей Иванов хаҥастан бастакы Михаил Ефимович Николаев аттыгар олорор.
Иванов Алексей Иванович аҕыс оҕо амарах аҕата