
1943 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыта. 42-с минометной бригада 564-с минометнай Кутузова и Суворова уордьаннаах полкаҕа командир миномета.
09.06.1945 с. бэс ыйын 9 күнүгэр “Берлины ылыы иһин” мэтээлинэн, 1946 с. кулун тутар 29 күнүгэр “Кыһыл сулус” уордьанынан наҕараадаламмыта.
1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
1976 с. ыалдьан өлбүтэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ, фашистскай Германияны кыайыы бэлиэ күнүн, быйыл, 2020 сылга 75 төгүлүн бэлиэтэнэр. Бу үбүлүөйдээх сылга биһиги төрөппүттэрбит, аҕабыт, Ильин Егор Иванович-Бассабыык Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бэтэрээнэ, “Кыһыл сулус” уордьан кавалера, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга уонна ийэбит, Николаева Анна Николаевна тыыл бэтэрээнэ, “Материнская Албан аат” уордьан кавалера, СӨ “Гражданская доблесть” бэлиэ знак хаһаайката, аҕыс оҕо күн күбэй ийэтэ, бааллара буоллар, бииргэ олорбуттара 80 сыл, ону таһынан аҕабыт 100 сааһын туолуо этэ. Бу маннык бэлиэ сылга төрөппүттэрбитин, ити кэмнээҕи олохторуттан ахтан-санаан ааһар, сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитэр ытык иэспит. 1943 с. сайын аҕабыт маҥнайгы борохуотунан аармыйаҕа ыҥырыллан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барбыт уонна сэрии бүппүтүн кэннэ биир сыл курдук салгыы Германияҕа сулууспалаан баран 1946 с. эмиэ маҥнайгы борохуотунан икки бойобуой мэтээллэрдээх /”За взятие Берлина”, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин в Великой отечестенной войне 1941-1945 г.г.”/, биир “Кыһыл сулус” уордьаннаах, маны таһынан войсковой чааһын хамандыырын уонна штаб начальнигын ааттарыттан үчүгэй дисципилиинэлээҕин иһин хромовай саппыкы бэлэхтээх, Улуу кыайыыны Берлиҥҥэ тиийэ уһансан сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит. Аҕабыт сэрии уонна ол кэннэ Германияҕа хаалан сулууспалаабытын тустарынан улаханнык кэпсээбэт этэ. Арай кэлин, бырааппар Николай Егоровичка оҕо эрдэҕинэ, Германияҕа тугу көрбүттэрин, билбиттэрин туһунан дойдуларыгар тиийэн 20 сыл устата кэпсиэ суохтаахтарын туһунан НКВД сотрудниктара мэктиэ сурукка илии баттатан ыыппыттарын туһунан эппит үһү. Ол эрэн, итиннэ сыһыана суох сорох кэпсээбит түгэннэриттэн ахтан ааһар буоллахха, кэпсиир этэ, “снаряд скороһа салгыҥҥа тыас скороһынааҕар түргэн буолан буоллаҕа буолуо, кэннибитигэр түһэн эһиннэҕинэ кини иһиирэн ааһар тыаһа эстии кэнниттэн иһиллэрэ, онон таптарбытыҥ буоллар, дьиҥнээҕэ, өлөн бүтэн баран чохчоҥнуу олорор курдук буолаҕын,”- диирэ. Теоретически толкуйдаатахха ити этиитэ оруннаах курдук. Онтон биир түүн утуйа сыттахтарына саллаат бөҕөнү наһыылканнан госпиталга таспыттар, ол саллааттар күнүс ньиэмэстэр подвалга дьааттаан баран хаалларбыт арыгыларыгар түбэһэн испиттэр. Олортон сорохторо атырабыыс буолан өлбүт үһүлэр. Иккис түгэн. Берлин куораты ылан баран саллааттар маҕаһыыҥҥа киирэн сабыс саҥа аккардионнары ылан аҕыйахта тардырҕата түһээт ортотунан ыыра тардан кэбиһэллэрин көрөн, “ама да өстөөххө өһүрбүт иһин, хаарыан инструменнар тугун буруйдара эбитэ буолла,”- диэн кэлэйбитин кэпсээн турар. Онтон Рейхстагы ылыы кэнниттэн Рейхстаг истиэнэтигэр атыттары үтүктэн истиэнэҕэ бэйэтин аатын суруйан хаалларбатаҕыттан кэлин сүрдээҕин кэмсинэр этэ, “суруйбутум буоллар кинилэр курдук историяҕа хаалыахтаах эбиппин,”- диэн турардаах. Этэринэн истиэнэ марайданарын сөбүлээбэтэх. Аҕабыт бу уодаһыннаах уот сэриигэ артиллерист быһыытынан сэриилэспит. Сэбиэскэй Союз маршала Василий Иванович Чуйков Сталинградтааҕы кыргыһыылар тустарынан ахтыытыгар харса суох саха ньургун уолун артиллерист, снайпер – бронебойщик Гаврил Дмитриевич Протодьяконову холобурдаан туран этэн турардаах, «Было бы неверно говорить только о снайперах из стрелкового оружия, у нас было немало снайперов-артиллеристов и минометчиков» ( Калашников А. А., с. 345, Воины – якутяне в Сталинградской битве.). Кини бу оруннаах этиитигэр сөбүлэһэн тураммын аҕабынан киэн туттуум өссө улаатар, тоҕо диэтэххэ кини, төһө да снайпер-артиллерист буолбатар, этэн аһарбытым курдук, хас да бойобуой мэтээллэрин таһынан хорсун быһыытын иһин Кыһыл сулус уордьанынан наҕараадаланан турар. Ону таһынан “25 лет Победы в Великой отечественной войне” уонна “50 лет Вооруженных сил СССР” диэн юбилейнай мэтээллэринэн сэрии бүппүтүн кэннэ бэлиэтэнэн турар.

Аҕабыт ийэбитин, Кэнтиктэн төрүттээх Николаева Анна Николаевнаны, кытта сэрии буолуон биир сыл иннинэ билсиһэн 1941 с. холбоһон ыал буолбуттар. Онтон 1941 с. Лида диэн ааттаах кыыс оҕолоноллор. Бу оҕолоро 1942 с. эмискэ ыалдьан, икки сааһыгар сылдьан төннүбүт. Онтон 1943 с. олунньу ый үсүһүгэр иккис кыыс төрүүр уонна киниэхэ бэйэлэрин ааттарын икки бастакы буукубаларын уонна араспаанньаларын бастакы буукубаларын холбооннор Анегина /АНна ЕГ ор Ильин, Н иколаевА/ диэн ааты иҥэрбиттэр. Ийэбит сэрии сылларыгар Намҥа 50 миэстэлээх детдом арыллыбытыгар поварынан үлэлээбит, онно, “улуус нэһилиэктэриттэн тулаайах оҕолор эрэ буолбакка тиийиммэккэ аччыктаан быстарбыт ыаллар оҕолоро эмиэ бааллар этэ”,- диэн сүрдээҕин хараастан туран кэпсиирэ. Онон уоттаах сэрии ыар тыына кыргыһыы хонуутугар эрэ буолбакка, тыылга эмиэ, история кэрэһэлиирин курдук, онтон итэҕэһэ суох этэ.
Биһиги дьиэҕэ, төрөппүттэрбит олорон ааспыт олохторун кэнэҕэски ыччаттарбытыгар сырдатар уонна үйэтитэр инниттэн тоҕоостоох түгэн үөскээтэ да кинилэр тустарынан ахтан санаан ааһабыт. Ол курдук, кыыһым Михайлова Ильза Васильевна уолун Адик Михайловы 4 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына 2015 с. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 70 сылыгар хос эһэтин туһунан матырыйаал хомуйаннар научнай практическай конференцияҕа (НПК) ситиһиилээхтик кытыаран турар. Ол дакылаатын матырыйаалыттан быһа тардан бу кылгас ахтыыбар киллэрдэхпинэ табыллар. “Биһиги хос эһээбит Ильин Егор Иванович Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа. Кини Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр 1920 с.(дөкүмүөнүнэн) оттон aрхыып кэпсииринэн 1919 сыл олунньу ый 2 күнүгэр төрөөбүт. Сэрии буола илигинэ Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэн учуутал идэтин ылбыт. Оскуолаҕа саха тылын, география уонна физкультура уруоктарын үөрэппит. Кыайыы 70 сылын көрсө хос эһээбит сэриигэ сылдьыбытын туоһулуур дөкүмүөннэри чинчийдибит. Бу чинчийиигэ Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин музейыттан элбэх матырыйааллары буллубут. 1943 сылга Аҕа дойдутун чиэһин көмүскүү барбыт. Кини онно артиллерист уонна минометчик, ефрейтор званиелаах эбит.
Арай биир түүн табаарыһын кытта дозорга турбуттар. Түүн фашист бөҕө көстүбүт. Фашистары көрөн бараннар иккиэн алдьаммыт танкаҕа киирэн манаабыттар. Ол кэннэ гранаталары хас да сиртэн сүүрэ сылдьан быраҕаттаабыттарыгар, ону фашистар элбэх утарылаһаачы баар дии санаан куттанан куоппуттар. Бу туһунан хос эһээбит кэпсээбитин 1985 сыл «Үөһээ Бүлүү» хаһыатыгар В.Ильин суруйбут. Уоттаах сэриигэ хорсун быһыытын иһин ыам ыйын 2 күнүгэр 1945 с. 359№-дээх Сталинтан, «Гданьск куораты босхолооһун иһин» уонна “Фашисткай Германия сиригэр кыргыһыыларга кыттыбытын иһин” хос эһээбит махтал суруктары туппут.

Үчүгэй диссипилиинэлээх кыһыл армееһын иһин хромовой саппыкыннан бэлиэтэммитин хамандыыра, майор Старицкай уонна штаб начальнига Туров биэрбит ыспыраапката туоһулуур. Хос эһээбит Берлиҥҥэ тиийэ хорсуннук сэриилэспит уонна хас да мэдээллэринэн: “Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ Германияны кыайыы иһин” (“1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин в Великой Отечественной Войне”), “Берлины ылыы иһин» (“За Взятие Берлина”) уонна Кыһыл Сулус Уордьанынан наҕараадаламмыт. Бэрээдэктээх, бэйэтин кыанар, кытыгырас уонна мындыр буолан дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлэн олоҕун салҕаабыт. Биһиги хос эһээбитинэн киэн туттабыт, кини аатыгар сүгүрүйэбит. Сэрии хаһан да буолбатын, эйэлээх олох туругурдун!”
Аармыйаттан кэлэн баран аҕабыт эйэлээх олоххо баара суоҕа 27 эрэ сыл олорон 53 сааһыгар, 1973 с., мин 23 саастаахпар бу олохтон туораан турар. Кэлин, биһиги кини олорон ааспыт сааһынааҕар сааһыран, эһээ, эбээ буолан баран санаатахпытына , аҕабыт барахсан, эдэригэр да бараахтаабыт эбит. Ол эрэн, аҕабыт ити бэриллибит олох кылгас кэрчик кэмигэр сэрии диэн тугун билэн, учууталлаан, болуотунньуктаан уонна да араас үлэлэргэ үлэлээн ийэбитинээн, оҕо-уруу тэнитэн, аймахтар уонна үтүө дьон баар буоланнар иитэн-такайан, үөрэттэрэн, атахпытыгар туруоран дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр-көстөр үлэһит дьон оҥордохторо. Ол курдук, эдьиийим Анегина Егоровна П. И. Чайковскай аатынан консерваторияны бүтэрэн ССРС, РСФСР уонна СӨ норуодуный артыыһа буолар, профессор, ССРС X ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата. Убайым Иннокентий Егорович, улахан быраатым Николай Егорович Иркутскай, Красноярскай уонна Дьокуускай куораттарга үөрэнэн иккилии үрдүк үөрэхтээхтэр, маны таһынан Иннокентий Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Николай Үөдүгэй, Нам нэһилиэктэрин уонна улуус Бочуоттаах олохтооҕо. Орто быраатым Александр Егорович Дивногорскайдааҕы лесотехническай техникуму бүтэрэн тиэхник-лесник идэлээх, кыра быраатым Андрей Егорович Дьокуускай куоракка олорон орто уонна үрдүк анал үөрэхтэнэр, онтон өссө биир кыра бырааппын Иван Егоровиһы кытта эмиэ Красноярскай куоракка үөрэнэн үрдүк үөрэхтээх инженердэрбит. Бэйэм Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин уонна Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕобун. Балтым Анна Егоровна библиотека үөрэхтээх түөрт оҕо ийэтэ этэ. 1989 с. 36 сааһыгар суол быһылааныгар түбэһэн хомолтолоохтук олохтон туораан турар. Манна эбэн этэр буоллаахха, мин уонна убайдаах быраатым, Иннокентий уонна Николай Егоровичтар нэһилиэк уонна улуус таһымнарыгар быыбардааччылар итэҕэллэрин ылан хас да төгүллээх народнай депутааттар Сэбиэттэрин депутааттарабыт. Онтон, эһэтин аатын сүгэ сылдьар улахан уолум, Егор Васильевич, эмиэ биир ыҥырыылаах улуус Сэбиэтигэр депутааттаан турар уонна эһэтин курдук история, география учуутала. Билигин бырааппын, Николай Егорович уолун Григорий Николаевиһы кытта 4-үс ыҥырыылаах улуус Сэбиэтин депутааттарабыт.
Кылгас ахтыыбын түмүктүөм иннигэр этиэм этэ, орто дойдуга киһи хайдах олоҕу олорон ааспыта, кини төһө тугу оҥорон, төһөнү айан-тутан хаалларбытынан эрэ буолбакка, бэйэтин кэнниттэн төһө хайдах хаачыстыбалаах ыччаты хаалларбытынан кытта сыаналанар уонна үйэлэргэ кини аата ааттаныа дии саныыбын.
Ахтыыны оҥордо Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин уонна Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо,
үлэ бэтэрээнэ Ильин Василий Егорович . 01.04.2020 с. Үөһээ Бүлүү с.
