Ильин Павел Поликарпович

1926 с. төрөөбүт. 1944 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа 384-с стрелковай полкаҕа Японияны утары сэриигэ кыттыбыт. 1950 с. алтынньы 16 күнүгэр дойдутугар эргиллибит.

Ахтыы

 Мин аҕам  Ильин Павел Поликарпович 1926 с. Нам нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ «Чолбон» холкуоска ыанньыксытынан, аҕата бурдук үүннэриитигэр, от-мас үлэтигэр үлэлиирэ. Эбэм 23-тэ төрөөбүтүм диэн кэпсиирэ. Онтон 4 оҕо ордон улааппыт. Аҕам убайа сэриигэ баран Кыайыы кэннэ Германияҕа өлбүт. Аҕам балтылара ыал буолан элбэх оҕолонон олорбуттар. Аҕам сэттэ кылаас үөрэхтээх. 1944 с. Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан Японияны утары сэриигэ кыттан, онтон Ийэ дойдутугар салгыы ытык иэһин толорон сулууспалаан дойдутугар 1951 с. эргиллэн кэлбитэ. 1952 сылга Алексеева Татьяна Лазаревналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан  хайҕаһан ыал буолбуттара. Барыта 9 оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ.           Ийэбит сэллик ыарыытынан ыалдьан уһун кэмҥэ балыыһаҕа өр сытарга күһэллибитэ. 6 кыра оҕолорун кытта соҕотох буолбута, кэнники үс саҥа төрөөбүт оҕолору аймахтарбыт ылан  ииттэн көмөлөспүттэрэ. Төһө кыанарынан оҕолорун дьонугар көмөлөһөр этэ. Оҕолор аҕаларын билэ улааппыттара, аҕаларын  кыһалҕалаах олоҕун билэллэрэ. Аҕам Нам нэһилиэгэр бастакы уот тардыытыгар үлэлээбитэ. Холкуос,совхоз рабочайа, сайыҥҥы өттүгэр от оттоон туттарара, кыһын кочегаардыыра. Дьиэбитигэр сүөһү ииттэр этибит, үүт-эт, арыы бэйэбититтэн, өрүскэ балыктыыра. Эбэм биһикки сайыны быһа дьиэбитин, сүөһүбүтүн, оҕуруоппутун көрөбүт, былыргылыы ынахтары күҥҥэ биэстэ ыыр этибит. Эбэм барахсан үүппүтүн эрийэн, арыылаан дьоммутугар ыһык гынара.      

Аҕам убайдарбын, бырааттарбын кытта «Харбахта» диэн сиргэ илиинэн оттууллара, палатканан сыталлара. Аҕабыт бэйэтэ оҥостубут моторкалаах тыылаах этэ, кэлэн иһэрэ ыраахтан иһиллэрэ, үөлүллүбүт балык, собо, хас ыһык ыла кэлэригэр аҕалара. Луук үргэнэр кэмигэр бары кэлэллэрэ. Луук сыыһын ыраастаан, кырбаан 3-4 20 лиитэрэлээх баахха хаһаанар, күһүөрү  аны моонньоҕон хомуйан аҕалалларын, эбээбинээн ыраастаан, эрийэн барыанньа оҥорон 2-3 бааҕы уурунарбыт. Сылы быһа сиэн, аймахтарга кэһиилээн бүтэр этэ. Аҕабыт остуолун сүрүн аһылыга күөх луук, туустаах балык буолааччы. Биир сөбүлүүр дьарыга тимиринэн уһаныы. Быһах оҥорон Хоту улуустары кытта таба тыһыгар атастаһар этэ. Быһахтара билигин да бааллар. Пенсияҕа олорон толкуйдаан тирии имитэр, онтон уотунан үлэлиир бурдук мэлийэр миэлиҥсэ оҥорбута. Тастыҥ быраата инженер Ильин Алексей Егоровичка сүбэлэтэрин өйдүүбүн. Миэлиҥсэтин бүтэрэригэр уһаайбатыгар бурдук ыһан, ыраастаан, хатаран миэлиҥсэлээн боруобалаабыта, хара бурдугунан алаадьы оҥостон сиирбит. Саастаах дьонугар-сэргэтигэр бэрсэн бэркэ үөрдүбүт этэ. Ол ыарахан сэрии сылларын санаттаҕа буолуо. Биһиги тапталлаах аҕабыт, сүдү киһибит, эһээбит, хос эһэбит 2002 сыл, олунньу ый 22 күнүгэр бу сирдээҕи олохтон күрэммитэ. Кини толкуйдаан оҥорбут техникалара билигин да үлэлиэхтэрин сөп. Сиэнэ Семенов Семен Сергеевич оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут ,,Применение самодельных электроустройств в подсобном хозяйстве» доклада республикаҕа бэрт үрдүк сэҥээриини ылан миэстэлэспитэ. Хос сиэнэ Гоголев Павлик детсадка сылдьан «Хос эһээм миэлиҥсэтэ»-диэн доклада улуус күрэҕэр 2 миэстэни ылары ситиспитэ.

Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит, Сэрии бэтэрээнэ Ильин Павел Поликарпович, аата хаһан да умнуллуо суоҕа, өрүү биһиги сүрэхпитигэр баар!

              Ахтыыны суруйда кыыһа Прасковья Павловна Ильина