Куприянов Игнатий Иванович

1913 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ, «Чолбон» холкуос чилиэнэ, 5 кылаас үөрэхтээх.
1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1941 с. балаҕан ыйыттан-1943 с. олунньу ыйыгар дылы Хотугулуу-Арҕааҥы фроҥҥа (СЗф), 1943 с. балаҕан ыйыттан I Белорусскай фроҥҥа сэриилэспит. Гвардия ефрейтора званиелаах 1733 зенитнай артиллерийскай полкаҕа орудийнайынан сылдьыбыт.
1944 с. бэс ыйын 3 күнүгэр “Хорсунун иһин” мэтээлинэн, 1945 с. олунньу 14 күнүгэр “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн, 1945 с. ыам ыйын 9 күнүгэр “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1946 с. дойдутугар эргиллибит.
1968 с. өлбүт.
“Хорсунун иһин”мэтээл наградной лииһэ.  Приказ №6 Зенап ПВО  03.06.1944 с. (ЦАМО ф.33, о. 690155, д. 2318)
1945 с. И.И. Куприяновы «Кыһыл сулус»  уордьаҥҥа түһэрбиттэрин, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээл биэрбиттэр. (ЦАМО ф. 33, о. 686196, д. 1697)

Алта мэтээл кавалера

Игнатий Иванович Куприянов 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ кыаммат кыра ыал этилэр. Хотоннорун кытта бииргэ сыстан турар туруорбах дьиэлэрэ Куталаахха самналлан турбута. Уйбаан Киппирийээнэп – аҕата, Кэтэриинэ Софронова – ийэтэ аҕыс оҕону иитэр туһугар сынньанар диэни билбэккэ хараҥаттан хараҥаҕа баайдарга үлэлииллэрэ. Игнатий дьонугар көмөлөһөн бэрт кыратыттан үлэлээбитэ. Тойонун туолбат хараҕын толороору устар күнү быһа суорунанан бурдук тардан кыҥналдьыйара, дьиэтигэр ыкса туун улаханнык илистэн тиийэрэ, аһаабакка эрэ утуйан хаалара. Сарсыарда күн саҥа тииттэри үрдүнэн күлүүтэ ийэтэ эмээхсин, төһө да баҕарбатар уһугуннаран, сылбырҕа чэй кутан, тоорохой оҕотугар уура сылдьыбыт лэппиэскэтин сыыһын ылан биэрэн, аһатан хоргуйан өлбөт кыһалҕатыттан оҕотун кыырыктаах баайга үлэлэтэ ыытара. Ол курдук үлэлии сырыттаҕына биир кэрэ күн үөрүүлээх сурах тарҕаммыта «Ыраахтааҕы баттыгастаах былааһа суулларылынна. Үлэһит дьон-аймахха көҥүл күнэ үүннэ!» – диэн. Онтон сотору кэм иһинэн баайдар сабардаан олорбут киэҥ үүнүүлээх ходуһаларын, суугунуу хамсыыр бурдуктаах бааһыналарын дууһанан үллэрии буолбута. Игнатийдаах аҕыс оҕо уонна ийэлээх аҕа буоланнар элбэх үүнүүлээх киэҥ сири ылбыттара. 1930 сыл «Кыһыл Үлэһит» холкуоска уон сэттис киһинэн киирбитэ, онтон кэлин Намҥа көһөн кэлэн «Чолбон» холкуоска чилиэн буолбута.

1941 сыл ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан, Ийэ дойдутун немецкай фашистартан көмүскүү барбыта. Балаҕан ыйыгар Мальта станцияҕа тиийэн үөрэммитэ. Биир дойдулааҕа Михаил Иванов эмиэ онно үөрэнэр этэ. Биһиги маҥнайгы буораах сытын Северно-Западнай фроҥҥа Ленинградскай, Калининскай уобаластарга, Дмияновскай уонна Старай Русскай направлениеларга кырыктаах кыргыһыыларыгар билбиппит. Биир дэриэбинэни атаакалаабыппыт ол түүн. Сарсыарданан өстөөхтөр чугуйбуттара икки өттүттэн сүтүк улахан этэ. Атаакаҕа киирэн иһэн Мэхээлэ араанньы буолбута. Мин бэрээбэскилии олордохпуна санитардар кэлбиттэрэ уонна насыылкаҕа ууран илдьэ барбыттара. Биһиги бу дэриэбинэ аҥар эрэ баһын ылбыт этибит. Өстөөх олус күүскэ бөҕөргөтүммүт этэ. Кыргыһыы алта суукка устата барбыта, икки ардыбыт уулусса уҥуор-маҥаар, онон гранаталарынан быраҕаттаһарбыт. Ол сылдьан алтыс сууккабар илиибэр чэпчэки ранение ылбытым,  бииргэ кэлбит табаарыһым саха уола Бугуев Матвей чугас сылдьан кэлэн, хаана сүүрэ сылдьар илиибин бэрэбээскилээбитэ. Икки сахам уолаттарын кытта ити курдук арахсыбытым биһиги тиһэх көрсүһүүбүт буолбута. Илиибэр граната оскуолката хатаммыт этэ. Балтараа ый эмтэнэн үтүөрэн госпиталтан тахсыбытым. Көрдөһөн-көрдөһөн чааспын булбутум. Биһиги сэриилэрбит били дэриэбинэлэрин ылан иккис дэриэбинэни обороналыы сыталлара. Саха доҕорум Бугуевым суох буолбут этэ. Субу-субу өстөөх контрнаступления оҥороро ону күүстээх уотунан үлтү охсон самнаран иһэрбит. Биһиэхэ саҥа күүстэр кэлбиттэрэ, онон наступления оҥорон хас да дэриэбинэни босхолообуппут. Немецтэр кыһыҥҥы бириэмэ буолан бөҕөргөтүнүүлэрэ бэрт мөлтөх этэ. Биир хуторы босхолооһуҥҥа улахан кыргыһыы буолбута, ол кыргыһыыга иккис ранениябын ылбытым. Атахпын таптарбытым. Санчааска атаарбыттара. Икки өттүттэн сүтүк элбэх этэ. Балтараа ый эмтэнэн, курортка сынньанан баран бэйэм чааспар разведка отделениятыгар түбэспитим. Онно балтараа ый үөрэммитим өстөөх оборонатын хайдах киирэн үлтү тэптэрэргэ, хайдах мина уурарга уонна төттөрү өһүлэргэ. Тыылга киирэн хайдах диверсия оҥорорго, часовойдары тыаһа суох устарга. Үөрэх кэнниттэн хас күн аайы өстөөх оборонатыгар кимэн киирэргэ суол аһан мина ыраастыырбыт. Бу мина ыраастааччы идэтэ баар элбэх эр санааны эрэйэр үлэ, манна биир, ордук эбэтэр итэҕэс хамсаныыны оҥоруоҥ да буттэҕиҥ ол. Сыҕайан-сыҕайан биһиги өстөөх оборонатыгар чугаһаан кэлбиппит, күрүлүүр күнүс эмиэ урукку үлэбитин киэһэ бүтэрэргэ сүрүн күүскэ суолу аһарга приказ биэрбиттэрэ. Саҥа тиийэн үлэлээн эрдэхпитинэ, өстөөхтөр билэннэр күүстээх пулеметунан уоту аспыттара. Онтон минометунан ытыалаабыттара табаарыстарым снаряд түспүт боронкатын иһигэр киирбиттэрэ аҕыс буолан мин боронка тас өттүгэр сыппытым, эмискэ туох эрэ бүтэҥи тыас иһиллээтин кытта өйбүн сүтэрбитим, ону кытта

контузия ылбыт этим. Доҕотторум бары өлбүттэрэ чороҥ соҕотох орпутум. Үсүһүн госпитальга ыыппыттара, биир ый кэриҥэ сытан баран чааспар төннөн кэлбитим. Урукку разведка чааһыгар сылдьыбытым. Сөп буола-буола уончалыы киһини ыытан суол астараллара мина ыраастаталлара. Биһигини уонтан тахса саллааты стройдатан баран, өстөөх оборонатын разведкалыырга приказ биэрбитэ командирбыт. Сып-сап хомунан сорудаҕы толоро айаннаатыбыт. Немецтэр дириҥ хараҥа ойуур иһигэр обороналана сыталлара, оборонаҕа чугаһаан баран отделениям командира оборона иһигэр киирэн тыл, эбэтэр туох эмэ бэлиэни илдьэ тахсарга сорудахтаата. Командирбар байыаннай билиэппин хаалларан миноискателлаах уонна автоматтаах сорудаҕы толоро өстөөх фронун иһигэр киирдим. Хабыс-хараҥа туох да көстүбэт приборум бэркэ үлэлиир, куттал суохха дылы. Уҥа диэки сүүсчэ миэтэрэлээх сиргэ элбэх уоттар көстөллөр. Эмискэ туох эрэ иһигэр тимис гынан хааллым, өйдөөн көрбүтүм траншея эбит. Хоту өттүбэр ытыалаһыы сүр, прожектордар уһун дьураа суоллара халлааны хайыта суруйаллар. Фрону ааһан өстөөх тыылыгар киирдим. Дөссө сэтэрбиттии хараҥарда, илиим иминэн сирдэтэн айанныыбын. Ол сылдьан туох эрэ сылааска илиибин батары биэрдим, саха салаан билэр дииргэ дылы сэрэнэн-сэрэнэн тылым төбөтүнэн таарыйан көртүм консерва сибиэһэй минэ буолан биэрдэ. Дуоһуйан сынньана таарыйа полевой өстөөх остолобуойугар аһаатым. Командирым сорудаҕын санаан, бэлиэҕэ тугу илдьэрбин көрдөөн букунастым, онтон толору сыа кутуллубуг котелогу булан төнүннүм. Халлаан саҥа сырдаан эрэрэ. Били маарыын ааспыт траншеябын булан, улаханнык чэпчээтим, табаарыстарым мантан чугас хаалбыттара. Өстөөх оборонатын туораан иһэн, солуурчахпын мас тардан тыаһатан, өстөөхтөр мээнэ тыас хоту пулеметунан уоту аспыттара. Утаакы буолаат, эмиэ ах барбыттара. Эмискэ ынчык иһиллибитэ, ити мин биир доҕорум атаҕар таптаран сытара, доҕотторбун булан командирбар кэһиибин биэрбитим. Кини ыйыталаһан баран кууһан ылбыта уонна тута штабка илдьэ баран командирга дакалааттаабыта. Полковник ыҥыран ылан ханна сылдьыбыт сирбин картаҕа ыйдарда. Онтон «Таб. Куприянов эйиэхэ хорсун сырыын иһин сынньалаҥ биэрэбин уон биэс хонукка уонна правительственнай наҕараадаҕа хадатаайыстыба түһэриэм», – диэбитэ. Мин доҕотторбун кытары баран сынньана хаалбыппыт. Биһиги чаастарбыт, мин сылдьыбыт сирбинэн киирэн, өстөөх оборонатын икки аҥы хайа охсон баран, тыылынан киирэн бэрт өр ытыалаһа сыппыт өстөөх чаастарын үлтү охсубуттара. Бу бастакы сырыыбар «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадалаабыттара. Онтон эмиэ кырыктаах кыргыһыыларга киирэн испиппит. Биир кыргыһыыга эмиэ суол аһан мина ыраастаан, биэс минаны өһүлэн колючай проволоканы быһан өстөөх траншеятыгар тиийэн ытыалаһа сыттахпына, хомурҕаным аһыс гыммыта уонна өйбүн сүтэрбитим. Арай биирдэ өйдөммүтүм врач кэлэн кыраадыс уган эрэрэ, онтон миигин соһон илдьэн өлбүттэргэ бырахпыттара. Мин күүспүн мунньан тыыннаахпын биллэрээри саҥара сатыырым да кыах суоҕа, арай мээнэ тараппачыһарым. Онтон мин көрдөхпүнэ саха уола кэлэн өҥөйөн көрбүтэ уонна араанньыларга илдьэн холбообута. Алта ый эмтэнэн үтүөрбүтүм, дойдубар өллө диэн сурук ыыппыттар, били врач миигин өлбүтүнэн аахпытын иһин. Бу түбэлтэ кэнниттэн бэйэм чааспын кыайан булбатаҕым. Зенитнэй артиллерияҕа сулууспалаабытым. Наводчигынан сылдьан икки сыл атаарбытым. Саамай хойуутук өстөөх самолетун биһиги батареябыт уону суулларбытын бу баарга дылы көрөбүн.

Арай үрдүбүтүнэн самолеттар тыастара өрө куугунуу түһээтин кытары, байыаннай тревога сирената улуйда. Хараҥаҕа прожектордар уоттара халлааны хайыта суруйтаан хараҥаны сырдаттылар. Зениткалар уот тыллара бокуойа суох сандаарыйдылар. Таптаран оһох буруо арыалланан өлүүнү тиэйэн испит бомбардировшиктар, бииртэн биир аны көппөт-тиллибэт суолланан үйэлэрин тухары советскай буорга умса түһэн истилэр. Биһиги уон иккиттэи уонун сиҥнэрбиппит, икки орпут икки аҥыы мээнэ курстарын сүтэрэн көтөн бэйэлэрин арҕахтарын диэки харбыаласпыттара. Мин зенитнэй батареябын кытта тиһэх кыайыыга өстөөх ордуутугар  Берлиҥҥэ тиийсибитим. Ыам ыйын аҕыс түүнүн ама үйэм тухары умнуо үһүбүөн. Биэс сыл быһы сэриилэспит, көҥүлбүтүн көмүскээбит норуоппутун сэймэктээбит, куораттарбытын уоттаталаабыт, заводтарбытын, тутууларбытын урусхаллаабыт хаан өстөөхпүтүн самнарбыт өрөгөйбүт үрдээбит үөрүүлээх күнүн!

Биһиги батареябыт өстөөх кыраныыссатыгар киирэн баран, маннык куораттары ылыы иһин махтал Главнокомандующайтан ылбытым: Бервальде, Темпельбург, Фалькенбург, Драмбург, Вангерин, Лабес Фрайенвальде, Живельбайн, Регенвальде, Карли, Ландсберг, Мезеритц, Швибуси, Цюллихау, Дойтчкроне, Меркит-Фридлану, Бельгард, Трентов, Трайфенберг, Каммин, Гюльцов, Плате, Штаргард, Наугард, Польции уонна Берлин.

Дойдубар 1945 сылга эргиллэн кэлбитим. Маҥнай ааҕар балаҕаҥҥа үлэлээбитим. Онтон сылгыһыттаабытым. Доруобуйам уйбат буолан харабынайынан үлэлээбитим уон сэттэ сыл буолла. Бу үлэм иһин түөрт Почетнай грамотанан наҕараадаланным. Хас сыл ахсын бириэмийэ бөҕөну ылабын.

Аҕа дойду улуу сэриитин ветерана Куприянов Игнатий Иванович

 тылыттан суруйбута Январий Лукич Егоров.

Ахсынньы 29 күнэ 1966 сыл, Нам нэһилиэгэ.

Миитэрэй Наумов “Кинилэр дьоллоох саллааттар этэ”, 2015 с.  кинигэттэн.