
1920 с. Нам нэһилиэгэр Эппэс Макаара диэн ыалга төрөөбүт. Бүлүүтээҕи педтехникуму бүтэрэн баран 1938 с. Хаҕан начальнай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыт. Итинтэн салгыы Бүлүү 1 №-дээх начальнай оскуолатын, Үгүлээт ситэтэ суох орто оскуолатын учууталынан үлэлээбит. 1941 с. тохсунньуттан Үөһээ Бүлүү оройуонун үбүн салаатын госстраҕын инспекторынан ананан үлэлээбит.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 186 танковай бригадаҕа сылдьан сэриилэспит.
1943 с. олунньу 1-5 күнүгэр Украинаҕа Сталинскай уобалас Краматорскай горсовет, Криворожье дэриэбинэтин аттыгар сураҕа суох сүппүт.
