Никифоров Георгий Максимович

1926 с. Нам нэһилиэгэр Балаҕаннаахха төрөөбүт. Мелодист.
1944 с. Армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа в/ч 18081, в/ч 7557 Японияны  утары сэриигэ кыттыбыт.
1950 с. дойдутугар эргиллибит.
1977 с. өлбүт.

Мин эмиэ сэрии кыттыылааҕабын

Мин, Никифоров Георгий Максимович 1926 с. Нам нэһилиэгэр бу оройуоҥҥа төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим бааһынайдар, 1931 cылтан холкуостаахтар. Аҕам Ильин Максим Никифорович 1942 c. Сталинград фронугар, билиҥҥи Волгоградка сэриигэ өлбүтэ.

Мин 1944 с. от ыйыгар армияҕа мантан ыҥырыллыбытым. Ол баран Мальта диэн Иркутской уобаласка турар станцияҕа (пересыльнай пункт) ый кэриҥэ сылдьыбытым. Ол кэмҥэ арҕаа кыайыы буолан эрэр кэмэ буолан (наступление) биһиги 18081 №-дээх чааспытын илин Япония границатыгар ыыппыттара. Билиҥҥи Китай сирэ – Маньчжурия. Ити чааһы кытта 1945 с. илин японскай империалистары кытта сэриигэ Хинган хайатыгар кыттыыны ылбытым. Сталин прикаһынан – ити сэриигэ кыттыбыт саллаат – «хинганец» диэн ааттаммыта. Советскай армия Хинган хайатын сэриилээн ыларга, төһө даҕаны кыайан-хотон истэр улахан ыарахаттары көрсүбүтэ. Ол курдук Япония империалистическай армията квантунскай армия (харакири – ис хайытар) куоппутун үс сууккаҕа түүннэри-күннэри тохтоло суох эккирэтэн ситэн имири эспиппит. Атырдьах ыйын уоттуу умайар куйааһыгар, күн киһи төбөтүн оройугар көрөр итиитгэр сыгынньах истиэп устун уута суох үс күн эрэйдэммиппит. Куотан иһэр Квантунскай армия хам-түм көстөр холуодьастар ууларын сүһүрдэннэр харабыллар онно чугаһаппаттара.

Кыайыыга бигэ эрэллээх, оччотооҕуга бүтэһик техниканан сэбилэммит советскай армия ити ыарахаттары тулуйбута. Аатырбыт, сордоох-муҥнаах «Долина смерти» («өлүү ходуһатын») ааспыта. Мин баар чааһым квантунскай армия биир кавалерийскай чааһын Хинган хайатын тэллэҕэр ситэн урусхаллаабыта. Бу сэрии аһаҕас истиэпкэ оборонаҕа сыппыт өстөөҕү кытта буолбута. Түөрт чаас устата сэриилэспиппит (сарсыарда 7 чаастан 10 чааска диэри). Онно биһигиттэн бааһырбыттан ураты 12 киһи өлбүтэ. Онон өстөөхтөртөн 100-чэ киһи плен кэлбитэ, атыттара охсуһуу хонуутугар хаалбыттара. Ити курдук улахан да кыра да утарсыылары көрсө-көрсө Маньчжурия соҕуруу өттүгэр турар Ганжулин куоракка МВД конвойдуур чааһыгар уларытыллан дойдубар – Советскай Союзка төннүбүтүм. Мантан ыла МВД-га службалаан Хабаровскайга-Новосибирскайга сылдьан баран 1950 с. этэҥҥэ төрөөбүт дойдубар – манна кэлбитим.

Билигин культураҕа үлэлиибин. Воинскай наградалар, медаллар: «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Германияны кыайыы иһин», «За Победу над Японией», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «ХХХ лет Советской армии и флота», «Юбилейная мэтээл ко дню Победы», «50 лет Вооруженных сил СССР» уонна Верховнай главнокомандующай И. В. Сталин благодарнаһа.

Никифоров Георгий Максимович

19.02.1970 c.

Аҕата уолунаан…

    Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, саха биллиилээх мелодиһа, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров Үөһээ-Бүлүү Балаҕаннааҕар ыам ыйын 5 күнүгэр 1926 с. Ильиннар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата-Ильин Максим Никифорович, ийэтэ-Тимофеева-Ильина Евдокия Даниловна-Үөһээ-Бүлүү Ороһутуттан төрүттээх, Евдокия Даниловна хаста да оҕоломмутуттан, соҕотох уол оҕо күн сирин көрбүтэ, былыргылар оҕо турбат ыалыгар абааһыттан күрэтэн эһэтин аатын фамилия оҥотторон Никифоров диэн уол оҕону сүрэхтэппиттэрэ. Ол Георгий Максимович Никифоров.

    Аҕата Ильин Максим Никифорович – 1942 с. бэс ыйыгар сэрии фронугар ыҥырыллыбыта. Мальтаҕа байыаннай үөрэххэ сылдьан баран, Сталинградскай фроҥҥа тиийэн, 252 стрелковай дивизияҕа, 932-с стрелковай полка өстөөҕү утары хабыр киирсиитигэр – 1943 с. тохсунньу 26 күнүгэр сырдык тыынын толук уурбута. Кини көмүс уҥуоҕа Волгоград куорат таһыгар Кузьмичи диэн дэриэбинэ бырааттыы иинигэр көмүллэ сытар. Никифоров Георгий Максимович аҕата өлбүтүн туһунан похоронканы тутан баран 1944с. көрдөһөн сэриигэ барбыта. Япония аатырбыт Квантунскай армиятын Маньчжурияҕа Советскай сэриилэр  урусхаллааһыннарыгар кыттыбыта.  1945с. Япония империалистарын кытта сэриигэ Хинган хайатыгар кыттыыны ылбыта. Сталин бирикээһинэн ити сэриигэ кыттыбыт саллаат «Хинганец» диэн ааттаммыта. Советскай армия Хинган хайатын сэриилээн ыларга төһө да кыайан-хотон истэр улахан ыарахаттары көрсүбүтэ. Кыайыыга бигэ эрэллээх Советскай армия ити ыарахаттары тулуйбута.    Аатырбыт, сордоох-муннаах «Долина смерти» («Өлуу ходуһатын») ааспыта.          

 1950с. Сулууспалаан кэлэн баран төрөөбүт дойдутугар кэлэн милицияҕа үлэлээбитэ. 1955 с. Дьокуускай куоракка музыкальнай училищаҕа киирэн Грант Григорьян салайыытыгар музыка дьикти алыбыгар ылларбыта.  Композитордар Л. Вишкаревы, Д. Салиман-Владимировы кытта доҕордоспута. Петр Тобуроков, Семен Руфов, Семен Данилов, Степан Тимофеев, Степан Дадаскинов, Николай Тарабукин уонна да атын поэттар айымньыларыгар элбэх ырыаны айбыта.

   1958 с. Муома оройуонугар культура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан үлэҕэ ананар. Үлэлии сылдьан Орто Дойду Ураһа Хонуутуттан төрүттээх Зашиверскай куорат таҥаратын дьиэтин туппут маастар Андрей Хабаров удьуора, Анна Федоровна Хабаровалыын олохторун холбообуттара.

        Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр   5 оҕоттон, инники эрэллээх дьикти талааннаах уол оҕо улаатан иһэн Максим эрдэ күн сириттэн хомолтолоохтук туораабыта. Кини талаана дьонугар, эдьиийдэригэр, балтытыгар уонна быраатыгар куруук спортсмен уонна ырыаһыт быһыытынан өйдөбүл хаалларбыта. Биһиги аҕабыт Георгий Максимович 150-тэн тахса үтүө дорҕоонноох кэрэ ырыалары бэлэхтээн хаалларбытын  «Саха» НКИК биэриигэ 1991с. кэпсээбиттэрэ. Георгий Максимович Үөһээ-Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтигэр музыканынан, Бүлүү куоракка, Тамалакааҥҥа, Намҥа, Балаҕаннах клубтарыгар үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ биллэр. «Эйэ,дьол иһин!», «Көтөн тахсыҥ, кыталыктар»,  кинини хоту оройуоннарга «Ийэм уҥуоҕар», Лена умнаһыгар олорооччуларга «Өлүөнэ эбэккэм», Бүлүү дьонугар «Төрөөбүт кыраайбын ахтабын», соҕуруу диэккилэргэ «Алдан көмүһүн килбиэнэ», оҕолорго «Моруос оҕонньор» оператынан киэҥник биллэр.

  Ахсынньы 10 күнүгэр 1976 с. Георгий Максимович  ыалдьан өлбүтэ. Георгий Максимович оҕолоро улаатан бары ыал маанылара ийэ-аҕа, эбээ-эһээ аатын сүгэллэр. Ол курдук Лена Георгиевна Казанова-Саха культуратын үтүөлээх улэһитэ-орто анал үөрэхтээх, 2 кыыс оҕолоох, 2 сиэннээх, Евдокия Георгиевна-үлэ бэтэрээнэ, элбэх хоһооннордоох, орто анал үөрэхтээх, 5 оҕо тапталлаах ийэтэ, 6 сиэннээх, Георгианна Георгиевна-үлэ бэтэрээнэ, Саха президенин гранын хаһаайката, үрдүк үөрэхтээх, 4 оҕо ийэтэ, 9 сиэн тапталлаах эбээтэ, Агний Георгиевич-орто анал үөрэхтээх, 8 оҕо аҕата, 2 сиэннээх. Георгий Максимович огдообото Анна Федоровна-Үөһээ-Бүлүүтээҕи роддом бэтэрээнэ Якутскай куоракка сынньаланна олорор, 19 сиэннээх уонна 19 хос сиэн тапталлаах эбээлэрэ. Георгий Максимович ситэрбэтэх дьыалатын оҕолоро уонна сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыахтара, аҕаларын – эһээлэрин аатын үрдүктэн-үрдүккэ ааттата туруохтара.

Аҕабар

Сир хаары уулларар

Алаас уута туолар

Ньургуһун сибэкки тыллыыта

От- мас тыллар, үөн көйүүр уһуктар

Кус – хаас көтөр кэмигэр

Төрөөбүт эбиккин, аҕаккаам

Аҕабын санааммын

Хараастан ылабын

Ырыаҕын ыллааммын

Дууһалыын чэпчиибин

Көстөн ааспыт кылгас олоххор

Элбэҕи ситиспиккин, аҕаккаам

Саха ыллыырын туһугар

Туруулаһан үлэлээбитиҥ

Баяны доҕор оҥостон

Ырыалыын аргыстаһан

Ырыа алыптаах иэйиитин

Иҥэрбитиҥ норуоккар

Иэдэһигэр иҥмитэ

Хараҕын уута

Быраһаайдаспыта

Сир симэҕиттэн

Күн сырдыгыттан

Олох кэрэтиттэн.

Дьэбдьиэй.   Үөһээ Бүлүү

Кэргэнинээн Анна Федоровналыын

Кыайыыны аҕалсыбыттара

Сэриигэ баран өлбүт үтүмэн дьоммут, үтүө саллаат эһэлэрбит, аҕаларбыт тыыннаах кэриэстэрин толорон, олох күүстээх долгунун, ырыа гынан ыллаабыттара, тойук гынан туойбуттара.

1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр. Ийэ сирбитигэр өстөөхтөр сабв түспүттэригэр, бэрт чуумпутук айдаана – куйдаана суох, ыраах сэриигэ аттаммыттара. Сахабыт сирин чулуу уолаттара. Дьахталлар харахтарын ууларын кистииллэрэ, оҕолор төбөлөрүн төҥкөтөн сири буору көрөллөрө. Алдьархай сэриигэ төһөлөөх ийэлэр, харахтарын ууларынан сууммуттара буолуой? Мин дьиэ кэргэммэр эмиэ сэрии ыарахан тыына таарыйан ааспыта. Көрөн билбэтэх эһэм Максим Никифорович Балаҕаннаах сириттэн уотуттан 1942 с. от ыйыгар сэриигэ барбыт. Сталинградскай кыргыһыыга уот сэрии хонуутугар сэриилэспит. Сэриигэ барарыгар кэргэнэ Огдооччуйа, улаатан эрэр уолунаан Дьөгүөрдүүн сайыһа хаалаллар. Айаннаары туран эһэм сүүстэриттэн сыллаан ылбыт,биир тылы эппэтэх. Ол баран, аҕыйах ыйынан эһэм 1942 с. , сэтинньи 26 күнүгэр, алдьархайдаах уот сэрии хонуутугар охтор. Эһэм Сталинградскай уобалас Городищенскай оройуонун Кривая Балка диэн сэлиэнньэҕэ уҥуоҕа көмүллэн, хамандыырын кэнниттэн аата көмүс буукубаннан суруллан сытар. Эһэм сэриигэ барарыгар, аҕам Никифоров Георгий Максимович 16 саастаах уол, 18сааһын туолаат, 1944 с. Советскай Армияҕа ыҥырыллан, алта сыл сэриилэһэн, сулуспалаан 1950 с. дойдутугар этэҥҥэ 3 бойобуой мэтээллээх, эргиллэн кэлэр. Германияны утары сэриигэ, онтон Японияны утары сэриигэ кыттыспыт, аҕам сулуспалыы сырыттаҕына, нууччалар “Шинель”- диэн ырыаны элбэхтик ыллаталлар эбит уонна бэйэтэ көрүдьүөс киһи сотору, сотору пляскалаан бардаҕына, ытыска сылдьар брат да брат буолабын диэн күлэн кэпсээччи, наһаа элбэх табаарыстардааҕын ахтан санаан харах уулаах олорон кэпсээччи.Нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат киһи,сэриигэ киирэн бары сылайан бардахтарына. ,,Табаарыс сегодня умрем, завтра умрем”- диэн табаарыстарын уоскута сатыыр эбит. Сорох сорохторо Ньургун буойуннар өстөөх үөрүн үлтүрүтэн,өрөгөйдөөх кыайыы күнүн тыыннаах көрсөн, үөрүү – көтүү дьолун билбиттэрэ,ол иһигэр биһиги аҕабыт Никифоров Георгий Максимович.

Төрөөбүт үөскээбит дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ, Нам кулуубугар өлүөр диэр үлэлээн, дьонугар сэргэтигэр элбэх ырыаны хаалларан, Нам олохтоохторо ыллыы туойа сылдьаллар, Бүтүн Сахатын норуотугар буойун мелодист ырыата ыллана туруо.

    Кыыһа Евдокия ИвановаҮөһээ Бүлүү – Нам