
Беларусскай, Прибайкальскай фроннарга 40-с стрелковай полкаҕа, 219-с , 16-с артиллерийскай полкаларга, 120 ЛАП сэриилэспит.
1945 с. дойдутугар түөртэ улаханнык бааһыран тыыннаах эргиллэн кэлбитэ.
“Ленинград көмүскэлин иһин” мэтээлинэн, 18.05.1945 с. ыам ыйын 18 күнүгэр “Аҕа дойду сэриитэ” II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.

Аҕам туһунан ахтыы
Мин аҕам Спиридонов Иван Васильевич орто сэниэ ыалга иккис оҕонон 1913 сыл тохсунньу 13 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ Убайа Байбал сэрии иннигэр Национальнай Военнай школаҕа Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан сэлликтээн өлөн хаалбыта, быраата Софрон аҕабыттан 3 сыл балыс уол сэриигэ баран 1945 сылга ыалдьан комиссияланан кэлэн баран, дойдутун Намын сиригэр икки эрэ ый буолан баран өлбүтэ. Кыра балта 1924 сыллаах төрүөх Мария Васильевна убайыттан арахсыбакка олорон, үс оҕолонон атахтарыгар туруортаан баран, 1984 с. сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ.
Аҕам аҕата Лэкэ Баһылай нууччалыы сырайдаах, ыраахтан оҕонньору көрбүт кырдьаҕастар тас көрүҥүнэн “уулуссаҕа оҕус тыһаҕас хааман иһэрин курдук этэ” – диэн күлэллэр. Кыра уҥуохтаах гынан баран, модьу-таҕа бэйэтин кыанар оҕонньор этэ диэн этэллэрэ.
Аҕам сэрииттэн кэлэригэр тыыннаах хаалбыт ийэтэ да, аҕата да уоллара кэлэрин көрбөккө утуу-субуу 1943 сыл уонна 1944 с. өлбүттэрэ. Манна даҕатан этиэххэ. Эһэм бииргэ төрөөбүттэрэ Кыычыҥка (Лэҥкээчиктэр), Даарыйа (Ильин Егор Иванович ийэтэ), Буска Дьөгүөр этилэр. Эһэм Лэкэ Баһылай сэбиэскэй былаас иннигэр 100 ынах сүөһүлээх сэниэлээхтик олорор ыал этэ. Холкуоска 5 дьиэтин, ынахтарын барытын туттаран, “Чолбон” холкуос үлэһитэ буолбута. Билигин да Арҕаа эбэҕэ турар улахан дояркалар олорор дьиэлэрэ эһэм дьиэтэ баар.
Ийэм Бороскуобуйа Тамалакаантан төрүттээх аатырбыт олоҥхоһут Биэчэрэ сиэнэ кыыс этэ. Ийэтэ оҕо көтөҕөөччү, норуот эмчитэ этэ. Аҕата – Таҥастыйа Бүөтүр оҕонньор оҕус курдук күүстээҕинэн, улаханынан биллэрэ, ол эрэн олус сымнаҕас этэ.
Ийэм сэрии бириэмэтигэр үлэтин иһин Сталин төбөлөөх “1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэтээл ылбыта.
Аҕам уонна ийэм 1938 с. Үҥкүүлүүр хонууга ыһыахха көрсөн билсибиттэр. Бэйэ-бэйэлэрин ис сүрэхтэн сөбүлэһэн, аҕам күһүн суол туруута сыарҕалаах атынан баран көһөрөн ылыах буолбут. Күһүн ийэм аҕабар сурук суруйар: “Кэлэ оҕус, өрүс уҥуоргу киһи илии охсуһан барда”, – диэн атын киһи сыбааттаһан барбытын биллэрбит. Ону ааҕаат аҕатыттан Лэкэ Баһылайтан биир атах сылгы этин уонна собо тылын муспутун илдьэ Тамалакаан диэки атын кымньыылаан кэбиспит. Тиийбитэ ийэм эһэтэ Биэчэрэ оҕонньор балаҕаҥҥа баар эбит. Биэчэрэ аҕам кэлбитигэр олус үөрбүт уонна маннык диэн эппит: “Дьэ оҕом Уйбаан, маладьыас. Былыр да уораллара таптыыр кыыстарын, аны да баар буолуохтаах”, – диэн алҕаан сиэнин тэрийэн атаарбыт. Ийэм, Прасковья Петровна олус сымнаҕас, эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ этэ. Чугастааҕы ыал барыта чэйдээн ааһар буолара. Аҕабынанн ыал буолан, барыта аҕыс оҕону төрөппүттэриттэн биэс оҕо хаалан ыал-күүс, үлэһит дьон буоллубут.
Аҕам оччотооҕуга бастыҥ тракторист, оройуон бастакы тракториһа МТС-ка түөрт сыл тракторга үлэлээбит. Кини сити курдук эмиэ бастакы комсомолец. Уохтаах тыллаах-өстөөх пропагандист-агитатор, дьону үлэҕэ күүрдэр араатар бэрдэ буолбута. Оччотооҕуга саҥа олох сайдыытыгар биир да үлэттэн туора турбакка ис сүрэҕиттэн үлэлиирэ. Сэрии иннигэр үс уол оҕолоро өлөн, оҕо кыайан турбакка, олох очурдарын ийэбин кытта тэҥҥэ көрсөн, бэйэ бэйэлэрин өйөнсөн, эйэ дэмнээхтик олордохторуна сэрии буолбут. Аҕам 1941-1942 сылларга МТС-ка үлэлээбитэ.
1942 с. бэс ыйыгар сэриигэ барыахтаах эдэр ыччаттар нэһилиэктэртэн киирэн, Үөһээ-Бүлүүгэ (Куорамыкыга) ыһыктаах атаарар дьоннорун кытта сборга барбыттара. Сунтаартан, Ньурбаттан сэриигэ ыҥырылллыбыт уолаттар бааллара. Бүлүү өрүһүнэн баржанан Дьокуускайга айаннаабыттара. Онно Аҕам кэпсииринэн, ийэм эрэйдээх ытаан ахан хаалбыт үһү. Баржаҕа олороот, “Интернационал” ырыатын тардан кэбиспиттэр уонна Дүллүкү хайатыгар диэри биэрэккэ хаалбыт оҕолорун, ойохторун көрөн “сөҥөн” турбуттар.
Аҕам аах Осетрово куоракка тиийэн баран салгыы массыынанан Иркутскайга айаннаабыттар. Сборнай пуҥҥа бииргэ улааппыт, оонньообут уолун – Докторов Никитаны-Бычырдааны көрсө түспүт. Бычырдаан араанньы буолан, илиитин бааһырдан дойдутугар комиссияланан төннөн иһэр эбит. Ахтыспыт дьон сыллаһан-уураһан, дойду-сэрии туһунан тото кэпсэппиттэр. Арахсалларыгар Бычырдаан аҕабар эппит: “Дьэ, Уйбаан, сэрии диэн киһи-аймах билбэтэх алдьархайдаах киһи өлүүлээх, иэдээннээх кыргыһыылаах, эрэйдээх-буруйдаах, харса суоҕу көрдүүр курдук буолар эбит. Дьэ, кытаатан бэйэҕин харыстана сырыт. Төннөн кэлээр”, – диэн алҕаабыт.
Аҕам арҕаа фроҥҥа тиийэн, 2 ый сборга үөрэммит онтон саамай уохтаах кыргыһыыга – Москва анныгар Центральнай фроҥҥа, онтон саҕалаан биэс фроҥҥа сэриилэспит. Хас бааһырыы кэнниттэн госпитальга эмтэнэ түһээт, киниттэн ханна барарын ыйыппакка эрэ, распределительнай пуҥҥа фроҥҥа ыытан испиттэр. Саамай кырыктаах сэриилэргэ, ол эбэтэр Западнай фроҥҥа Ржев-Сычевскай операцияҕа кыттыбыта, ол кыргыһыыга биир мөлүйүөн саллаат сэрии хонуутугар хаалбыта. Аҕам бэл кырдьан өлөрүн да чугаһыгар наар Ржев, Бобруйск куораттары босхолоспутун туһунан кэпсиирэ Бу сэриилэр 1943 сыл кулун тутар 2 күнүгэр диэри буолбуттара. Аҕам Вязьмаҕа сэриилэһэ сылдьан олунньу ый бүтэһигэр снаряд оскуолагар таптарар. Оскуолак тоноҕоһун аттынан, сиһинэн киирэн баран, иһинэн тахсыбыт. Ону аҕам этэринэн: “Атаакаҕа киирэн истэхпинэ кэннибэр снаряд эстибитэ уонна испэр бүллүгүрүү-бүллүгүрүү киирбитэ. Уот умайарын, салыырын курдук ыарыы буолбута, онтон өйбүн сүтэрэн баран, полевой госпиталга сытан өйдөммүтүм. Нуучча уолаттара араанньы буолбут саллааттары сэрии хонуутуттан эрдэ көтөҕөн таһааран быыһыыллара. Онон нууччалары хаһан баҕарар убаастыыр буолаар”, – диирэ.
1943 с. Волховскай фроҥҥа сылдьан Ленинград куораты босхолоспута. Тохсунньу 18 күнүгэр Ленинград блокадатын төлө туппуттара, ону “Ленинград көмүскэлин иһин” мэтээлэ туоһулуур.
1943 с. Ржев куорат анныгар уохтаах сэриигэ сылдьыбыта. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо “Ржевскай котел” диэн. Ол кырыктаах кыргыһыыттан тыыннах ордубута – биһиги дьолбутугар.
Кулун тутар 3 күнүгэр Ржев куораты босхолоспута. Курскай дугаҕа Орел, Курскай, Брянскай уонна Белгород куораттары босхолоспута. Онно Москваҕа сэриигэ бастакы салюту ыппыттара. Орша ааныгар 219 артиллерийскай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан, сиһигэр уонна түөһүгэр оскуолак киирэн аранныы буолан госпиталга сыппыта. Ол түөһүгэр, сүрэҕин аттынан тыҥатыгар киирбит өстөөх оскуолага ылыллыбакка үйэтин тухары эрэйдээбитэ, эрэй бөҕөнү көрдөрөрө, хаанынан силлиир этэ. Онтун иинигэр бэйэтин кытта илдьэ барбыта.
Госпиталь кэнниттэн иккис Прибалтийскай фроҥҥа сылдьан Новгороды, Идрискай котелга, сэриилэһэн Нарва, Мемель курдук куораттары босхолоһор, саамай кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыта.
I Белорусскай фроҥҥа сылдьан Могилев куорат анныгар атаҕын бааһырдыбыта. Госпиталга сыттаҕына тыылтан кэһии посылка ыыппыттара. Аҕам онно оһуордаах, кыһыл сулус ойуулаах, бытырыыстаах табаах кисиэтигэр тиксибит. Биһиэхэ ол кисиэтэ өргө дылы сылдьыбыта. Кэлин Якутскайдааҕы краеведческай музейга биэрбитэ, аата суола суруллан турар. Аҕам ол курдук Мемель куорат анныгар иһигэр таптаран эмиэ өр госпитальга сыппыта. Бэйэтэ патриота бэрдиттэн дуу, госпиталь кэнниттэн комиссияламмакка саҥаттан атын фроҥҥа баран испитэ. Биирдэ улаханнык контузияламмыт.
III Белорусскай фроҥҥа сылдьан 1945 муус устар 9 күнүгэр Восточнай Пруссия крепость-куоратын Кенигсбергы сэриилээн ыларга актыыбынайдык кыттыспыта.
Аҕам кэпсээниттэн: “Түөрт хонугу быһа аһаабакка, саамай барыыстаах позицияҕа хас да этээстээх дьиэҕэ пулеметтаах сытан элбэх ниэмэһи өлөрбүтүм уонна ниэмэстэр плацдарымнарын ыларга улахан көмөнү оҥорбутум. Кыргыһыы тохтообутун кэннэ миигин хамандыырым ыҥыран ылан, “эн геройгун, геройга түһэриэм”, – диэбитэ уонна 15 хонукка сынньалаҥ бэрдэрбитэ. Санаабар кэтэһэр этим. Уордьан биэрбиттэрэ “Отечественная война” II степени., ол иннинэ Кыһыл сулус уордьаннаах этим”, – диир.
Бу кэпсээнин куруук хатылыыр этэ, гынан баран атын дьоҥҥо таһаарбат этэ. Аҕам бэл өлүөр диэри, ол эбэтэр 1991 с., түүн түһээн наар сэриигэ атаакаҕа киирэрэ уонна улахан баҕайытык “За Сталина, За Родину” диэн хаһыытыыра. Мин ону олус дууһатыгар сэрии умнуллубат гына киирбитин туоһулуурун билэрим.
Инньэ гынан Аҕам сэриини Кенигсберг куорат кириэппэһигэр түмүктээбитэ. Кенигсберг куорат болуоссатыгар түөрт колуоннаны тула туруоран баран, ортотунан остуолга тиийэ дорожка тэлгэппиттэр. Командирдар уонна командующайдар наҕараадаланар дьоннору биирдиилээн ыҥыран уордьаннарын, мэтээллэрин туттартаабыттар. “Мин эмиэ өрө күүрүүлээхтик туттан, ордеммын ыларбар чиэс биэрэн: “Служу Советскому союзу”, – диэн баран эргиллэн, колоннабар баран иһэн, дьоммун, Наммын саныы биэрбитим. Оо, хайдахтаах курдук дьоллоохпун, тыыннаах ордубуппут дьэ өйдөөбүтүм”, – диирэ аҕам.
Күһүн, атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка кэлбит. Биэрэккэ убайа Сөксүүккэ көрсүбүт уонна дьиэтигэр илдьэ барбыт. Остуол хотойорунан ас бөҕө, бытыылка да көстүбүт. Ыкса киэһэ аһыы олордохторуна НКВД үлэһиттэрэ (надзирателлара) дьиэ иһигэр баар буола түспүттэр уонна барыларын тутан хаайыыга бырахпыттар. Кэнники билбитэ Сөксүүккэ холкуос ынаҕын уоран өлөрөн ону аһыы олорбуттарын тутан илдьэ барбыттар.
Инньэ гынан аҕабын 3 ый хаайыыга сытыаран, сэлиэстийэлээн баран босхолууллар. Уордьаннарын, мэтээллэрин ылан Бүлүү военкоматыгар ыыппыттара эбитэ үһү. Дьокуускай куораттан сэтинньи ыйга сөмөлүөтүнэн Бүлүү куоракка көтөн кэлбит. Бүлүү военкоматыттан уордьаннарын, мэтээллэрин ирдэспитэ “Кыһыл сулус” уордьана суох эбит, сүппүт диэбиттэр.
Аҕам Бүлүүттэн дойдутугар айанныырыгар, күтүөтэ Чөккөөкү Баһылай сыарҕалаах ат биэрэн абыраабыт. Аҕам Дойдутун киэһээ булбут. Намын көрөн, хараҕын уута түспүт, сүрэҕэ бип-биллигирэс буолбут. Ороһу сыырыгар кэлэн, сыарҕаттан түһэн, хаарынан сирэйин ньуххарыммыт, дойдутун салгынын утаппыт курдук ыймахтаабыт. Ый уотугар көрбүтэ, дьиэ аайыттан оһохтор унаар буруолара субуллара. Атын кымньыылаан, дьиэтин олбуоругар диэри торҕон бөтөрөҥүнэн тиийэр. Ааны аһан киирбитигэр дьиэ иһэ толору дьахтар, чээйдии олороллор эбит. Дьахталлар саҥа аллайа-хаһыыра түспүтүгэр: “Хайаа, Бороскуо, Уйбааныҥ кэллэ дии”, – диэбиттэригэр ийэм аҕабын көрөн, соһуччута бэрдиттэн уҥан түспүт.
Аҕам кэллэ-кэлээт үлэ үөһүгэр түһэр. 1946-47 сылларга Нам сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн, 1947-1948 сылларга Нам сельскай библиотекатыгар, 1948-1951 сылларга Нам сельскай кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1952 сылтан Үөһээ Бүлүү лесхоһун леснигынан үлэлээбитэ. Бу үлэлии сылдьан, оскуола тутуутугар саамай модьу мастары булан, саҥа оскуола дьиэтин тутуутугар улахан өҥөнү оҥорбута. Хас ойуур саҕатыгар, суол кытыытыгар “ойуурга уоттан сэрэх буолуҥ” диэн плакат суруйара.
Оҕо сылдьан аҕам уһанарын, оҥорорун элбэхтик көрбүтүм да, оҥорсубутум даҕаны. Кини үчүгэй мас ууһа этэ (дьиэ мебелин барыта бэйэтэ оҥорбута), ону таһынан кыра оҥоһуктары тимиринэн эмиэ уһанара. Ан-2 самолету олох дьиҥнээх курдук оҥорон өһүөҕэ ыйыыра. Өссө кыллаан, смычоктаан кырыымпа оҥороро. Аҕам ыһыахтыыр площадкаҕа памятник эзкииһин оҥорбута, ону Романов Михаил Семенович, Александров Уйбаанныын уустаан ураннаан оҥорбуттара. Үөһээҥҥи уордьанын сулуһун бэйэтэ оҥорбута уонна төгүрүччү түөрт өттүгэр сэрии хонууттан эргиллибэтэх дьон ааттарын суруйбута. Кэлин Чуруков Василий Егорович оскуолаҕа учууталлыы сылдьан саҥаттаан суруйбута. Аҕам Ураһалаах үрдүгэр бэс маһы туораах сиэмэтин ыһан олордубута, билигин бэс чагда буолан силигилээн турар. Нам дьоно-сэргэтэ бэркэ ытыктыыр сирдэрэ буолбута.
Аҕабын холкуос мунньаҕар, үөрүүлээх бырааһынньыктарга ытыктаан, трибунаҕа саамай көстүүлээх сиргэ олордоллоро, мунньах трибунатын киэргэтэр этэ. Аҕам биир дойдулаахтара үлэҕэ уонна спортка кыайалларыттан ис дууһатыттан үөрэрэ. Павлов Спиридон Степанович, Романов Михаил Семенович, Ильин Иван Николаевич – Соттоххой Уйбаан уордьан ылалларын үөрэ истэрин, хаһан да күнүүлээбэтин олус сөҕөр уонна астынар этим.
Аҕам үтүө киһи буоларын доҕоро Мухоплев Петр Семенович эрэ буолбакка атын сэрии бэтэрээннэрэ этэллэр этэ: “Эн аҕаҥ олус үтүө, аһыныгас уонна сытыы өйдөөх киһи”,- дииллэр этэ. Ону элбэхтик истибитим, астынабын, аҕабын өрө тутабын.
Ийэм Бороскуо өлбүтүн кэннэ, аҕам Дьокуускайга уола Саша музыкальнай училищеҕа туттарса барбытыгар көмөлөһөөрү, куоракка көһөн тиийбитэ. Сыл буолан баран таас дьиэ ылбыта. Ол олорон дойдутун дьонугар, сэриигэ сылдьыбыт бэтэрээннэригэр дьиэ ылалларыгар, туох докумуон наада буоларын, хайа тойоҥҥо сылдьыахтаахтарын сүбэлиирэ. Дьиэ ылбыт оҕонньоттор бары аҕам улахан үтүөнү оҥорбутун билинэллэр этэ. Аҕам өлбүтүн кэннэ үөлээннээхтэрэ, доҕотторо: “Үтүө киһи үтүөтүк өлөр, кимиэхэ да көрдөрбөккө, эрэйдээбэккэ, бэйэтэ да эрэйдэммэккэ барда”, – дииллэрэ.
Аҕам тыыннааҕар, элбэх киһи хонон-өрөөн, астына кэпсэтэн ааһаллара. Бэл отой атын ыал оҕолоро ыалдьыттаан, сытан сынньанан ааһаллара. Альберт Бүлүүйүскэй, Мылаханов Нестор, Армавиртан кэлбит Дмитриев Рефелий онтон да атыттар. Нуучча суоппардара хастыы да хоно сытан ремоннанан ааһаллара. Атын сиртэн көһөн үлэлии кэлбит ыаллар сылтан итэҕэһэ суох, дьукаах буолан олороллоро да туоһулуур.
Убайым Егор Иванович аҕам туһунан маннык этэн турардаах: “Эн аҕаҥ, мин төһө да сэриини ортотунан ааспытым иһин, кини дьиҥнээх кырыктаах кыргыһыылары ааспыт киһи, киниэхэ мин сүгүрүйэбин.” Үтүө киһи – Егоров Петр Егорович – Мутуукап аҕабын ордук убаастыыра уонна тылын истэрэ, олус доҕордуу этилэр.
Аҕам куоракка олоро сылдьан обком КПСС секретарьдара Чиряев Гаврил Иосифович уонна Борисов Семен Захарович баалларыгар параадка уонна 1 маай бырааһынньыктарыгар наар правительственнай ложеҕа турсара. Бу кинини убаастыылларын уонна ытыктыылларын туоһулуур.
Сэрии кэнниттэн Аҕам лесниктыы сылдьан, анал үөрэҕэ суох да буоллар адвокаттыыр этэ. Бүлүүннэн, Ньурбаннан, Үөһээ Бүлүүннэн сылдьан суукка адвокат быһыытынан элбэх киһиэхэ туһалаабыта. Аҕам сэриигэ сылдьар кэмигэр, биэс төгүл Сталинтан “Махтал сурук” “Чолбон” холкуоска кэлбитин туһунан эппиттэрэ, аҕам ылыан баҕарбыта да сүппүт дуу, суох буолбут дуу эбэтэр архивка барбыт диэн буолта. Ийэм: “Миэхэ биэрбэтэхтэрэ, көннөрү иһитиннэрэллэр эрэ этэ уонна холкуос аатыгар ыыппыттара”, – диэн сатаан харайбатаҕын өргө диэри кэмсинэр этэ.
Аҕам былыргы дьоннор оҕолоро буолан саха тылын олус уустаан-ураннаан саҥарара. Дьону үүт-үкчү үтүктэриттэн олус күлэрбит. Артыыс курдук буолан хаалара, ону таһынан гимнаст этэ, дьиэтин иһигэр олоппосторго иҥин араас стойкалары көрдөртүүрэ бу баарга дылы. Өссө Досаафка дьоннору үөрэтэр этэ. Биһиги дьиэбитигэр ыарахан баҕайы ППШ автомат уонна трех линейка карабин саа баарын хайдах тутары, түргэнник санныгар быраҕары уонна уһулары үөрэтэрэ, хайдах сэриигэ строевой уонна боевой подготовкалары туттарын көрдөрөрө.
Кини биһиги сэриилээх оонньуурбутун сөбүлээбэт этэ. Сэрии куһаҕан, алдьархай киһи өлүүлээх диэн этэрэ. Аҕам таһынааҕы ыалларын, доҕотторун ыҥыран хас бырааһынньык аайы остуол тэрийэрэ. Онно ийэм барахсан ас бөҕөнү буһаран аар-туор олохпутун киэргэтэрэ. Дьокуускайга олорон Үөһээ Бүлүү устудьуоннара, дьонноро, элбэх киһи кэлэн хонон ааһара.
Онон мин дьоммунан олус киэн туттабын, ытыктыыбын уонна убаастыыбын.
Уола Спиридонов Василий Иванович
Норуот маастара, Абый улууһун бочуоттаах гражданина,
Үөрэҕирии уонна ыччат политикатын туйгуна,“Гражданская доблесть” знак кавалера.
2020 с.