Софронов Семен Семенович-Нуучча

1916 с. Өлүөхүмэ оройуонун, Солянка дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ Цапова Ульяна Семеновна, 2 оҕолоох Валерий уонна Клара. МТС-ка агроном-полевод идэлээх үлэлии сылдьан сэриигэ барбыта. Кэлин уола Софронов Валерий Намҥа кэлэн өлүөр дылы олорбута.
1942 сыллаахха сэриигэ барбыта. 60-с Армияҕа 3-с гвардейскай танковай бригадаҕа старшина званиелаах сэриилэспитэ.
1944 с. кулун тутар 17 күнүгэр ылбыт бааһырыытыттан ХППГ 5209 госпитальга өлбүт. Украина Тернопольскай уобалас Збаражскай оройуон,  Збараж куоракка көмүллүбүт.
Документ из госпиталя (ЦАМО ф. 58, о. А-83627, д. 7404)
Хаартыскаҕа хаҥастан уҥа олороллор: Софронов Семен, Алампадисов Харлампий, уола Софронов Валерий, кэргэнэ Цапова Ульяна, биллибэт, Кардашевскай Василий (Кунаах). (Нам музейын архыыбыттан)