1918 с. Нам нэһилиэгэр Тэлбир Хаампыйа диэн ыалга төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ.
1941 с. Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыт.
Кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх.
Өндөрөй 1918 сыллааҕы төрүөх, улахан уҥуохтаах, хара бараан, мөдөөн, аа-дьуо иҥнэҥнээн хаамар, күүстээх-уохтаах, үлэни кыайар-хотор киһи эбит. Ийэтэ, Тельбирова Матрена Харлампьевна – Тамайар Мотуруона, кинини төрөөрү өлбүт, Өндөрөй онон эһэтин аахха иитиллибит, аҕата Ороһуга олорор Кэтэҕэ суохтар уоллара дииллэрэ. Кэргэннэммэтэх, ол эрээри оччотооҕу кырдьаҕастар кэпсииллэринэн Михайлов Василий Терентьевич – Чохойо Баһылайа – кини оҕото, аҕатын уу күлүгэ, үүт – үкчү Өндөрөй курдук дииллэрэ. Баһылай да аҕам диэн билинэр этэ. 1941 с. бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт, хаһан, ханна өлбүтэ биллибэт, сураҕа суох сүппүт.
Шестаков Максим Иванович