Тельбиров Максим Яковлевич

1923 с. Нам нэһилиэгэр Тэлбир Дьаакыба диэн орто ыал кэргэнигэр төрөөбүт. «Чолбон» холкуос чилиэнэ.

1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт.

1942 с. ахсынньы ыйга сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии сурук кэлбит.

Махсыым дьиҥнээх төрөөбүт сыла 1925 сыллааҕы эбит. Ону сэриигэ барыан аһара баҕаран сааһын эбинэн 1923 сыллааҕыннан суруйтаран, 17- лээҕэр бэйэтэ баҕа өттүнэн туруорсан,  1942 с. бэс ыйын 28 чыыһылатыгар барбыта диэн ийэтэ Павла кэпсиирэ.

Кини кыра соҕус уҥуохтаах эрээри модьу-таҕа көрүҥнээх эбит. Оҕо сааһа Сэбэки эҥээригэр ааспыт буолан олох оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх булчут, солоҥдоҕо, кырынааска чааркаан уурда да нөҥүө күнүгэр баран хайаан да ылан кэлэрэ дииллэрэ. Хаптаһынынан хайыһар оҥостон Тарыҥҥа харалдьыкка туһахтаан үстүү-түөртүү улары ылара үһү. Үөһэнэн куһу аһардыбат , ыттаҕын аайы табан охторон иһэр эбит.

 Хойут, Намҥа көһөн киирбиттэрин кэннэ, техникаҕа умсугуйан туран сыстан бырысыапсыгынан, көмөлөһөөччү тракториһынан үлэлээбит. Оччотооҕу трактористаабыт Павлов Петр Петрович (Чөкчөрөөк) :“ Махсыым оҕо диэтэххэ сүрдээх күүстээх оҕо этэ, түөрт лемехтээх ХТЗ трактор соһор булуугун бааһына  баһыгар тиийэн трактор  эргийэригэр кутурук тимир көлүөһэтиттэн  чэпчэки баҕайытык көтөҕөн ылан таҥнары эргитэрэ”- диэн кэпсиирэ.

Ыҥырыллан барбытын кэннэ хаста да дьонугар суруйбут. Кини онно барыта тимир тааҥка диэҥҥэ ыытааччыга үөрэнэ сылдьабын диэбит. Бүтэһик суругар: «Тааҥка ыытааччы буоллум, бу сотору улахан сэриигэ киирээри сылдьабыт “- диэн суруйбут этэ. Ити кэнниттэн 1942 сыл ахсынньы ыйыгар сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбит.

Шестаков Максим Иванович