
1944 с. армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай фроҥҥа Мальта станцияҕа сулууспалаабыт.
1945 с. дойдутугар төннүбүт.
1971 с. өлбүт.
Дьылҕа хаан ыйааҕынан
Киһи тулуурдааҕа, киэҥ көҕүстээҕэ инники олоххо тардыһыылааҕа хайа да омуктааҕар ордук саха дьонугар тарҕаммыт курдук. Ол биир туоһутунан бэйэм чугас дьонум, аҕам Николай Иванович Туручоков, убайым Алексей Иванович Иванов буолаллар. Аҕам бастакы хомуурга бэбиэскэ тутан, Намын дьонун кытта сэриигэ барсыбыт. Дьиэтээҕилэрин кытта быраһаайдаһан, ааны сабан тахсарыгар тапталлаах кэргэнэ Өрүүнэтэ сыыстаран, көхсүнэн ыраас буолан, өлөөрү, кини аатын сүкпүт кыһыл уола ыарыһах эмиийин үүтүн испэккэ бэрт мөлтөх туруктаах сыталлара. Дьиэ, хаһаайыстыба көрүүтүгэр балта эдэр киһи Матрена Ивановна-Килгээ хаалбыт.
Сэриигэ барааччылары оройуон киинигэр муспуттар. «Оҕом тыыннаах буоллаҕына Нам биэрэгэр маҥан былаахта ыйаарыҥ» диэн аҕам кэриэс тылын этэн арахсыбыт. Дьону илдьэр икки этээстээх борокуот Дүллүкү маҥан хайатыгар хара буруота унаарыйан көстөрүн саҕана, хойутаан киирэннэр, былааҕы ыйаабатахтар. Аҕам эрэйдээх былаах суоҕун көрөн, икки хараҕын уутунан суунан айанныы тураахтаабыт. Ийэлээх быраатым аҕыйах хонугунан быысаһан өлбүттэрин эдьиийим Килгээ тастыҥ, тыла суох быраата Николай Федорович Бюлтясов-Дьобоо диэн эдэр киһи ытыы-ытыы титиригинэн эрэһиэккэлээн уҥуох туппут.
Аҕам соҕотох уола мин, иккилээх уол, эдьиийим Килгээ көрүүтүгэр хаалбыппын, аҕыс ыйдаахпар хаампыппын. Иккилээх бэдик тугу өйдүөм баарай, сэрии эрэ, өлүү эрэ. Билэрим эрэ ийэ оҥостубут эдьиийим Килгээ буоллаҕа…

Сэрии бастакы сылларыгар улахан хотторуу, чугуйуу кэмигэр өлүү-сүтүү кэмэ суох элбээбит. Иркутскай уобалас Мальта диэн байыаннай чааһыгар тиийбиттэр. Сэриини хааччыйарга вагоннарга тиэйии-таһыы үлэтэ ыгыма, ыарахана. Ас-таҥас да мөлтөҕө. Ыалдьыбыт, улаханнык ырбыт-дьүдэйбит саллааттарга сухой паек биэрэ-биэрэ дойдуларыгар ыыталаабыттар, олор истэригэр мин аҕам эмиэ баара. Элбэх биир дойдулаахтарбыт, Бүлүү эҥээриттэн, дьиэлэригэр тиийбэккэ аара быстаахтаабыттар. Аҕам Өргүөт киһитэ Охонооһой Абраховтыын, хас да табаарыстарыныын, Өлүөхүмэҕэ борохуотунан кэлэн түспүттэр. Сайын 500-чэ биэрэстэ ыраах сытар Туобуйанан дойдуларын былдьаспыттар. Хантан билээхтиэй, сотору кэминэн иккис ыҥырыыга быраатынаан Өлөксөйдүүн сэриигэ ыҥырыллыан…
Бу кэмҥэ сэрии уота өссө күүскэ күүдэпчилэммитэ, сурах-садьык ыараабыта. Турар-турбат бары Ийэ дойду туһугар күүрээннээх үлэҕэ туруммута. Нам нэһилиэгин «Чолбон» холкуос үлэһиттэрэ, кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, сарсыарда 3 чаастан им сүтүөр диэри ыһыы бириэмэтигэр бааһынаҕа сылдьан үлэлииллэрэ. Аһылык барыта нуорма этэ.
Өр-өтөр буолбатаҕа, сэриигэ иккис ыҥырыы биллэриллибитэ. Эмиэ хас дьиэ аайы аймалҕан, ытаһыы-соҥоһуу саҕаламмыта. Аҕам барахсан дойдутугар кэлэн киһилии аһаан-сиэн кэм туругурбута. Быраата Өлөксөй 18 сааһын туолан, төһө да хачаайытын иһин уҥуоҕа куйаабылланан уһуна, киһи киһинэн этэ. Аны убайынаан сэриигэ барар буолбута. Икки аата икки, айанныырга, сылдьарга, үлэ да, сэрии да буолтун иһин арыый көмүскэллээх, тирэхтээх курдук санаммыттара. Арай бырааттыылар араспаанньалара тус-туһунан этэ. Быһаарсыы буолар түбэлтэтигэр ол мэһэй буолуон сөбө.
Бу сырыыга эмиэ Мальтаҕа тиийбиттэрэ. Бирисээгэ, байыаннай үөрэх саҕаламмыта. Эмиэ, буоларын курдук, аҕам сорох табаарыстарын арҕаа фроҥҥа атаарбыттара. Биһиги дьоммут эмиэ урукку курдук үлэҕэ оройдорунан түспүттэрэ. Кинилэр дьоллоругар өстөөх сэриитэ Москва анныгар кимэн киириитэ тохтотуллубута. Арыый үөһэ тыыныы буолбута.
Сэрии олоҕун бастакы ыҥырыыга билбэхтэспит аҕам быраатын Өлөксөйү көрөн-истэн илдьэ сылдьыбыт. Оччолорго техника көрүүчэйин тимир буочукаларга таһаллара. Үлэ лаппа ыарахана, ырбыт, дьүдэйбит саллааттар өлүүлэрэ, госпитальга киириилэрэ элбээбитэ. Сэрии кэмигэр, ханна да буолтун иһин, саллаат олоҕор эҥин-араас быһылааннар, ыарахаттар элбэхтик көрсүтэлииллэрэ. Онтон биир кыра түгэни ахталларын истибитим.
Саллааттар күһүн хортуоппуй хостооһунугар сылдьан кутаа уотугар хочулуоктарыгар хортуоппуй уган буһарынар айдааныгар сылдьыбыттар. Аҕам көрбүтэ, биир кып-кыһыл сирэйдээх, оҕуһу өрө тутан кэбиспит курдук бөдөҥ татар киһитэ кини хочулуогун туоратан баран бэйэтин киэнин уурбут. Аҕам хараҕа хараҥаран ылбыт да, сүүрэн тиийэн ол татар хочулуогун тоҕо тэбэн кэбиспит. Айдаан буола түспүт, охсуһуу саҕаламмыт. Татар туора садьыйан саайар идэлээх үһү. Аҕам хаптас гына-гына муннун тоҕо дайбыыр эбит. Өлөксөй сүүрэн кэлэн татар сирэйин кытаахтыы сатыыр үһү, убайа: «Бэйэм да кыайар инибин» диэн уолун үүрбүт, аны куолаатылар диэн киэҥ айдаан буолуоҕун тохтоппут. Муннун хаана кэлэн, татар хотторууну биллэрбит. Ити курдук тоторун туһугар тыын харбаһыы, дууһа көмүскэниитэ буолаахтыыра. Хоту дойду уолаттара ыарахан олоххо, тымныы дойдуга төрөөбүт-үөскээбит буоланнар син тулуһаллара, лаппа быстардахтарына хоттороохтууллара.
Биирдэ баржаттан буочукалаах кыраһыыны сүөкээһиҥҥэ үөһэ таһааран иһэн буочуканы төлө тутан аллараа төкүнүйүүтүгэр, бэрт нэһиилэ хаама сылдьар эдэркээн баҕайы саха уолчаанын түҥнэри көтөн, ол эрэйдээх миэстэтигэр тыына быстаахтаабыт. Көрүөххэ ынырыга, хараастыылааҕа.
Биир үтүө күн биһиги дьоммут үлэ-хамнас ортотугар сүүрэ-көтө сырыттахтарына, куоракка барбыт хамандыырдара: «Победа! Победа! Немец капут!» – дии-дии илиитинэн далбаатаан сүүрэн ахан иһэрин көрө түспүттэр. «Ураа!» хаһыы ньиргийбит. Ити 1945 сыл ыам ыйыгар Кыайыы өрөгөйө буолбута.
Иван Николаевич Иванов,
Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, тыа хаһаайыстыбатын уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, 2020 с.