Табыисов Прокопий Гаврильевич

1910 с. Нам нэһилиэгэр төрөөбүт. «Кыһыл үлэһит» холкуостааҕа. Армияҕа ыҥырыллан барарыгар кэргэннээх, биир оҕолоох.
1943 с. армияҕа ыҥырыллыбыт. Бүлүүтээҕи призывной пункт докумуонугар «передан в промышл.» диэн суруллубут.
1944 с. ыам ыйын 1 күнүгэр дифтерия ыарыыттан дойдутугар төннөн кэлэн иһэн Дьокуускайга өллө диэн биллэрии сурук кэлбит.