
1922 с. Нам нэһилиэгэр Улахан Ньукулааһа дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Ороһуга 7 кылааһы бүтэрэн баран Бүлүү педтехникумун II курсугар үөрэнэн баран, Туобуйаҕа тахсан учууталынан үлэлээбит. 1943 с. Харбалаахха ааҕар балаҕаҥҥа үлэлии сылдьан Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыт.
Байыаннай пересыльнай пуун докумуоннара көрдөрөрүнэн 1944 с. тохсунньу 15 күнүгэр 429 стрелковай полка 1 батальонугар ыыппыттар (ЦАМО ф. 8639, о. 100645с, д. 1). 1944 с. кулун тутар 21 күнүгэр 210-с стрелковай дивизияҕа ыыппыттар (ЦАМО ф. 8639, о. 100670с, д. 1).
1944 с. кулун тутар 19 күнүгэр өлбүт, Курскай уобаласка көмүллүбүт. («Өйдөбүнньүк кинигэ», 1995 с.)
