Балаҕан ыйын 22 күнүгэр, оптуорунньукка, нэһилиэкпитигэр дьон-сэргэ сөбүлүүр «Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» бырайыакпыт чэрчитинэн тэрээһиннэр буолан аастылар. Бу көҕүлээһин олохтоохтору барыбытын сомоҕолуур, бэйэни көрүнүү тус бэйэбититтэн саҕаланарын санатар.
Оскуолаҕа үөрэнээччилэргэ кылаастарынан аналлаах физминуткалар ыытылыннылар. Уруоктар быыстарыгар сынньана түһэр кылгас эрчиллиилэр комплекстара оҕолорго систэрин, харахтарын былчыҥнарын уоскуталларыгар көмөлөстө.
Намнааҕы Кэнчээри Оҕо уһуйааныгар иитиллээччиэр «Туһалаах аһылык күнүгэр» кытыннылар. Оонньуу нөҥүө саамай наадалаахха үөрэтэр сыаллаах бырагыраама тэрилиннэ:
оҕолор ханна битэмииннэр баалларын уонна тоҕо сөптөөх аһылык биһигини күүстээх оҥорорун биллилэр. «Ханнык битэмиин ханна баарый?» дидактическай оонньуу билиини чиҥэттэ, бородуукталары туһаларынан араарарга үөрэттэ. «Туһалаах уонна буортулаах астар» викторина аһылыгы талыыны көрдөөх күрэскэ кубулутта.
Бибилэтиэкэҕэ биир ураты тэрээһинин буолла. Манна психосоматика туһунан кэпсэтээри баҕалаахтары барыларын ыҥырдылар. Ыалдьытынан Василиса Шестакова буолла, кини истиҥник-киһилии кэпсэтиигэ киһи уйулҕатын туруга этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын өйдөнүмтүөтүк быһаарда. Көрсүһүү дириҥ ис хоһоонноох буолла: ыалдьыттар стресс хайдах туоратар уонна ис туругу бөҕөргөтөр туһунан ыйытыылары биэрдилэр. Түмүккэ Василиса Тимофеевна визуализация практикатын биир ньыматын көрдөрдө, үөрэттэ. Салгыы култуура уонна сынньалаҥ дьиэтин саалатыгар сэрээккэ буолла. Ону КДУ үлэһитэ Валентина Михалева ыытта, кини холобурунан 15 мүнүүтэ актыыбынай хамсаныы төһөлөөх элбэх эниэргийэни биэрэрин көрдөрдө.
Нэһилиэк баһылыга, оскуола дириэктэрэ, КДУ дириэктэрэ уонна бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ кытыннылар. Кинилэр холобурдара элбэх үлэһити уонна олохтоохтору кыттыһарга көҕүлээтэ. Ол да иһин үчүгэй көҕүлээһини дьиҥ-чахчы үтүө үгэскэ кубулатар.
“Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» өссө төгүл көрдөрдө: доруобай буолуу — интэриэһинэй, көрдөөх уонна ыарахана суох, маны эн бэйэҥ ыалларгын уонна доҕотторгун кытта да оҥоруоххун сөп. Аныгыскы оптуорунньугу долгуйа күүтэбит!








