Ытык Наммыт куоластыыр

Сэтинньи 6 күнүгэр, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр кэлэр 2027 сылга “Олохтоохтор инициативаларын өйүүр программа” (ППМИ) чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ бырайыактары талыыга кыттыы туһунан нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста. Мунньаҕы ытык Наммыт баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай иилээн-саҕалаан ыытта. «Олохтоох инициативалары өйүүр программа» (ППМИ-2027) туһунан сырдатта. Быйылгы куоластааһыҥҥа икки бырайыак киирдэ: “Сэрии уонна өрөбөлүүссүйэ албан […]
“Комсомол – мин дьолум” – быыстапка олохтоох кулуупка

Күндү ытык Наммыт олохтоохторо уонна ыалдьыттара, бу күннэргэ сырдык, ыраас А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан култуурабыт дьиэтигэр ЫБСЛКС тэриллибитэ 108 сылыгар аналлаах, хомсомуол күүрээннээх кэмнэрин кэпсиир интэриэһинэй быыстапканы кэлэн көрүҥ, сэргээҥ. Маннык тэрээһиннэр эдэр көлүөнэҕэ устуоруйаны билиһиннэрэр, аҕа саастаах көлүөнэҕэ эдэр саастарын эргитэр ураты эйгэни үөскэтэллэр. Быыстапкаҕа өр сылларга хомсомуол кэккэтигэр сылдьыбыт, совхоз араас үлэлэригэр күүрээннээхтик үлэлээбит, эдэр […]
Дьоһун дьоннуун дьоһуннаах көрсүһүү

2026 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культуура дьиэтигэр самодеятельнай композитор, байыаннай-патриотическай ырыалар ааптардара Владимир Васильевич Васильевтыын көрсүһүү киэһэтэ буолла. Тэрээһин истиҥ уонна үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Киэһэ хас да форматы хабан ыытылынна : “Васильев хуорун” үлэтигэр анаммыт хаартыска быыстапката, ону тэҥэ М.С. Васильева «Санаам утахтарын сааһылааммын…» кинигэлэрин быыстапката. […]
“Айар тыын аартыгынан” – Марианна Долгунова сырдык аатын үйэтитэр бэлиэ күн
Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, ытык Наммытыгар олус истиҥ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын норуотун уус-уран сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр өр кэмҥэ уус-уран салайааччынан үлэлээбит Марианна Валерьевна […]
Учитель, перед именем твоим… (Н.А. Некрасов)
Великолепная жизнь и несравненная работа Евдокии Лазаревны АлексеевойЕвдокия Лазаревна Алексеева — ярчайший представитель мира педагогов, яркий образец благородства и профессионализма, воспитавший тысячи благодарных учеников. Её личность сияет ярким светом, отражаясь в сердцах тех, кому посчастливилось стать частью её уникальной педагогической деятельности. Она родилась 5 июля 1935 года в прекрасном селе Намцы Верхневилюйского улуса. Там же […]
“М.С. Романов – сырдыкка, үөрэххэ сирдээччи”
Олунньу 6 күнүгэр Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы Культура дьиэтигэр библиотека 80 сыллаах, Михаил Семенович Романов 110 сыллаах үбүлүөйдээх дааталарыгар анаммыт “Романов М.С. – сырдыкка, үөрэххэ сирдээччи” диэн төгүрүк остуол буолла. Бу ытыктабыллаах киһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна үөрэхтээһинин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ.Михаил Семенович Романов РСФСР уонна ЯАССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна уонна Үлэ […]
“Ыччакка анаммыт олох” – норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Е.В. Ноговицына төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ
Ахсынньы 20 күнүгэр А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр “Ыччакка анаммыт олох” диэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ноговицына Евгения Васильевна төрөөбүтэ 105 сылын көрсө икки ыйдаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ бэрт түмсүүлээхтик буолан ааста. Бу киэһэ сып-сырдык, киэҥ-куоҥ кулууппутун “Ыччакка анаммыт олох”, “Улуу бэйээт Музата” быыстапкалар, “Е.В. Ноговицына мэтириэттэрин галереята” – оскуола […]
“Тимир көлө хоһууннара”
Сэтинньи 9 күнүгэр Улуу Өктөөп уонна Комсомуол күннэрин бэлиэтээн, урукку кэми сэгэтэр “Тимир көлө хоһууннара” диэн улууска аан маҥнай Нам нэһилиэгэр 90 сыл ынараа өттүгэр 1935 сыллаахха МТС (машинно-тракторнай станция) тэриллэн үлэлээбитин ахтар-саныыр киэһэ буолан ааста. Тэрээһини көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыытта кыраайы үөрэтээччи Саввинова Нина Родионовна, тэрийсиигэ А. Е. Ильина аатынан Намнааҕы култуура дьиэтэ, М. С. […]
Ийэ күнүгэр сонун тэрээһин
Алтынньы 17 күнүгэр Нам нэһилиэгэр, Саха Республикатыгар Ийэ күнүн бэлиэтээн “Ийэ мичээрэ” диэн сонун тэрээһин буолан ааста. Бу киэһэ ийэлэргэ анаан араас маастар кылаастар уонна психологическай практикум буолла. Кэлбит ийэлэргэ хайҕабыл тыллардаах минньигэс бэлэх туттарылынна. Психологическай практикуму Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум психолога Моника Александровна Михайлова олус интэриэһинэйдик ыытан, ийэлэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Кейк-попс астааһынын Нам орто оскуолатын […]
Намский наслег 100% за ППМИ-2026
Ежегодно население села Хомустах Намского наслега активно участвует и реализует проекты по развитию села по Программе поддержки местных инициатив. В 2026 году планируется участие по двум проектам: 07 октября 2025 г проведено обсуждение проектов и голосование населения за поддержку реализации проектов. Население от мала до велика активно участвовали в обсуждении проектов и единогласно выразили свое […]