
Алтынньы 17 күнүгэр Нам нэһилиэгэр, Саха Республикатыгар Ийэ күнүн бэлиэтээн “Ийэ мичээрэ” диэн сонун тэрээһин буолан ааста. Бу киэһэ ийэлэргэ анаан араас маастар кылаастар уонна психологическай практикум буолла. Кэлбит ийэлэргэ хайҕабыл тыллардаах минньигэс бэлэх туттарылынна. Психологическай практикуму Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум психолога Моника Александровна Михайлова олус интэриэһинэйдик ыытан, ийэлэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Кейк-попс астааһынын Нам орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Бурнашов ыытта. Эдэр ийэ Анита Харитонова косметиканы хайдах сөпкө туттары көрдөрдө, кэпсээтэ . Маны таһынан араас фотозоналар оҥоһуллан, үйэ тухары өйгө хаалар хаартыскаларга түһэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.