2026 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культуура дьиэтигэр самодеятельнай композитор, байыаннай-патриотическай ырыалар ааптардара Владимир Васильевич Васильевтыын көрсүһүү киэһэтэ буолла. Тэрээһин истиҥ уонна үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста.
Киэһэ хас да форматы хабан ыытылынна : “Васильев хуорун” үлэтигэр анаммыт хаартыска быыстапката, ону тэҥэ М.С. Васильева «Санаам утахтарын сааһылааммын…» кинигэлэрин быыстапката. Ыалдьыттар ураты болҕомтолорун В.В. Васильев аатынан норуот хуорун билиһиннэриитэ тарта.
Тэрээһини Нина Саввинова, Вероника Семенова тылларыгар, Владимир Васильев муусукатыгар алын сүһүөх кылаас оҕолорун толорууларыгар П.Тобуруокап аатынан оскуола гимынын иһиттибит. Ол кэннэ, оскуола дириэктэрэ Е.В. Ильин уонна олохтоох дьаһалтаттан баһылык солбуйуааччыта В.А. Заболоцкая истиҥ эҕэрдэ тылларын этэн, бэлэх туттардылар.
Композитор бэйэтин этиитигэр айар суолун, оҕо сааһын, үөрэҕин уонна бастакы уһуйааччыларын – М.И. Константинованы уонна Г.М. Никифоровы – кылгастык кэпсээтэ. Кини бастакы ырыалара хайдах айыллыбыттарын туһунан ахтыылар тыаһаатылар. Ыалдьыттарга П. Тобуруокап тылларыгар, Г. Григорян музыкатыгар хуор толоруутугар «Эйэ холууба» диэн ырыа уһулуга көрдөрүлүннэ. Ураты миэстэни Хара Лааҥкы тылларыгар, ааптар бэйэтэ толоруутугар «Саха снайпера» ырыатын толоруута ылла. Хара Лааҥкылыын оҕо саас кэмнэриттэн истиҥник ахтан-санаан кэпсээн ыалдьыттары күллэрэн сэргэхситтэ.
Владимир Васильевич байыаннай-патриотическай тиэмэҕэ бастакы ырыатын – С. Руфов тылларыгар «Биллибэт саллаат уҥуоҕар» – туһунан кэпсээтэ, ону тэҥэ бэйэтин композициялардаах диискэтин билиһиннэрдэ. Л. Попов тылларыгар «Саллаат турар» ырыаны Розалия Тарасова, И. Эртюков тылларыгар «19-с хайыһар биригээдэтэ» ырыаны Семен Васильев баян доҕуһуоллаах толоруулара ытыс тыаһын ыллылар.
Владимир Васильев поэт Н.С. Гоголевы кытта өр сыллаах айар сомоҕолоһууга ананылынна, ол түмүгүнэн Улуу Кыайыы 60 сылыгар анаммыт «Сир-Ийэ баастара оспоттор» диэн биэс ырыата буолла. Композитор хас биирдии ырыа айыллыбыт устуоруйатын кэпсээтэ: «Саадаҕы курданар сылларга», «Сэрии тулаайаҕа», «Ийэ сүрэҕэ», «Ким көрбүт, умнубат буолуохтаах», «Сир-Ийэ баастара оспоттор». Ыалдьыттарга «Саадаҕы курданар сылларга» ырыа уһулуга көрдөрүлүннэ.
“Талааннаах киһи – барытыгар талааннаах” диэн этиини бигэргэтэн, Владимир Васильев ыалдьыттары быыһыгар күллэрэн, быыһыгар уйадытан болҕомтону тардар сэргэх кэпсээччи буоларын көрдөрдө.
Салҕыы Владимир Васильевич холоонноох доҕоро, олоҕун аргыһа Марфа Спиридоновна Васильева бэйэтин туһунан кылгастык кэпсээтэ, кинигэлэрин быыстапкатын билиһиннэрдэ уонна анал бырайыактар чэрчитинэн хуор үлэтин сырдатта.
Программа түмүгэр бэлиэ айымньылар тыаһаатылар: Ст. Еремеев-Дэдэгэс тылларыгар «Ытык Бүлүү» уонна И. Гоголев тылларыгар «Киэн туттуу ырыата».
Ураты түгэнинэн Марфа Спиридоновна Намнааҕы М.С.Романов аатынан библиотека сэбиэдиссэйигэр Анастасия Харлампьеваҕа В.Васильев 20 ырыатын түмпүт диискэтин, Намҥа Аҕа Дойдуну көмүскээбит буойуттары кэриэстиир саҥа тутуллуохтаах паамытынньыкка туттарга диэн бэлэхтээбитэ буолла. Ону таһынан, Марфа Спиридоновна уонна Владимир Васильевич, алгыһы кытта Нам библиотекатын ааҕааччыларыгар Николай Данилович Семенов туһунан уонна Мария Игнатьевна Константинова-Эдьиий Морууса “Кылы-кылы кылыбырай, Көмүс тимэх баяным” ырыанньыгын бэлэх туттардылар.
Киэһэ ыытааччы долгутуулаах түмүктүүр тылынан түмүктэннэ, ол кэннэ ыалдьыттар эҕэрдэ тыллары эттилэр, бэлэх туттардылар. Уопсай, кылааһынан, аймаҕынан, биирдиилээн хаартыскаҕа түһүүнэн киэһэбит түмүктэннэ.
Тэрээһин улуус, нэһилиэк култууратын олоҕор улахан суолталаах түгэн буолла, ураты биир дойдулаахпыт, кини айар нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларарга кыах биэрдэ.



















