
Күндү ытык Наммыт олохтоохторо уонна ыалдьыттара, бу күннэргэ сырдык, ыраас А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан култуурабыт дьиэтигэр ЫБСЛКС тэриллибитэ 108 сылыгар аналлаах, хомсомуол күүрээннээх кэмнэрин кэпсиир интэриэһинэй быыстапканы кэлэн көрүҥ, сэргээҥ. Маннык тэрээһиннэр эдэр көлүөнэҕэ устуоруйаны билиһиннэрэр, аҕа саастаах көлүөнэҕэ эдэр саастарын эргитэр ураты эйгэни үөскэтэллэр.
Быыстапкаҕа өр сылларга хомсомуол кэккэтигэр сылдьыбыт, совхоз араас үлэлэригэр күүрээннээхтик үлэлээбит, эдэр саастарыгар бүттүүн дойду үрдүнэн тарҕаммыт “Оскуола-производство-ВУЗ” бачыымы өйөөн, оҥорон таһаарыы араас салааларыгар үлэлээбит оччотооҕу хомсомуоллар умнуллубат сылларын кэрэһэлиир сэдэх маллары, бэлиэлэри көрүөххүт.




Ону тэҥэ, олохтоох библиотека ытык киһибит Эдьиий Морууса-Мария Игнатьевна Константинова тус архыыбыттан Ленинскэй хомсомуолга сыһыаннаах сценарийын, хаһыаттартан кырыйан оҥорбут альбомнарын, тэтэрээттэрин уонна Михаил Семенович Романов эмиэ тус архыыбыттан бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр сыһыаннаах докумуоннары, матырыйааллары сэргии көрүөххүт.
Үөһээ Бүлүү улууһун хомсомуолларын туһунан ахтыылары, хаартыскалары кинигэлэрдэ уларсан ааҕыаххытын, билсиэххитин, ахтан-санаан ааһыаххытын сөп.



Алтынньы 29 күнэ ытык Наммытыгар быйыл икки утарыта өйдөбүлү холбоото. Биир өттүнэн — эдэр саас, эрэл, сомоҕолоһуу бырааһынньыга. Иккис өттүнэн — нэһилиэкпит, улууспут биир ытыктабыллаах киһитин, С.Н. Мегежекскаяны сүтэрии кутурҕана. Бу утарсыы кини олоҕун ис хоһоонун өссө дириҥэтэр. Кини олохтон барыыта хомсомуол күнүн кытта ситимнээҕэ мээнэҕэ буолбатах: кини бэйэтин бүтүннүүтүн бу хамсааһыҥҥа анаан, кини дьонун кытта биир тыынынан тыынан кэлбитэ. Онон кинини атаарыы — бу аҥаардас биир киһини тиһэх суолга атаарыы эрэ буолбатах, бу — кини көлүөнэтин, кини идиэйэтин, кини кэмин кытта бырастыылаһыы курдук буолла.
Светлана Николаевна сырдык мөссүөнэ, кини дьоҥҥо оҥорбут үтүөтэ, кини үлэҕэ, дьыалаҕа таптала хаһан да умнуллуо суоҕа. Кини олоҕо — «Комсомол — мин биографиябар» диэн девиз тыыннаах холобура. Нам нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин, кини оҕолоругар, чугас дьонугар тулууру, уоскулаҥы баҕарабын. Кини аата-суола, кини киллэрбит кылаата үйэлэргэ умнуллубатын.
Ааспыт кэмнээҕи Комсомол күнүгэр анаммыт быыстапка — бу устуоруйа уруога эрэ буолбатах. Бу көлүөнэлэр ситимнэрэ, үлэҕэ, доҕордоһууга, дойдуга бэриниилээх буолууга үтүө үгэстэр салҕаналларын кэрэһитэ. Маннык тэрээһиннэр көмөлөрүнэн сэбиэскэй кэм ыччатын хамсааһына хайдах курдук сүҥкэн кылааты киллэрбитин, норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга кылаабынай хамсатар күүс буолбутун дьэҥкэтик өйдүүбүт, умнубаппыт!