Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, ытык Наммытыгар олус истиҥ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын норуотун уус-уран сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр өр кэмҥэ уус-уран салайааччынан үлэлээбит Марианна Валерьевна ДОЛГУНОВА сырдык аатын үйэтитэр “Айар тыын аартыгынан” диэн Үөһээ Бүлүү улууһун уус-уран салайааччыларын икки ардыларыгар күрэх бастакытын ыытылынна.
Айар күрэххэ 7 кыттааччы күөн көрүстэ: 1. Анисия Алексеева – “Баараҕай” маҕаһыын администратора;
2. Афанасий Руфов – Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтин уус-уран салайааччыта;
3. Марианна Хобусарова – СӨ культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын киинин специалиһа;
4. Сандаара Кузьмина – Харбалаах культура сынньалаҥ киинин методиһа;
5. Ньургуйяна Ноговицына – Г.Николаев аатынан Ороһу сынньалаҥ дьиэтин уус-уран салайааччыта;
6. Арылхан Мойтохонов – Кэнтик сынньалаҥ киинин дириэктэрэ;
7. Ульяна Тюкянова – Ю.Н.Прокопьев аатынан Үөһээ Бүлүү спортивнай орто оскуолатын оҕо хамсааһынын салайааччыта.
Айар күрэх түөрт түһүмэҕинэн дьүүллүүр сүбэ түмүгэ:
1 миэстэ: Марианна Хобусарова – Марианна Валерьевна бииргэ төрөөбүттэрин дьиэ кэргэттэриттэн 30000солк. анал бирииһин, Нам нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтиттэн Эгэлгэ ЮК 10000солк. сертификатын уонна Егорова Надежда Григорьевна дьиэ кэргэнин аатыттан анал бирииһин хаһаайката буолла.
2 миэстэни уонна “Дьон кутун тутааччы” анал ааты ылан Афанасий Руфов Марианна Валерьевна Нам оскуолатыгар 1984с. 16-с выпуск бииргэ үөрэммит доҕотторун анал бирииһинэн 25000солк, олохтоох дьаһалтаттан 5000солк. сертификатынан, Варвара Ивановна Гаврильева дьиэ кэргэнин анал бирииһинэн 14000солк. уонна “Уран Иэйии” түмсүүттэн анал бирииһинэн наҕараадаланна.
3 миэстэ – Ульяна Тюкянова “Намыына” түмсүүттэн 20000солк. тутта.
“Сыана маастара” анал аат: Ньургуйаана Ноговицына – Марианна Валерьевна Биробиджан куоракка Культпросвет училищеҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун анал бирииһин 15000солк. тутта.
“Саҥа саҕахтары саҕааччы” анал аат: Сандаара Кузьмина – “Көмүлүөк” түмсүүттэн 5000солк. уонна Марианна Валерьевна “Мафиози” бииргэ үлэлээбит үөлээннээх доҕотторуттан анал бириис хаһаайката буолла.
“Кэрэни кэскиллээччи” анал ааты уонна А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтин коллективын анал бирииһэ 10000солк. Анисия Алексеева тутта.
“Иэйии илгэтин иитээччи” анал аат: Арылхан – Георгий Максимович Никифоров аатынан Балаҕаннаах культура киинин анал бирииһэ 5000солк. уонна Улан-Удэ куоракка, Илиҥҥи Сибиир култуура уонна искусство судаарыстыбаннай академиятыгар бииргэ үөрэммит доҕотторун анал бирииһин 5000солк, наҕараадаланна.
Ону таһынан, хас биирдии кыттааччыга “Уран Иэйии” түмсүү илиинэн оҥоһуктарын бэлэх туттарда.
Сынньалаҥ дьиэбит киэҥ-куоҥ сырдык фойетын Марианна Валерьевна олоҕун кэрэ түгэннэриттэн, ону тэҥэ, үлэтигэр ситиһиилэрин мэктиэлиир үтүмэн элбэх хаартыыска, эҕэрдэ, добун суруктар быыстапкалара, фотозона уратытык киэргэттэ, ыалдьыттар кэрэхсэбиллэрин, сэҥээриилэрин ылла. Улахан экраҥҥа Марианна Валерьевна олоҕуттан ураты архыып хаартыскалар уонна видеолар кини хаһан баҕарар үлэ ортотугар, эрчимнээх, мичээрдээх, дьону абылыыр киһи, истиҥ доҕор, амарах ийэ, эбээ буоларын санаттылар, ону тэҥэ бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторун эҕэрдэ тылларын көрдүбүт. Иванова Сардаана Ивановна салайааччылаах “Сааскылаана” оҕо үҥкүү ансамбылын нарын-намчы кыргыттара үҥкүүлэринэн киэһэни олустук киэргэттилэр.
Ахтыы тылларынан нэһилиэк баһылыга А.И. Кардашевскай, И.Е. Чыычаахап, аймахтара, кылаастаахтара, бииргэ үөрэммиттэрэ, доҕотторо, коллегалара, тэрийсибит уонна ыкса үлэлэспит түмсүүлэрэ Марианна Валерьевна Нам нэһилиэгин култууратыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын бэлиэтээтилэр, дьиэ кэргэн кэпсээннэрин үллэһиннилэр, кини кэрэ майгытын уонна муударайын туһунан кэпсээтилэр, эдэр саастарын, бастакы айар хардыыларын уонна доҕордоһууларын аҕыннылар, салайааччы эрэ буолбакка, хаһан баҕарар өйүүр-тирэх буолар уһуйааччы быһыытынан санаатылар.
Хас биирдии этии ис сүрэхтэн тахсар иһирэх, ытыктабыллаах уонна тапталлаах тылларынан саалаҕа биир тыыннаах, махталлаах эйгэни үөскэттэ.
Марианна Валерьевна олоҕун тухары култуура сайдыытыгар бэйэтин анаабыт, дьону ускуустуба нөҥүө холбообут, үрдүк дьоҕурдаах киһи этэ. Кини аата төрөөбүт нэһилиэгин таһынан киэҥник биллэр, кини бэйэтин идэтигэр бэриниилээх буолуу уонна айар үлэҕэ муҥура суох таптал бэлиэтэ этэ.
Марианна Валерьевна Долгунова сырдык кэриэһигэр аналлаах киэһэ биир ураты киһини ытыктааһын эрэ буолбакка, араас көлүөнэни уонна нэһилиэктэри холбообут дьиҥнээх айар бырааһынньык буолла. Кини кэриэһэ дойду дьонун сүрэҕэр тыыннаах хаалыа, оттон кини саҕалаабыт үтүө дьыалата саҥа айар бырайыактарга уонна үөрэнээччилэр ситиһиилэригэр салҕаныа.























