Олунньу 6 күнүгэр Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы Культура дьиэтигэр библиотека 80 сыллаах, Михаил Семенович Романов 110 сыллаах үбүлүөйдээх дааталарыгар анаммыт “Романов М.С. – сырдыкка, үөрэххэ сирдээччи” диэн төгүрүк остуол буолла. Бу ытыктабыллаах киһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна үөрэхтээһинин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ.
Михаил Семенович Романов РСФСР уонна ЯАССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера буолбута. Кини олоҕо уопсастыбаҕа сулууспалааһын холобура этэ.
Тэрээһин “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын кыра бөлөҕүн үс саастаах кыысчааннарын “Тугутчаан” үҥкүүтүнэн саҕаланна. Кинилэр үҥкүүлээһиннэрин Михаил Семенович сиэн балта, олус сөбүлүүр талааннаах ырыаһыта, идэтийбит музыкант, хотугу норуот ырыаларын автора-толорооччута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Надежда Петровна Докалова ырыата доҕуһуоллаата. Үҥкүүнү уопуттаах хореограф Татьяна Николаевна Томская туруорда.
Библиотека үлэһитэ Харлампьева А.Г. мустубут дьоҥҥо Намнаа5ы библиотека историятыттан иһитиннэрии оҥордо. Онтон, Нам орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ биллиилээх поэт Пётр Тобуруокап библиотека туһунан хоһоонун аахтылар. Оҕолор толоруулара көлүөнэлэр ситимнэрин уонна инники кэнчээри ыччат ааспыт кэм үтүө дьыалаларын ытыктыырын көрдөрдө.
Оскуола түмэлин салайааччыта Любовь Николаевна Сидорова Михаил Семенович учуутал, директор быһыытынан үлэлээбит сылларын ахтан ааста. Кини кэпсээнэ Михаил Семенович педагогическай сатабыла эдэр учууталларга төһөлөөх улахан сабыдыаллааҕын бигэргэттэ.
Бүөтүр Тобуруокап аатынан түмэл уһаайба салайааччыта Иван Егорович Чычахов Михаил Семенович үлэтин суолун, ордук кини сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит кэмин билиһиннэрдэ. Иван Егорович ахтыытыгар Михаил Семенович олохтоохтор кыһалҕаларын хайдах быһаарарын уонна нэһилиэк тутуутун-хабыытын сайыннарыыга төһөлөөх күүс уурбутун бэлиэтээтэ.
Михаил Семенович кыыһа Надежда Михайловна Романова “Аҕам М.С. Романов улахан ыал аҕатын быһыытынан оҕо иитиитигэр оруола” диэн дьиэ кэргэн историяларын уонна оҕо сааһын истиҥ ахтыыларын үллэһиннэ. Кини сылаас тыллара мустубут дьону барытын долгуттулар.
Михаил Семенович хос сиэнэ, Намнааҕы культура дьиэтин художественнай салайааччыта, Афанасий Руфов эһээтин таптаан истэр Леонид Попов тылларыгар “Өлүөнэ эбэккэм” диэн ырыатын ылбаҕайдык ыллаан иһитиннэрдэ.
Киэһэ анал ыалдьыттара, Петр Михайлович Кардашевскай уонна Евдокия Георгиевна Никифорова, Михаил Семенович араас үтүө дьыалаларын ахтан, санаан аастылар. Мустубут дьоҥҥо махталы уонна ытыктабылы үөскэтэн, олус истиҥ уонна доҕордоһуу тыыннаах көрсүһүү буолла.
Онон, бу төгүрүк остуол улуус, нэһилиэк култууратын олоҕор улахан суолталаах түгэн буолла. Михаил Семенович Романов сыаналыыр, кинини ытыктыыр араас көлүөнэ уонна идэлээх дьону бииргэ түмтэ.
Тэрээһин Михаил Семенович улуус, нэһилиэк култууратын сайдыытыгар төһөлөөх улахан суолталааҕын, хаалларбыт сабыдыалын арыйда.
Түмүктүүр тылынан, тэрээһин кыттааччылара биир санаанан эттилэр: маннык тэрээһиннэр ааспыт көлүөнэ улуу дьонун сырдык аатын өйдүүргэ, үйэтитэргэ көмөлөһөллөр уонна эдэр ыччаты кинилэр холобурдарын батыһарга үөрэтэллэр, угуйаллар.
Анастасия Харлампьева,
Намнааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ









