“Ыччакка анаммыт олох” – норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Е.В. Ноговицына төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ

Ахсынньы 20 күнүгэр А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр “Ыччакка анаммыт олох” диэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ноговицына Евгения Васильевна төрөөбүтэ 105 сылын көрсө икки ыйдаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ бэрт түмсүүлээхтик буолан ааста. Бу киэһэ сып-сырдык, киэҥ-куоҥ кулууппутун “Ыччакка анаммыт олох”, “Улуу бэйээт Музата” быыстапкалар, “Е.В. Ноговицына мэтириэттэрин галереята” – оскуола үөрэнээччилэрин уруһуйдара, “Үүттээх чаай барахсан” фотозона олус киэргэттилэр, бары кыттыылаахтары, ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Үөрүүлээх чааһы оскуола дириэктэрэ Ильин Е.В. дакылаатынан саҕалаата. Ыытыллыбыт күрэхтэр түмүктэринэн кыайыылаахтар наҕараадаланнылар. Евгения Васильевна кыра кыыһыгар педагогическай үлэ ветераныгар Наумова Саргылана Петровнаҕа Нам орто оскуолатыгар 25 сыл география учууталынан үлэлээбиккэ “Почетный ветеран школы” бэлиэ туттарылынна. Салҕыы Нэһилиэк аҕа баһылыга Кардашевскай А.И., улуус ветераннарын советын председателэ Чычахов И.Е. тыл эттилэр, элбэх ыалдьыттар учууталларын туһунан истиҥник санаан ахтан аастылар. Евгения Васильевна сахалыы ас пропагандиһа, олус минньигэс астаах, элбэх ыалдьыты күндүлүүр мааны хаһаайкатын туоһутун нэһилиэк түмсүүлэрэ уонна тэрилтэлэрэ кэлбит ыалдьыттары айах тутан күндүлээтилэр. Ону таһынан, Евгения Васильевна Нам нэһилиэгэр аан бастакыннан сахалыы таҥаһы пропагандалаабыт киһи диэн ахтан-санаан, тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан анаан-минээн норуот маастара Попова Варвара Юрьевна кэлэн бэйэтин үлэлэрин көрдөрбүтэ сыананы уратытык киэргэттэ. СР культуратын туйгуна Иванова С.И. салайааччылаах “Сааскылаана” образцовай үҥкүү ансамблын толоруутугар үҥкүүлэр, Намнааҕы сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин музыкальнай номердара биэчэри тупсаран, ситэрэн биэрдилэр. Түмүккэ Саргылан Петровна Наумова төрөппүттэрин туһунан ахтыыта, Нам нэһилиэгин олохтоохторугар махтала олус долгутуулаах буолла.