Олунньу 13 күнэ – Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ

Нам нэһилиэгэ сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.

П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын учууталлара “Сахалыы дьыктаан” аахсыйаҕа кыттан Софрон Данилов “Барымаҥ даа, кубалар” айымньытынан бэйэлэрин билиилэрин тургутан көрөөрү дьыктаан суруйдулар, “Бастыҥтан бастыҥ”, “Бастыҥ суруксут” туоһу суруктарын туттулар. Дьыктааны аахта оскуола бибилэтикэрэ Петрова Мария Гаврильевна.

Оскуола оҕолоругар “Таптыыр сахам тылынан” диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олимпиада буолла. 4 “а”, “б” кылаастар оскуола иһигэр, атын кылаас үөрэнээччилэрэ дьиэлэриттэн олорон, уопсайа 36 оҕо толордулар. Былырыын бу күрэххэ Нам орто оскуолатын үөрэнээччитэ Хобусарова Вера өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 миэстэ ылары ситиспитэ.

Сылын аайы ыытыллар “Аман өс” тэрээһиҥҥэ быйыл хамсык мэһэйдээн үс оҕо дьиэлэриттэн олорон кытыннылар, ол курдук Пестряков Харысхан 9 кылаас, Иванова Ксения 6 кылаас, Андреев Аркадий 5 кылаас үөрэнээччилэрэ. Үс түһүмэхтэн турар күрэххэ оҕолор сахалыы тылынан бэйэлэрин санааларын этинэллэр, ийэ тылларын сөпкө тутталларын тургуталлар. Түмүккэ Пестряков Харысхан 9 кылаас кыайыылаах таҕыста. Тэрээһини саха тылын учуутала Аввакумова Сардана Леонидовна ыытта.