


П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Семенова Саргылана Максимовна, уһуйааччы Васильева Александра Андреевна) Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим “Голос Олонхо” диэн аудиобырайыакка кыттыстылар. Саха уһулуччулаах суруйааччыта Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан аахтылар. Истиҥ, сэргээҥ, дуоһуйуҥ!
