Ааспыт сылбыт түмүктэрэ

Эргэ Саҥа Дьылы көрсө, тохсунньу 13 күнүгэр А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр улахан суолталаах түгэн — ааспыт сылы түмүктүүр уонна саҥа кэмҥэ соруктары туруорар көрсүһүү буолан ааста. Бу ситиһиллибит кыайыылары ырытарга уонна нэһилиэкпит олохтоохторугар көхтөөх позицияларын, уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйөөбүттэрин иһин махтал тылларын этэргэ үчүгэй түгэн буолла.
Нэһилиэк баһылыгын Кардашевскай А.И. тыл этиитэ киэһэ сүрүн түгэнинэн буолла. Кини дьаһалта ааспыт сыллааҕы үлэтин туһунан сиһилик отчуоту билиһиннэрдэ. Баһылык сүрүн ситиһиилэри бэлиэтээтэ, ол иһигэр инфраструктураны тупсарыыга, социальнай эйгэни сайыннарыыга уонна култуура үгэстэрин тутуһууга улахан болҕомто уурулунна. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар пааматынньык, ыһыах ыһар Обуоһа алааһа тупсарыыларыгар, сынньалан зоната, Даркылаах уонна Тобуруокап ыллыгынан уот тардыыта, Лөкөй уулуссата оҥоһуутугар, куонкурстарга кыайан үбүлээһини ситиһии буоларын тоһоҕолоон эттэ. Түмүккэ, анал байыаннай дьайыылар түмүктэнэллэригэр уонна инникитин дьон-сэргэ этэҥҥэ олорорун хааччыйыыга баҕа санаатын тиэрдэрэ ураты болҕомтону ылла.
Ону таһынан, олохтоохтор уонна ыалдьыттар Намнааҕы бибилэтиэкэ Таайтарыылаах таҥха уонна саҥа кэлбит кинигэлэрин быыстапкатын сэргээн көрдүлэр.
Ааспыт 2025 сыл түмүктэринэн Бастыҥ тэрилтэ аатын П.Н. Тобуруокап аатынан орто оскуола (салайааччы Ильин Е.В.), Бастыҥ түмсүү – Намыына түмсүү (салайааччы Петрова А.С.), Бастыҥ түөлбэ – Булуҥ түөлбэтэ (салайааччы Бельды Л.Р.), Тыа хаһаайыстыбатын сыл Бастыҥ тэрийээччитинэн – СХПК “Сайдыы” (салайааччы Колтовской А.А.), Бастыҥ спортсмен – Антонина Аввакумова, нэһилиэккэ ыытыллар араас хабааннаах тэрээһиннэр көхтөөх кыттыылааҕа Ирина Бетту номинациялары туттулар, бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Тэрээһин олохтоох айар кэлэктииптэр кыттыылаах чаҕылхай кэнсиэринэн доҕуһуолланна. Олохтоохтор ырыалары иһиттилэр, үҥкүүлэри көрдүлэр, ону кытта дьикти фокустары көрдөрдүлэр. Бырааһынньык бу култуурунай чааһа норуот үгэстэрин харыстыыр уонна нэһилиэкпит уратытын өйүүр суолталааҕын өссө төгүл бигэргэттэ.
Ити курдук, бу тэрээһин биһиги түмсүүбүт сайдыытыгар биир суолталаах түгэн буолла, дьаһалта уонна олохтоохтор нэһилиэги өссө тупсарар уонна олорорго табыгастаах оҥорор туһугар биир сомоҕо буоллулар.
Эргэ Саҥа Дьылынан!!!