Саамай күндү бэлэх – кинигэ

Нэһилиэкпит библиотекатыгар Ольга Алексеевна Иванова бэйэтин уһулуччулаах аҕатын туһунан кинигэни бэлэх туттарда. Бу олус истиҥ уонна үтүө көҕүлээһин буолар. Кинигэ үлэтинэн-хамнаһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар ситиһиилэринэн киэҥник биллибит, Саха АССР чөмпүйүөн оҕуруотчута, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар хабалыардара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Нам нэһилиэгин ытык киһитэ, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Алексеев Алексей Лазаревич сырдык кэриэһигэр ананар.

Бу бэлэх библиотека пуондатын байытыаҕа уонна элбэх киһи биһиги дойдубут сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит ытык киһи олоҕун суолун кытары билсэригэр кыах биэриэҕэ. Кыра кыыһа Светлана Алексеевна Наумова-Сырдыкаайы хомуйбут ахтыылара кэлэр көлүөнэҕэ бэриллэр дьиэ кэргэн үгэстэрин уонна сыаннастарын суолтатын өссө төгүл бигэргэтэллэр. Бу — дьиэ кэргэн устуоруйатын уонна Саха сирин култуурунай баайын (нэһилиэстибэтин) харыстааһын кэрэ холобура буолар.

Ити курдук, бу үтүө быһыы көлүөнэлэр ситимнэрин уонна өбүгэлэрбит үлэтигэр, үтүө өҥөтүгэр ытыктабылы көрдөрөр. Алексей Лазаревич оҕолоругар, аймахтарыгар маннык үтүө дьыалаларын уонна биһиги дойдубут уһулуччулаах дьонун аатын-суолун үйэтиппит кинигэлэрин бэлэх ууммуттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.