Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин сылын арыйыы туһунан

2026 сыл олунньу 7 күнүгэр Намнааҕы Культура дьиэтигэр Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин сылын арыйыыга анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бырааһынньык нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар үҥкүү уонна ырыа күрэҕин быһыытынан олус интэриэһинэйдик ыытылынна.
Культура дьиэтин саалата көрөөччүнэн кырылаччы туолла. Бу дьон-сэргэ бырааһынньыктааҕы тэрээһини күүтэрин, интэриэһэ олус үрдүгүн көрдөрдө. Тэрээһин саҕаланыытыгар мустубут дьон Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна улуус өрөгөй ырыаларын тураарын ытыктабыллаахтык иһиттилэр.
Салгыы тыл нэһилиэк баһылыгар Александр Иннокентьевич Кардашевскайга бэрилиннэ. Кини кыттааччылары уонна ыалдьыттары истиҥник эҕэрдэлээтэ, бырааһынньыгы тэрийиигэ уонна бэлэмнээһиҥҥэ актыыбынайдык кыттыбыт дьоҥҥо махтал биллэрдэ. Баһылык инникитин былааннаммыт бырайыактар туһунан кэпсээтэ уонна олохтоохтору олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаларга (ППМИ) актыыбынайдык кыттарга ыҥырда.
Салгыы Пётр Тобуруокап аатынан түмэл-уһаайба салайааччыта, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Егорович Чычахов тыл ылла. Кини эҕэрдэтин долгутуулаахтык саҕалаан, тэрийээччилэргэ уонна кыттааччыларга махталын тиэртэ. Уонна бэйэтин айбыт хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ.
Ыытааччылар Лия Семеновна Васильева уонна Розалина Михайловна Бурнашева мустубут көрөөччүлэргэ бырагыраама ис хоһооно баайын уонна кыттааччылар бэлэмнэниилэрин таһыма үрдүгүн иһитиннэрдэ. Күрэххэ барыта түөрт хамаанда кытынна:
1) “Кэнчээри” уһуйаан;
2) П. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата;
3) “Сайдыы” тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын кээпэрэтиибэ (ТХБК);
4) Олохтоох дьаһалта холбоһуктаах хамаандата (манна киирэллэр: түмэл, библиотека, ОДьХ (ЖКХ) уонна участковай балыыһа).
Күрэх бастакы түһүмэҕэ үҥкүү толоруута этэ. Бастакынан “Сайдыы” СХПК хамаандата чаҕылхай саха үҥкүүтүн көрдөрдө. Онтон салгыы “Кэнчээри” уһуйаан үлэһиттэрин хамаандата уопуттаах хореограф Татьяна Николаевна Томская туруоруутугар Калмык норуот үҥкүүтүнэн таҕыста. Бу үҥкүү чопчулаах хамсаныылара уонна толорууларын эниэргийэлэрэ көрөөччүлэргэ улахан сэргэхситиини таһаарда.
Дьаһалта үлэһиттэрин холбоһуктаах хамаандата чороонноох, дэйбиирдээх сахалыы үҥкүүнү көрдөрдүлэр. Онтон, оскуола хамаандата чаҕылхай уонна иэйиилээх нуучча норуотун үҥкүүтүн толорон, сцена киэргэлэ буоллулар.
Иккис түһүмэххэ ырыаһыт талааннар күрэхтэстилэр. “Сайдыы” СХПК эр дьон ансаамбыла баяҥҥа Семен Колтовскай оонньооһунун доҕуһуолунан “Ферма кыргыттара” ырыаны толорон, мустубут дьону үөртэ. Оттон уһуйаантан Евдокия Гаврильева-Кырсаада бэйэтин ырыатын толоруута олус өйдөнөн хаалла.
Олохтоох дьаһалта холбоһуктаах хамаандатыттан Людмила Николаевна Кардашевская солистаах хор “Умнумаҥ” диэн ырыаны толоруутугар саала дьоно тураарын истибиттэрэ олус долгутта. Онтон оскуолаттан Нууралдьыйа Тагы “Сахам Сирэ” ырыаны чаҕылхайдык уонна иэйиилээхтик толорон, көрөөччүлэри дьиҥнээхтик үөрдэн-көтүтэн, улахан биһирэбили ылла.
Күрэх үһүс түһүмэҕэ өй-санаа викторинатынан ыытылынна. Манна хамаандалар үөрэхтээһин тиэмэтигэр ыйытыыларга билиилэрин көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн жюри кыайыылаахтары маннык быһаарда:
1 миэстэ – “Кэнчээри” уһуйаан
2 миэстэ – Нам орто оскуолата
3 миэстэ – олохтоох дьаһалта холбоһуктаах хамаандата.
Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин Анал ааты “Сайдыы” СХПК ылыан ылла.
 Ол эрээри, сүрүн түмүк – нэһилиэк олохтоохторо биир сомоҕо буолан сүрүн сыал тула түмсүбүттэрэ. Маннык тэрээһиннэр уопсай Арассыыйатааҕы сыаннастары бөҕөргөтүүгэ уонна уопсастыбаны сомоҕолооһуҥҥа улахан суолталаахтар.
Нэһилиэк баһылыга бэйэтин кэллэктиибин кытары ырыа-үҥкүү күрэҕэр көхтөөхтүк кыттыбытын чорботон бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини бу дьаһалынан, дьон сомоҕолоһуутугар төһө улахан болҕомтотун уурарын бэйэтин холобурунан көрдөрдө.
Бары кыттааччылар талааннарын үллэстэр ис сүрэхтэн баҕа санаалара киэһээни умнуллубат гынна.

Анастасия Харлампьева