Олунньу 13 күнэ, Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ, дойдубутугар Саха тылын, сурук-бичик күнүнэн биллэриллэн, Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан култуура дьиэтигэр араас дабааннаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Бу күн төрөөбүт тылга, чугас дьоҥҥо бэринии күүһэ, таптала уонна ытыктабыла мустубут курдук олус истиҥ уонна дууһалыын долгутуулаахтык ааста.
Киэҥ-куоҥ, сып-сырдык саалабытын Намнааҕы М.С. Романов аатынан библиотека Үөһээ Бүлүү улууһа уонна уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэлбит И.Н. Барахов, ону тэҥэ Төрөөбүт тылбыт уонна сурукпут-бичикпит күннэрин чэрчитинэн кинигэлэр, матырыйааллар быыстапкалара киэргэттэ.
Күн сарсыарда “Сахалыы дьыктаан-2026” аахсыйаттан саҕаламмыта. Манна олохтоохторбут төрөөбүт тылларын табатык суруйар дьоҕурдарын тургутан көрбүттэрэ. Дьыктаан түмүгүн ааҕыыбыт, ким төрөөбүт тылыгар бэриниилээҕин, кыһамньылааҕын көрдөрдө. Бастыҥтан бастыҥ суруксут аатын Розалия Петровна Тарасова ылыан ылла. Быйылгы дьыктааҥҥа долганка Ирина Ивановна Бетту кыттыыны ылбыта ордук үөрдэр. Бу дьыктаан тылынан эрэ буолбакка, дууһабыт сиэркилэтэ буоларын өссө төгүл дакаастаата.
Күнүс алаадьы дыргыл сыттаах, кырыымпа аптаах тыаһынан доҕуһуоллаах ураты истиҥ эйгэлээх, баай ис хоһоонноох уустар быыстапка-дьаарбаҥкалара буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ кэрэни айааччылар мустан, бэйэлэрин уран тарбахтарын иэйиитин дьон дьүүлүгэр таһаардылар.
Быыстапка дьоһун кыттааччылара:
- Ытык Наммыт «Уран иэйии» түмсүүтэ — уран тарбахтаах маастардар оҕуруонан тигиилэрин, сиэдэрэй быысабай оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Хас биирдии үлэҕэ иэйии уонна тулуур угуллубута чахчы көстөр.
- Лука Николаевич Николаев — кини оҥорбут дьүрүскэн куоластаах кырыымпалара, муостан оҥоһуктара быыстапка киэргэлэ буоллулар. Төрүт музыкальнай инструменнарбытын сөргүтэр уус үлэтэ барыбытын үөрдэр.
- “Ситим” түмсүү — кылтан уонна сиэлтэн оҥоһуктара дьону сөхтөрдүлэр. Сиэлтэн өрүллүбүт сахалыы алпаабыт, сиэдэрэй дэйбиирдэр — бу дьиҥнээх искусство айымньылара!
- Прасковья Петровна Спиридонова (Балаҕаннаах) — сахалыы оҕуруо киэргэллэрин арааһын таһаарбыт. Кини үлэлэрэ нарыннарынан уонна мааныларынан дьон хараҕын ордук тарттылар.
- Екатерина Васильевна Прокопьева (Кэнтик) – түүлээҕинэн тигиллибит мааны саҕынньаҕа, сылаас бэргэһэлэрэ уонна үтүлүктэрэ саха киһитин таҥаһа төһө баайын уонна кыраһыабайын өссө төгүл бигэргэттилэр.
• Галина Саввична Таркаева (Кэнтик) — Үөһээ Бүлүү норуотун туос маастар оҥоһуктара бу быыстапканы олустук киэргэттилэр.
Бу дьаарбаҥка нөҥүө биһиги төрүт үгэстэрбит тыыннаахтарын, уустарбыт талааннара сыл аайы арыллан иһэрин көрдүбүт. Кыттыыны ылбыт бары уустарбытыгар, талааннаах дьоммутугар барҕа махтал буоллун!
Киэһэ сахалыы тыыннаах концерт буолла. Бичийэ түмсүү хоһоонньуттара хомус тыаһынан арыаллатан ис киирбэх ааҕыыларынан концерт саҕаланна. Салгыы “Күнчээн”, “Сааскылаана”, “Кыталыына” – оҕолор, “Сарыада” үҥкүү бөлөхтөрө уонна “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын коллектива толорууларыгар үҥкүүлэр көрөөччү сэҥээриитин ыллылар. Хомус тыаһа, тойуктар, оһуохай, сахалыы ырыалар кулууп истиэнэтин иһинэн тарҕанан киһи дууһатын таарыйдылар.
Бу күнү биһиги төрөөбүт тылбыт, култуурабыт уонна былыргы үгэстэрбит күүһүн, кэрэтин өссө төгүл билбиппит. Олохтоохтор биир санаанан сомоҕолоһон, биир кэлим буолан, кэнчээри ыччаппытыгар хаалларарбыт наадатын өйдөөбүппүт.
Саха тыла үйэлэргэ умнуллубат гына чэчирии, сайда турдун!
Анастасия Харлампьева, Нам библиотеката
























