Нэһилиэкпит кулуубугар – “Наара Суох” пьеса премьерата

Бүгүн, кулун тутар 24 күнүгэр, ытык Наммытыгар, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр, Республикаҕа культура сылыгар, Россияҕа культура үлэһитин күнүгэр анаан, олохтоохтор күүстэринэн, олус бэлиэ, бэртээхэй культура тэрээһинэ буолан ааста.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам уонна Ороһу нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо В.Н. Абрахова туруоруутугар Саха народнай суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл суруйуутугар 5 хартыыналаах, 3 оонньуулаах “Наара Суох” пьесата дьону-сэргэни сөхтөрдө. Виктория Николаевна элбэх сыллаах сырата, уопута уонна төрөөбүт культуратыгар бэриниилээх үлэтэ, таптала бу айымньыны тыыннаахтык көрдөрөргө олук уурда.

Сүрүн оруолу толордо, Тамалакаан нэһилиэгин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Алексей Руфов. Иккис былааннаах оруолларга артыыс идэтэ суох, олохтоохтор кыттыбыттара пьесаны өссө киэргэттэ. Бу – улахан дьоҕур уонна хорсун быһыы. Кинилэр бэйэлэрин ис кыахтарын, иэйиилэрин сценаҕа таһааран оонньооһуннара – бу Виктория Абрахова салайааччы быһыытынан улахан кыайыыта, кини режиссер быһыытынан дьону арыйар дьоҕура. Ити “Наара Суох” курдук норуот таптыыр айымньытыгар артыыс уопута суох дьон кыттыыта, испэктээккэ дууһалаах, ыраас тыыны киллэрэр. Көрөөччүлэр сценаҕа бэйэлэрин ыалларын, доҕотторун, бииргэ үлэлиир дьоннорун көрөн, өссө чугастык ылыннылар.

Төрөөбүт нэһилиэкпит дьоно итинник талааннаахтарын, эйгэлээхтэрин көрөр олус кэрэ. Эһиги бары – нэһилиэкпит киэн туттуута буолаҕыт!

Түмүккэ, Виктория Николаевнаны олохтоох дьаһалта, улуус культуратын салалтата, ыраахтан-чугастан үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ, түмсүүлэрэ, дьүөгэлэрэ, аймахтара истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр, араас дьэрэкээн сибэкки дьөрбөлөрүн, бэлэхтэрин туттардылар.

Оруоллары оонньоотулар: Наара Суох – Алексей Руфов, Күндү Күлүүк – Антонина Иванова, Эриэн Бэргэһэ – Афанасий Руфов, Мыччыыкаан – Константин Николаев, Күтэр Бороҥкууйап – Кэнчээри Осипов, Байбарылаах Балбаара – Светлана Платонова, Балтараа Сирэй – Илларион Николаев, Кыҥнары Кэтириис – Василиса Шестакова, Баачыка – Антон Шишигин, Суон Суоппуйа – Юлия Никифорова, Ураанньык – Роман Хобусаров.